24.02.2024 | 16:00

Саха сирин күүстээхтэрэ, суон сурахтаахтара

Саха сирин күүстээхтэрэ, суон сурахтаахтара
Ааптар: Үүйэ Попова, социальнай ситимтэн
Бөлөххө киир

Боссоойко уонна Бараммат Байбал

Эллэ Туллавич Рахматулин – Боссоойко Павел Петрович Пинигинниин – Бараммат Байбаллыын табаарыстыы эбиттэрэ үһү. Икки бухатыыр дьон бэйэ-бэйэлэрин ытыктаһаллара. Боссоойко эдэр эрдэҕиттэн көргө-нарга, муҥхаҕа, урууга сылдьар идэлээх эбит.

Муҥхаҕа 3-4 бөдөҥ дьон куолаан охтороору гыннахтарына, саҕаларыттан ылан үрүт-үрдүлэригэр быраҕаттыыра үһү.

Бараммат Байбал Бодойбо бириискэтигэр мас кэрдээччинэн хас да сыл сылдьыбыт. Хайа да бэйэлээх суон, уһун бэрэбинэни ортотуттан ылан төһө эмэ ыраах сиргэ көтөҕөн, сүгэн илдьэрэ үһү. Кинини бириискэҕэ уһуннук мас үлэтигэр сылдьыбытын иһин, Тайҕа Уола диэн ааттаабыттар. Биирдэ кини Бодойботтон Дьокуускайга баран иһэн биир симиэбийэҕэ хоммут. Симиэбийэни көрөн олорор оҕонньор, элбэх киһи түмүстэҕинэ, мас тардыһыннарар идэлээх эбит. "Ок-сиэ, бу киэһэ талбыт курдук бэрт да эрэттэр мустубуккут! Уолаттарым мас тардыһан көрдөрүҥ эрэ",– диэн баран, оҕонньор маһы аҕалан уурбут. Бастаан ким да буолумматах. Арай Тайҕа Уола сөбүлэспит. Ол эрэн хас да киһи киирэн тардыһан көрбүт да, кинини хамнатар киһи көстүбэтэх.

 

Мас Мэхээлэ

Михаил Семенович Карамзин – Мас Мэхээлэ Бороҕон улууһугар 2-с Лөгөй нэһилиэгэр 1860 с. төрөөбүтэ. Ийэтэ Маарыйа диэн Курбуһах дьахтара олус күүстээҕэ эбитэ үһү. Остуоллаах Суорум диэн хос ааттааҕа. Аҕата Сэмэн диэн балайда обургу күүстээх киһи эбит. Бу икки күүстээх дьонтон 6 уол оҕо төрөөбүт. Барыларыттан убайдара Мэхээлэ уһулуччу күүстээх, улахан тустуук, үйэтигэр сүһүөхтээхтэн бүдүрүйбэтэх. Түөрт уон саастаах сылдьан куоракка Спиридонов атыыһыт уһаайбатыгар 25 буут ыйааһыннаах сымара тааһы көтөҕөн баран тэлгэһэҕэ хаама сылдьыбыт уонна сыҥаһа ороҥҥо илдьэн уурбут. Сыҥаах нэһилиэгин киһитэ Суккуруур Батас, Хороттон Бөҕө Лөкүө, Дүпсүнтэн Күүстээх Көөтөөн, Байаҕантайтан Бөҕө Ньукулааскы Мас Мэхээлэни кытта тустан, күүстэрин боруобалаһан кыайтарбыттарын туһунан номоххо кэпсэнэр.

 

Бөҕө Тараҕай

Бөҕө Тараҕай толору аата Прокопий Титович Брызгаев  диэн. Кини 1888 с. төрөөбүт уонна сааһын тухары Чурапчы Амматыгар Мырылаҕа, аатырар Тэбэр Хайа анныгар, олорбут. Бииргэ төрөөбүт үс ини-биилэр. Улаханнара Бөҕө Ньыыкаан, ортолоро Бөҕө Тараҕай, кыра уол Оччоох Өндөрөй диэн эбиттэр.

Дьокуускайга 1915 с. сайын 10 улуус бөҕөстөрүн түһүлгэтэ тэриллибит. Түһүлгэни аатырбыт атыыһыт Г.В. Никифоров-Манньыаттаах Уола көҕүлээбит эбит. Манна 40 чулуу бөҕөс мустубут. Хас да күн устата туһуннарбыттар. Маннык улахан тустууга Бөҕө Тараҕай биир да бөҕөһү тулуппатах. Хас кыайдаҕын ахсын Манньыаттаах Уола Бөҕө Тараҕайга биирдии кыһыл көмүс манньыаты туттаран испит. Мантан сылыктаан көрдөххө, ыраахтааҕы былааһын саҕана Бөҕө Тараҕай Саха сирин тустууга бастакы чөмпүйүөнэ буолбут эбит.

Күүстээх Уйбаан

Былыр Дүпсүн улууһугар Эрбэһин диэн сиргэ Иван Яковлевич Александров – Күүстээх Уйбаан диэн киһи үөскээн сылдьыбыт.

Кини орто уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх, көхсүгэр лөглөрүһэн көстөр сис балык эттэрдээх, мүлтүгүр соҕус сарыннаах, кэтэҕиттэн үргүлдьү түспүт суон сэтэлээх моойдоох, кытаанах, чиҥ, иҥиир-ситии курдук онон-манан үллэ сылдьар былчыҥнардаах, биир күдьүс бөкүнүк киһи эбит.

Биирдэ күһүн, сир харатыгар, убайа, икки быраата Эрбэһин куулатыгар, кыһын оттуохпут диэн, уокка оттор куруҥах маһы кэрдэн, долгучуок оҥорон бэлэмнээбиттэр. Хаар түспүтүн кэннэ убайа Сээбэс мас тиэйэ тахсыбыта, суолга биир суон тиит охто сытар эбит. Маны тумнан, тыанан солоон тиэйэн киирбит. Кэнники иккиһин тахсыбыта, били суолга охтубут суон тиитэ суох. Өйдөөн көрбүтэ, силистэри баҕастары тоҕо тардыллан, тыа диэки соһуллан сытар үһү. Бу быраата Уйбаан суола-ииһэ буолуон сөбүн сэрэйбит.

 

Күүстээх Куонаан

Конон Степанович Попов – Күүстээх Куонаан Дүпсүн улууһугар Чэриктэй нэһилиэгэр төрөөбүт киһи. Күүстээх Куонаан төрөөбүт аҕата Күүстээх Көөтөөн хайа да бэйэлээх хаҥыл сылгы көҕүлүгэр түһэн баран, умса баттаан букатын хамсаппата үһү уонна торбос курдук соһон хаһааҕа киллэрэрэ дииллэр.

Күүстээх Куонаан хаҥыл сылгы көҕүлүгэр түһэн баран, умса баттыы сылдьан суларын кэтэрдэрэ үһү. Бүтэй сиэрдийэтигэр ыбылы кэлгийэн туран ыҥыырдаан баран, ыарахан бэрэмэдэйдэри уураат, үрдүгэр олоро түһэр да барара үһү. Кытаанах илиигэ уонна ыарахан таһаҕаска кыаҕын ылларбыт сылгы сонно тута сымнаан, астаабыт таҥас курдук буолан хаалара дииллэр.

Кини кырата 100 кг ыйааһыннаах, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, суон моойдоох, кэтит сарыннаах таһаалаах, көҕүстээх, толору эттээх сирэйдээх, сырдык хааннаах оҕонньор эбитэ үһү. Аһыырыгар балай да моҕус эбит. Эти, балыгы бэркэ сиирэ үһү. Биир сылабаар чэйи олорон турара үһү.

 

Күүстээх Балбаара

Варвара Степановна Саввинова – Балтараа Балбаара Маамыра эмээхсин соҕотох кыыһа. Балбаара төрүт Хорула. Тас көрүҥэ уһаат курдук, моонньо саннын кытта күдүс түһэр, харылара кырыылаах, холун былчыҥа сутуругун тутуннаҕына балдар курдук бөлтөрүһэн тахсаллар, туох да киһитэ ону хомуру туппат эбит. Муҥура суох күүстээх дьахтар олорон ааспыт эбит Хорулаҕа. Былыргы ыал бэнсиин буочукатын тэһэн уу буочуката оҥостор, ону билэн көрбөккө аҥаар илиитинэн тутан, хомуоһу сыҕарытар курдук тутар-хабар, тарбахтара оннук иҥиирдээх дэгиттэр кыахтаах дьахтар үһү.

Арай биирдэ быраата Чоҕуллай Ньукулай Өрүүнэ уола: “Маспыт бүттэ, эдьиэй, биир массыына дьиэҥ таһыгар бэлэмнээр эрэ”,– диэбит. Ону быраатын: “Күүһүмсүйэҕин да маскын бэлэмнэммэккин”,– диэн сэмэлээн баран сөбүлэспит. Дьэ туран, тыраахтарынан оһорбо бөҕөнү состотторбут дьиэтин таһыгар. Ону начаас дуруусбанан эрбэтэн бэлэмнээн баран, быраатыгар илдьиттээбит. “Бэлэмнээтим маскын, кэлэн тиэн”,– диэбит. Ону тиэйэ суоппар Туола куруусчутунан Додохоптуун уонна Чоҕуллай бэйэтэ кэлбиттэр. УАЗ бортобуойунан. Ол курдук айаннаан кэлэн эдьиийигэр биир көлүһүөк кэһиитин киллэрэн биэрбит. Ону эдьиийэ ылан оронун баһыгар уурунан кээспит. Кэлбит дьон чэйдээн баран мастарыгар тахсыбыттар. Тахсан өөр баҕайы буолан баран улаханнык илистибит дьон киирэн сынньана олорбуттар. Ону көрөн Балбаара: “Хайа, барытын тиэйдигит дуо?”– диэбитигэр, Чоҕуллан: “Ээ, эдьиэй, барытын тиэйээн”,– диэбит. Онтон эбэн эппит: “Кыайарбытын тиэйэ сатаатыбыт”. Балбаара ону: “Баҕайы тугу этэриҥ буолла”,– диэн баран таҥнан таһырдьа тахсыбыт. Онто били маһын төбөлөрүн эрэ тиэйбиттэр уонна били оһорболорун төрдүлэрэ сыталлар үһү. Буочука саҕа лэкэчиктэр. Туох да ыатарбат ыарахан мастара, ону таах ыла-ыла үөһээ тамнаан кээспитэ массыыналара ньахчас кына түспүт. Үс эр бэрдэ кыайбатах лэкэчиктэрин билэн көрбөккө тамнаабыт. Онтон дьиэҕэ киирэн быраатын мөхпүт: “Күүһүмсүйэриҥ бэт дии, ити бөдөҥ маһы тоҕо хааллардыҥ дьэ”,– диэбит. Били дьон сып-сап чэйдээт тахсан мастара массыыналарын үөһэ өрөһөлөнөн турарын көрөн саллыбыттар. Ону Чоҕуллай: “Ити эдьиийим миигин үтэн-анньан көрөр быһыыта, соруйан итинник бэлэмнээбит”,– диэбит үһү.

Ити курдук күүстээх-уохтаах дьахтар Хорулаҕа үөскээн-төрөөн олорон ааспыт эбит. Ол ити биллэрбэккэ бараахтаабыт.

Эргэ Дьабыга дьиэ таһыгар икки модьу тиит чөҥөчөктөрө баар этилэр. Олор кэлэр-барар сырыыны, дьону мэһэйдиир этилэр. Дьоннор олору туура сатаан баран кыайбатахтара. Онтулара биир күн буордары-сыыстары түөрэ олуллан тахсан киэр эһиллэн сытарын көрөннөр, соһуйан тиэрэ кэлэн түһэ сыспыттар. Булгу Балбаара үлэтэ буолуо диэн сэрэйбиттэр. Икки куул комбикуорманы икки өттүгэр кыбынан баран тоҥ күөс быстыҥа онно оннук кыбыммытынан туран кэпсэтэр, оннук иҥиирдээх киһи. Кэлин Чаппандаҕа көһөн, онно көмүс уҥуоҕа хаалта. Ийэтэ Маамыра кыра баҕайы эмээхсин этэ. Лэппиэскэтэ минньигэһэ бөҕөө, оҕоҕо халыҥ арыылаан биэрэр этэ. Биһиги дьоммут суохтарыгар Маамыра лэппиэскэтин элбэхтэ сиэбиппит буолуо ээ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...