Саха сирин кыһыл көмүс номоҕо
Социалистическай Үлэ Дьоруойа, биллэр-көстөр судаарыстыбаннай деятель Тарас Гаврилович Десяткин аата үйэлэргэ хаалыа турдаҕа. Ол туоһутунан өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Саха сирин промышленнаһа сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрсибит, бу салааны саҕалааччылартан биирдэстэрэ Тарас Десяткиҥҥа пааматынньык арыллыыта буолла.
“Кини чахчы да номоххо кэпсэнэр киһи, Саха сирин биир саамай тутаах салааларыгар үлэлээбитэ, бэйэтин кэмигэр, бастатан туран, чох промышленнаһын өрө таһаарбыта, онтон алмааһы хостуур промышленнаска үлэлээн, эдэр сааһыгар “Мир” карьеры үлэлэтэн ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреатынан буолбута. Тарас Гаврилович “Якутзолото” производственнай холбоһугун тэрийбитэ, кини салалтатынан бу тэрилтэ Саха сиригэр эрэ буолбакка, промышленнас сайдыытыгар дойдубут биир инники флагмана буолбута. Олус кылгас кэмҥэ, 1972-1976 сылларга Саха сиригэр көмүһү хостооһун 10%-тан тахса үрдээн 36 туонна хостоммута”, – диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев пааматынньыгы арыйыы үөрүүлээх тэрээһинигэр мустубут дьоҥҥо туһаайан эттэ.
Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Тарас Гаврилович бу салааҕа эрэ буолбакка, көмүһү хостуур промышленнас баар оройуоннарыгар социальнай эйгэ сайдыытыгар олус элбэҕи оҥорбута.
Ол курдук, Десяткин ювелирнай промышленнаһы төрүттээбитэ уонна промышленнаһы пропагандалаан олохтоох каадырдары ыҥыран, угуйан үлэҕэ ылаттаабыта.
“Тарас Гаврилович Десяткин курдук салайааччылаах, кини үлэтин салҕааччылар баар буоланнар, аҥаардас кэнники түөрт сылга өрөспүүбүлүкэбит эдэр дьоно “Олохтоох каадырдар – промышленнаска” бырайыагынан 36,5 тыһыынча кэриҥэ ыччат өрөспүүбүлүкэбит сиригэр-уотугар промышленнай тэрилтэлэргэ үлэлии киирдилэр. Саха норуотун биир улуу киһитэ, чаҕылхай уолун сырдык аата биһиги сүрэхпитигэр куруук тыыннаах буолуо”, – диэтэ Ил Дархан.
Бу күн биллэр-көстөр судаарыстыбаннай деятели, промышленнас тэрийээччитин кини урукку кэллиэгэлэрэ, аймахтара уонна өрөспүүбүлүкэ салалтата мустан кэриэстээн, ахтан-санаан аастылар.
Тарас Гаврилович Десяткин 1976 сылтан “Якутзолото” производственнай холбоһук генеральнай дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кини 20 сыл салайан кэлбит кэмигэр “Якутзолото” дойдуга биир инники сылдьар хампаанньа буолбута. Кини аатын кытта хорҕолдьун уонна сурьма хостооһуна ыкса сибээстээхтэр. 1991 сылга Десяткин “Золото Якутии” ювелирнай-производственнай хампаанньа генеральнай дириэктэринэн анаммыта. Өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан хаста да талыллыбыта.
Көмүс хостооһунун историята
Сахабыт сиригэр бастакы көмүстээх сири Алдан булчута Михаил Прокопьевич Тарабукин Незаметнай диэн үрэххэ булбута. Бу сир көмүстээҕин Вальдемар Петрович Бертин бигэргэтэн, көмүс хостуур бастакы үлэ артыалын тэрийбитэ.
1924 сыл саҕаланыытыгар өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатынан “Ягзолото” диэн Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай көмүһү хостуур трест арыллыбыта, бастакы дириэктэринэн Егор Никитович Харитонов анаммыта. Бу кэмтэн ыла Саха сирин сиригэр-уотугар судаарыстыбаннай көмүһү хостуур кэм ааҕыллыбытынан барбыта.
Саха сиригэр көмүһү хостуур промышленнас таачыкаттан, лотуоктан саҕалаан оҥорон таһаарар, көмүһү сууйар үрдүк тиэхиньикэнэн, сири хаһар, үүттүүр үрдүк күүрүүлээх массыыналарынан, фабрикаларынан, руданы оҥорон таһаарар аныгы технологияларга диэри сайдан баараҕай үлэни оҥорон кэллэҕэ.
70-80-с сылларга көмүһү хостуур промышленнас дохсуннук сайдан барбыта. Бу сылларга олохтоох техническэй үлэ сүрүн салааҕа кубулуйбута. Ол курдук бөдөҥ үлэ тэрилтэлэрэ баар буолбуттара – Сарылаахтааҕы хайаны байытар комплекс, манна сурьманы хостууллара уонна таҥастыыллара, Аллараа-Кураанахтааҕы көмүс фабриката аныгы технологиянан саҥардыллыбыта, Депутатскайга сылга 5,5 туонна хорҕолдьуну хостуур комбинат үлэлиирэ. Бу сылларга Нежданинскай рудник уонна Нерскэй, Хатыҥнаах, Адычанскай саҥа бириискэлэр тутуллубуттара. Сылга 35-36 туонна курдук кыһыл көмүс хостонон биир улахан, баараҕай көрдөрүү буолбута.
Дьиэ кэргэнэ
Тарас Гаврилович Десяткин — чахчы да номоххо киирбит кһи буолар, кини аата Саха сирин промышленнаһын көмүс, алмаас уонна ювелирнай историятыгар кыһыл көмүс буукубанан суруллуон суруллар.
Тарас Гаврилович 1928 сыллаахха муус устар 26 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Төҥүлү сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһын уонна төрөппүттэрин туһунан 2013 сыллаахха кэпсээбитин быһа тардан бэчээттиибит.
— Мин төрөөбүтүм кэннэ биһиги дьиэ кэргэн Уус-Майаҕа көспүппүт, ол кэннэ Дьокуускайга. Ийэм – Анастасия Павловна, оччолорго Саха тыйаатырын биллиилээх артыыһа, солиһа Тарас Местников бииргэ төрөөбүтэ этэ. 1937 сыллаахха, 29 сааһыгар, төрүүр дьиэҕэ тымныйан олохтон туораабыта. Аҕам Гаврил Романович Десяткин эмиэ эрдэ, 58 сааһыгар өлбүтэ. Сүрэҕэр ноҕорууската охсон буолуо. Оттон хос эһэм Иван Десяткин (“Ньыллах”) 105 сыл олорбута.
Аҕабын олус убаастыыр уонна кининэн киэн туттар этим: кини олус боростуой, ис киирбэх киһи этэ, сахаҕа балачча уһун уҥуохтаах (1 миэтэрэ, 85 см), олус күүстээҕэ, кыанара. 1928-1929 сылларга кини Мэҥэ бойобуой дружинатыгар киирбит, ол Рахматуллин баандатын (Боссоойко) суох оҥорбут, онон аҕам бу дружинаҕа биир хорсун байыаһынан биллибит. Төһө да кытаанах, уустук кэмнэр буоллар, аҕам иһигэр романтик эбит, – үс уолугар таптыыр дьоруойдарын аатын биэртэлээбит: Тарас – Тарас Бульба чиэһигэр, Спартак – Рим хамначчыттарын бастаанньатын салайааччыта уонна Феликс – Дзержинскэй чиэһигэр. 1932 сыллаахха аҕам Дьокуускайга милииссийэҕэ көһөрүллүбүтэ, онно инспектордаабыта, старшай опердаабыта, онтон биэнсийэҕэ тахсыар диэри Дьокуускай куорат пааспарын остуолугар начаалынньыктаабыта.
Бэлиэтээн эттэххэ, Гаврил Романович Десяткин туһунан “На боевом посту” диэн хаһыакка элбэх ыстатыйа тахсыбыта, кини Бойобуой Кыһыл Знамя, Кыһыл Сулус уордьанынан, “За боевые заслуги” мэтээлинэн, о.д.а. наҕараадаламмыта.
Уралга үлэлээн баран дойдутугар төннөн кэлиитэ
Тарас Десяткин 1948 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрэн баран Магаданнааҕы горнай техникумҥа үөрэнэ киирбитэ уонна туйгуннук бүтэрбитэ. Ол кэннэ 1953 сыллаахха Ленинградтааҕы горнай институкка үөрэммитэ.
Саҥа үлэлээн эрэр сэмэй, ол эрэн дьүккүөрдээх уолчаан чох промышленнаһын үлэтин бары ыараханын билбитэ. 1954 сыл тохсунньу ыйга Уралга чох шахтатыгар хайа маастарынан ананан барбыта. Аныгы тэрилтэлэргэ уопут ылан баран, төрөөбүт дойдутугар “Кангалаастааҕы чох руднига” шахтаҕа кылаабынай инженер дуоһунаһыгар үлэлээбитэ. Ол кэннэ “Дьабарыкы-Хайа” шахтатыгар кэлбитэ, онно Тарас Гаврилович салалтатынан уонна көҕүлээһининэн уларытыы-тэлэритии оҥорон аныгы механизированнай тэрилтэҕэ кубулуйбута, “Эльконка” рудник “Алданслюда” комбината буолбута, оттон 1961 сыл от ыйыгар инникилээх инженер алмааһы хостуур салааҕа көһөрүллэн “Якуталмаз” трест Мииринэйдээҕи руднигар кылаабынай инженер дуоһунастаммыта.
«Якутзолото» тэрилтэ туһунан
Саҥа салайааччы кэлиэҕиттэн тэрилтэ күндү тааһы хостооһуна быдан үрдээбитэ, тэтимирбитэ, оччолорго эдэр үлэһит “Мир” трубка алмаастаах сирин хостооһунун иһин Судаарыстыбаннай бириэмийэ бочуоттаах лауреата буолбута.
Бу салаа сайдар суолга турбут уонна бастакы эрэллээх хардыыларын оҥорбут кэмэ этэ. Тарас Десяткин уустук, бириинчик үлэтэ былааннаахтык ыытыллыбытын түмүгэр, кэлэктиип сыыйа-баайа саҥа технологияны туттан уонна баһылаан испитэ. Ол түмүгэр карьер дойду үрдүнэн механизация таһымыгар бастакы миэстэ буолары ситиспитэ.
Кылгас кэм иһигэр Тарас Гаврилович биир уопуттаах горняк буола түспүтэ, ол иһин ССРС өҥнөөх металлургиятын Министиэристибэтин бирикээһинэн 1972 сыл тохсунньу ыйга кинини “Якутзолото” холбоһук – өрөспүүбүлүкэ көмүһү хостуур биир бөдөҥ тэрилтэтин дириэктэринэн анаабыттара. Бу кэмтэн ылата Сахабыт сиригэр көмүһү хостуур салаа үйэ чиэппэрин кэриҥэ албан ааттаах историята саҕаламмыта.
Ол курдук дьаныардаах, ырааҕы көрөр Тарас Гаврилович артыаллары “сэбиэскэй” оҥорбута, оттон руда хостонор сирдэригэр ураты болҕомтотун уурбута. Ол курдук 1974 сыллаахха дойдубут премьер-миниистирэ Алексей Николаевич Косыгин кэлбитигэр, Тарас Гаврилович үрдүкү ыалдьыттан улахан кыахтаах тиэхиньикэ көрдөөбүтэ, ол оннугар көмүс хостооһунун былаанын аһара толоруохпут диэбитэ. Бу эрэннэриитин Тарас Десяткин, биллэн турар, чиэһинэйдик уонна дьоһуннук толорбута.
Өрөспүүбүлүкэ промышленнаһа сайдыытын историятыгар уһулуччулаах кылаатын иһин Тарас Гаврилович Десяткин Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан икки төгүл, Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин уордьанынан, Ленин уордьанынан икки төгүл, “Шахтерскай слава” 1, 2, 3 истиэпэннээх бэлиэнэн, “Ювелирная Россия” мэтээлинэн, “Заслуженный металлург РСФСР” Бочуоттаах аатынан, Саха сирин уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина аатынан бэлиэтэммитэ. Социалистическай Үлэ Дьоруойа Тарас Десяткин аата 66,36 караттаах алмааска иҥэриллибитэ.