Саха сирин олохтоохторо Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпискэ «Судаарыстыбаннай өҥөлөр» портал нөҥүө кыттыахтарын сөп
Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри ыытыллар, биэрэпискэ «Судаарыстыбаннай өҥөлөр» портал нөҥүө кыттыахха сөп.
Итиниэхэ сайтка авторизацияланыахха уонна «Пройти перепись населения» өҥөнү талыахха наада, итиннэ бэйэлэрин эрэ буолбакка, биир дьиэҕэ олорор дьону барыларын суруйуохтарын сөп.
Итини сэргэ биэрэпис учаастактарыгар, «Мои документы» офистарыгар уонна биэрэписчиктэр көмөлөрүнэн суруйтарыллар. Дьокуускай уокуругар уон куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар, аҕыс уокуруктар уонна икки дьоҕус оройуон киирэллэр, манна 104 учаастак үлэлиэҕэ.
«Биэрэпис түмүктэрэ – ураты суолталаах информация, кини куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ, бүтүн дойдуга сайдыы сүрүн хайысхатын чопчулуурга көмөлөһүөҕэ. Ылыллыбыт дааннайдарга олоҕуран инники былааннар, куорат сайдыытын социальнай-экономическэй стратегията оҥоһуллуохтара, социальнай тэрилтэлэр тутуулара былааннаныаҕа», – диэн кэпсээтэ Уокуруктааҕы дьаһалта территориялары кытта үлэлиир Департаменын начаалынньыгын солбуйааччы Светлана Кармадонова.