Саха сирин саамай эдэр хапытаана - Дүпсүнтэн сыдьааннаах!
Эдэр хапытаан Степан Владимирович Ушницкай 1995 сыллаахха бэс ыйын 25 күнүгэр Дьокуускай куоракка күн сирин көрбүтэ. Кини төрдүн-төбөтүн туһунан ааҕааччыларбар, ордук биир дойдулаахтарыгар дүпсүннэргэ, билиһиннэрэри наадалааҕынан ааҕабын.
Степан хос эһээтэ Платон Афанасьевич Ушницкай Дьокуускайдааҕы инородческай семинарияҕа уонна Казаннааҕы учуутал семинариятыгар үөрэммит. Казань куоракка үөрэнэр кэмигэр ыччат революционнай куруһуогар оччотооҕу өрөбөлүүссүйэлии өйдөөх-санаалаах устудьуоннар ортолоругар сылдьыбыт. 1906 сыллаахха дойдутугар кэлэн Нам училищетыгар сэбиэдиссэйдээбит уонна учууталлаабыт.
Демократическай өйдөөх-санаалаах учуутал тойоттору, кулаактары утары олохтоох бэчээт нөҥүө сирэйдэрин саралыыр ыстатыйалары суруйан, бэйэтигэр утары туруорар.
Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн 1924-1939 сылларга Дүпсүҥҥэ учууталлыыр.
Педагогическай үлэ маастара, уопуттаах методист П.А. Ушницкай саха оҕолоругар улуу нуучча тылыгар тапталы иҥэрэр, дорҕоонноохтук ааҕарга, ыраастык суруйарга үөрэтэр.
П.А. Ушницкай педагог быһыытынан 38 сыл үлэлиир, онтон 25 сылын – төрөөбүт Уус Алданыгар.
Платон Афанасьевич уола, Степан эһэтэ, оториноларинголог-быраас идэлээх Афанасий Платонович Ушницкай 1973-1987 сылларга СГУ медицинскэй факультетыгар преподавателинэн үлэлээбитэ. Кинини устудьуоннар үтүө санаалаах, принципиальнай, ирдэбиллээх учууутал быһыытынан ахталлара, кинини таптыыллара, ытыктыыллара. Хирург-оториноларинголог буолан преподавателлээбитэ уонна ЛОР-отделениеҕа үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Маннык үтүө дьон сыдьаана, сиэннэрэ Степан билигин Улуу Өлүөнэ Эбэбит устун өрө-таҥнары устар, кылгас сайыммытыгар дьоҥҥо наадалаах табаары, малы-салы тиэрдэр, кини эһэлэрин батан үлэтигэр бэриниилээх, чиэһинэй, эдэр киһиэхэ лоп-бааччы, оттомноох, киһи эрэ киэн туттар уола, оҕото, аҕата, кэргэнэ.
– Степан, эн Саха сиригэр саамай улахан хараабыл саамай эдэр хапытаана буолаҕын. Бу идэни талар санаа хаһан киирбитэй?
– Хаһан даҕаны өрүс пордун үлэһитэ буоларым туһунан баҕа санаам суох этэ, оҕо эрдэхпиттэн да оннук сыал-сорук турбатаҕа.
Оскуола кэнниттэн өрүс тырааныспарын институтугар киирэн хаалбытым, онтон бастакы практикам кэнниттэн бу идэни тута сөбүлээбитим. Быйыл хапытаан быһыытынан иккис сылбын уста бараары сылдьабын.
– Саамай улахан хараабыл (буксир) тугу үлэлиирий, туох таһаҕаһы ханна тиэрдэҕитий?
– Биһиги буксирбыт чуолаан Иркутскай уобаластан тутуу матырыйаалын тиэйэр. Быһа холоон биэс тыһыынча куб маһы тиэнэбит, ону таһынан Мохсоҕоллоохтон Ленскэйгэ диэри эмиэ биэс тыһыынча туонна кэриҥэ сиэмэнтэни (цемент) илдьэбит.
– Барыта хас киһи үлэлиирий, бары биир тылы булаҕыт дуо, саамай саастааххыт хастааҕый?
– Хараабылбытыгар биир кэмҥэ 12 киһи буолан үлэлиибит. Биһиги экипажпыт олус эйэлээх, бэйэлэрин дьыалаларын олус бэркэ билэр, идэлэригэр бэриниилээх дьон үлэлииллэр. Оттон биирдэ эмит тыл-тылга киирсибэт түгэн таҕыстаҕына, тута өйдөһөбүт, биир санааҕа кэлэбит уонна, биллэн турар, салгыы үлэлиибит.
Саамай саастаахпыт суудуна повара Алла Анатольевна, кини 60 саастаах, онон экипажпыт саамай аҕа, ытыктыыр киһитэ.
– Бэйэҥ тускунан кэпсиэҥ дуо, бу иннинэ ханна үлэлээбиккиний, хапытаан буоларга туох ирдэбил, хаачыстыба нааданый?
– Быйыл, ааҕан көрдөххө, 11-с навигациям. Бастакы навигациям 2013 сыллаахха практикант быһыытынан саҕаламмыта. Онно маннааҕар арыый кыра буксирга үлэлээбитим. Бастаан хас да сыл моториһынан үлэлээбитим, салгыы институппун бүтэрэн баран хапытааҥҥа 3-с көмөлөһөөччү буолбутум, онтон иккискэ көспүтүм уонна үс навигация хапытаан старшай көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитим. Онтон бу билигин үлэлиир буксирбар хапытаан буолбутум.
Хапытаан, бастатан туран, идэтин баһылыахтаах, дьаһалы, хамаанданы бэйэтин илиитигэр ыларыттан куттаммат, эппиэтинэстээх уонна кэлэктиибин кытта сыһыаны сөпкө олохтуохтаах. Бу саамай наадалаах ирдэбиллэр дии саныыбын.
– Барыта хас ый устаҕытый, саамай өйдөөн хаалбыт, умнуллубат түгэннэриҥ.
– Саха сиригэр навигация биэс ый курдук салҕанар. Быһа холоон ыам ыйын 25 күнүттэн саҕаланар уонна алтынньы 20 күнүгэр өрүс суола официальнайдык сабылларыгар тохтуубут.
Саамай өйдөөн хаалбыт, умнуллубат түгэмминэн, биллэн турар, хапытаан буолан баран бастакы үлэм күнэ этэ. Ааспыт сылга араас барыта буолбута, миэлтэн хаста да суудуналары босхолообуппут. Бу мин бастакы сүрэхтэниим этэ, манна, биллэн турар, мындыр өй, толкуй, сөптөөх хамаанда наада. Дьолго, барыта туох да быһылаана, алдьаныыта-кээһэниитэ суох этэҥҥэ ааспыта. Онон сезоммутун бэркэ саппыппыт. Бу маннык быһылааннарга да диэххэ сөп, түбэһиибит биһиэхэ, чуолаан миэхэ, эдэр киһиэхэ инникитин уруок буолара саарбаҕа суох. Маннык түбэлтэҕэ көмө, сүбэ-ама буолар дьонноохпуттан үөрэбин.
– Маршруккут уларыйар дуу, сыл аайы наар биир хайысханан айанныыгыт дуу?
– Былырыын биир эрэ маршрутунан сылдьыбыппыт, бу Иркутскай уобалас сүнньүттэн саҕаламмыта. Ол иннинэ атын буксирга үлэлээбитим, онно Өлүөнэ устун барытынан, боротуохаларынан, оннооҕор Алданынан, Бүлүүнэн устубуппут, сыл аайы маршруппут уларыйар этэ.
– Хапытаан буолан баран бастакы үлэҥ күнүн өйдүүгүн дуо, төһө долгуйбуккунуй?
– Биллэн турар, долгуйуу баар этэ, маны мин сөп дии саныыбын. Хайа киһи иччэлээх улахан хараабылы илиитигэр, эппиэтинэһигэр ылан баран долгуйбат буолуой. Уопсайынан, дуоһунаспар түргэнник киирбитим, онтон навигация бүтүөр диэри эрэллээхтик үлэлээбитим.
– Эн саастыы уолаттар сайынын киэһээҥҥи кулууптарынан, омук дойдуларынан күүлэйдииллэр, сири-уоту кэрийэллэр, оттон эн Өлүөнэ устун хаар түһүөр диэри үлэлиигин, устаҕын, өссө иннигэр турдаҕа. Үлэбин уларытыам, аҕыйах эрэ сыл сылдьыам дии саныыгын дуо?
– Бастакы сылларбар, алта-сэттэ навигацияҕа сылдьар кэммэр, үлэбин уларыппыт киһи дуу диэн санаалар киирэллэрэ. Тоҕо диэтэххэ сайыҥҥы сылаас күннэргэ эн куораттан олох кый ыраах үлэлии сылдьаҕын, буолаары буолан аһаҕас өрүскэ, доҕотторгун, чугас дьоҥҥун кытта көрсүбэккин, ыйы-ыйдаан сүтэҕин, сороҕор сибээһэ да суох сиргэ тиийиэххин сөп. Онтон үөрэнэн, идэбин сөбүлээн, кэнники икки-үс сылга итинник санаалар, кыһалҕалар сүттүлэр. Билигин, үөрэнэн, атыны, ол туһунан толкуйдаабаппын даҕаны.
Үлэбин уларытыам диэн санаалар билиҥҥитэ киирбэттэр, салгыы көстөн иһиэҕэ.
– Дьиэ кэргэниҥ төһө өйүүрүй, бука, оҕоҕун, дьоҥҥун ахтарыҥ аҕай буолуо дии.
– Биллэн турар, дьонум олус күүскэ өйүүллэр, ордук бастакы хапытаанныыр навигациябар өйөбүллэрин эппинэн-хааммынан билбитим, ол миэхэ ордук күүс-уох биэрбитэ, кынаттаабыта. Ыйы-ыйдаан көрбөт дьоммун, оҕобун наһаа ахтабын, суохтуубун. Хайыыр да кыахпыт суох, үлэм буоллаҕа, чугас дьонум бары ону өйдүүллэр уонна ылыналлар.
– Үлэҕэр саамай улахан эппиэтинэстээх киһигин. Аттыгар уопуттаах дьон бааллар дуо, арай олох мунаарар боппуруостаах буол, ким сүбэлиирий?
– Аттыбар улахан уопуттаах, сырыыны сылдьыбыт дьон бааллар. Мэхээньигим уонна хапытаан старшай көмөлөһөөччүтэ. Кинилэри кытта араас уустук боппуруостары дьүүллэһэбит, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэбит, онон барыбытыгар да үлэлиирбитигэр чэпчэки. Кинилэр сүбэлэрэ, кэмигэр ыйан-кэрдэн биэрэллэрэ миэхэ олус суолталаах, онон экипажпар махталым улахан.
– Кыһын устата үлэҕин ахтаҕын дуо?
– Ахтабын, саас чугаһаата да, олунньу ыйтан эҥин хайдах эрэ навигациябын суохтуубун, күүтэбин. Билигин хонукпун ааҕа сылдьабын, чугаһаатаҕын аайы сүрэҕим өрө мөхсөрө биллэр, долгуйа кэтэһэбин.
– Олохторун өрүһү, муораны кытта сибээстиэн баҕалаах эдэр оҕолорго тугу баҕараҕыаҥ, сүбэлиэҥ этэй, саамай улахан ирдэбил тугуй?
– Эдэрдэргэ баҕарыам этэ барыта табылларыгар, бу идэни эрдэттэн сыал-сорук оҥостон, кытаанах, тостубат майгылаах буолалларыгар, уонна, биллэн турар, саамай суолталааҕа кимниин үлэлиириҥ, ханнык суудунаҕа бастакы практикаҕын барарыҥ. Тоҕо диэтэххэ эдэр дьон үлэлээбэккэ хаалар, сөптөөх практика ылбат түбэлтэлэрэ баар, онтон олус элбэх тутулуктаах. Онон эдэр дьон үчүгэй экипажка түбэһэргитигэр, салгыы карьера үктэлин дабайаргытыгар баҕа санаабын этэбин.
– Ааҕааччыларга тугу этиэҥ этэй.
– “Киин куорат” хаһыат ааҕааччыларыгар, Сахам сирин дьонугар саамай кылаабынайа дьолу, доруобуйаны, бигэ олоҕу уонна бары сыалларын, ыра санааларын олоххо киллэрэллэригэр баҕарабын.
– Степан, быыс булан кэпсэппиккэр махтанабын, кырдьык да эн эдэр киһи маннык хорсун санаалаах, ылыммыт эбээһинэскин чиэстээхтик сүгэ сылдьаргынан киэн туттабыт. Инникитин эн аатыҥ ааттанан, бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьоно, биир дойдулаахтарыҥ билэр, сэргиир, удьуордарыҥ курдук кэпсээн оҥостор биллэр-көстөр, убаастанар киһи буола үүнэргэр, сайдаргар баҕарабын.