Саха сирин эдэр гимнасткалара Москваҕа ыытыллыбыт Кубокка кытыннылар
Күрэхтэһиигэ Кубок урукку түһүмэхтэрин түмүгүнэн, ол иһигэр Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын бастыҥ гимнасткалара кытыннылар. Бу турнирга бөлөҕүнэн дьарыкка Саха сирин юниордарын сүүмэрдэммит хамаандата кытынна. Хамаанда, быйыл ыам ыйыттан, Новогорскай куоракка Үөрэтэр-эрчийэр кииҥҥэ Арассыыйа уонна Саха сирэ сүүмэрдэммит хамаандаларын бөлөҕүнэн дьарыктыыр старшай тренерэ, олимпийскай чемпионка Ксения Дудкина салалтатынан эрчиллэллэр.
«Түмүккэ сүүмэрдэммит хамаандабыт дойду 15 күүстээх хамаандатын ортотугар ахсыс миэстэҕэ тигистэ. Саҥа кыттааччыларга ити олус үчүгэй көрдөрүү! Саха сирин юниордара булавалаах уонна обручтаах кытыннылар. Судьуйалар ураты уонна үрдүк таһымнаах туруоруу диэн бэлиэтээтилэр. Ити хореограф-туруорааччы Ирина Зеновка үлэтэ. Булавалаах композиция сахалыы хомус уонна барабаан, онтон обручтаах – фортепиано дорҕооннорунан доҕуһуолланнылар», — диэн иһитиннэрдэ федерация пресс-сулууспата.
Старшай тренер Ксения Дудкина бэлиэтээбитинэн, кыргыттар кыратык долгуйбуттар. «Наһаа барыта сатанна диэбэппин. Салгыы үлэлиэхпит, бырагыраамабытын өссө чочуйуохпут. Уопсайынан ыллахха кыргыттар куһаҕана суохтук кытыннылар», — диэн бэлиэтээтэ кини.
VIII-с норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньууларга бэлэмнэнэр өрөспүүбүлүкэ юниордарын сүүмэрдэммит хамаандата, быйыл ыам ыйыттан Новогорскай куоракка Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын кытта биир саалаҕа дьарыктанар кыахтанна. Итиннэ Саха сирин Художественнай гимнастикаҕа федерациятын бэрэсидьиэнэ Людмила Николаева көмөтө улахан. Биэс ый иһигэр кыргыттар дьаныардаахтык эрчилиннилэр, кинилэри кэрэхсэбиллээх уонна уустук сезон күүтэр.