01.04.2024 | 13:39

Саха сирин 80-тан тахса маастара – биир сиргэ

А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин «Симэх» галереятыгар «Саха сирин кырадаһын мозаиката» XII-с өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка арылынна.
Саха сирин 80-тан тахса маастара – биир сиргэ
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Быыстапка норуот маастардарын уопуттарын тарҕатар, үйэтитэр сыаллаах. Барыта 85 маастар 15 уопсастыбаннай түмсүүттэн уонна 22 улуустан кыттар: Алдан, Анабаар, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Муома, Нам, Нерюнгри, Аллараа Халыма, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Уус Майа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыттан,  Хатас нэһилиэгиттэн уонна Дьокуускай куораттан.


Араас өҥнөөх, кээмэйдээх паннолар, чаппараахтар илиинэн тигиллэн, саала хас биирдии эркинин киэргэтэллэр. Уустук тигилээх саха таҥастара, суумкалар, куукулалар, оҕуруоттан тиһиллибит кэрэ симэхтэр киһи хараҕын тардаллар. Манна сахалыы иис, кыбытык тигии, боолдьоҕу хатайдааһын, кыл, түү оҥоһуктар дьон-сэргэ көрүүтүгэр турдулар. 
Араас өҥнөөх таҥас лосскуйдарынан аттаран тигиллибит үлэлэр быыстапка улахан аҥаарын ылаллар. Хас биирдии маастар бэйэтэ истииллээх; холобура, Сунтаар маастара Августина Евсеева паннолара өстүөкүлэ тааска уруһуй курдук хас биирдии кырадаһына хара кыбытыктаах. Оттон Хатастан Мария Дегтярева “Пастбище”, “Лежбище моржей” үлэлэригэр табаларын, моржтарын түүлээх тириинэн тикпитин киһи эрэ имэрийэн көрүөн баҕарар.


Маастардар иэйии ылар айымньылара – Олоҥхо. Бу саха норуотун хатыламмат кэрэ, уостубат суһумнаах айымньытыгар олоҕуран саҥаны айар эмиэ уустук, тулууру ирдиир үлэ. Олоҥхо ис хоһоонун, эйгэтин, тыынын биэрэр “Кырадаһын абылаҥа” түмсүү икки сылтан ордук тикпит «Дьулуруйар Ньургун Боотур» паннота эбэтэр Анастасия Борисова боолдьох хартыыната улахан кээмэйдэринэн эрэ буолбакка, ымпыгар-чымпыгар оҥоһуллубуттара сэҥээрини тардар.
Быыстапка муус устар 28 күнүгэр диэри турар. Ону таһынан Саха сирин бастыҥ маастардара баҕалаахтарга маастар-кылаастары ыыталлар. Талба талааннаахтар, саха иискэ култуурата үйэлэргэ хааларыгар, сайдарыгар кылааттарын киллэрэ сылдьар маастардар үлэлэрин кэлэн көрүҥ, дуоһуйа сынньаныҥ, саҥаны арыйыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....