Саха сиригэр VII-с норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия бэстибээлэ ыытыллыаҕа
Алтынньы 14 күнүгэр диэри ыытыллар бэстибээлгэ Дьокуускайтан, Москваттан, Махачкалаттан, Архангельскайтан, Уфаттан, Казаньтан, итиэннэ Казахстан уонна Киргизия өрөспүүбүлүкэлэриттэн кыттыахтара. Бу бэстибээл икки сылга биирдэ, 2012 сылтан саҕалаан ыытыллар.
«Благодать большого снега» диэн бэстибээл аата – бу Саха сирин норуодунай поэта Семен Данилов хоһоонун строката. Кини уус-уран эрэ буолбакка, дириҥ ис хоһоонноох. Бэстибээл, маҥнайгы хаар түһэр кэмигэр ыытыллар буолан, хаар уобараһа инники күөҥҥэ тахсан, норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия бэстибээлин брендинэн оҥорор кыаҕы биэрэр», — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Бэстибээл кыттыылаахтарынан Саха сирин норуоттарын литературатынан интириэһиргиир суруйааччылар уонна поэттар, Саха сирин туһунан суруйар ааптардар уонна тылбаасчыттар буолуохтара. Тэрээһин чэрчитинэн ХИФУ уонна да атын үөрэх кыһаларын балаһааккаларыгар көрсүһүүлэр, итиэннэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар сырыылар буолуохтара. Бырагыраамаҕа олоҕуран аныгы поэма уонна тылбаас кыһалҕаларынан төгүрүк остуоллар, араадьыйаҕа уонна телевидениеҕэ тахсыы былааннанар.
Бэстибээл ыытыллыаҕыттан ыла «Антология современной якутской поэзии» поляктыы, П.А. Ойуунускай кинигэтэ азербайджан тылынан, Наталья Харлампьева уонна Евдокия Иринцеева-Огдо кинигэлэрэ английскайдыы тылбаастанан таҕыстылар. Итини сэргэ саха поэзиятын хомуурунньуга туроктыы, болгардыы, монголлуу, казахтыы уонна киргизтии тылларынан бэчээттэннилэр.
Бэстибээл сүрүн тэрийээччилэрэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһа.