20.02.2024 | 16:00

Саха сиригэр сымыыт сыаната үрдээбит, ол оннугар балык сыаната түспүт

Саха сиригэр сымыыт сыаната үрдээбит, ол оннугар балык сыаната түспүт
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тохсунньу ыйга биир киһи ыйдааҕы сүрүн аһын сыаната Саха сиригэр 9 613,0 солкуобайга тэҥнэһэн, ааспыт ыйдааҕар 0,7% үрдээбитэ бэлиэтэммит.

Сахастат чахчытынан, ыйытыкка кыттыбыт оройуоннартан муҥутуур үрдүк сыана Зырянка бөһүөлэгэр бэлиэтэммит – 12 770,1 солк., муҥутуур намыһах сыана – Нерюнгри куоракка (8 342,3 солк.).

Биирдиилээн сүрүн бородуукталарынан ыллахха, 2024 сыл тохсунньу ыйыгар ааспыт ыйдааҕар ордук куурусса сымыыта үрдээбит – 2,9%, ол кэннэ ынах арыыта (1,8%), үүт, сыыр (1,5%), бурдук (1,3%), үрүҥ килиэп (1,2%), хара килиэп (0,6%), кумах саахар (0,2%) кэлэллэр.

Маны сэргэ тоҥнуу хараллыбыт балык сыаната 2,2% намтаабыт, мас арыыта – 1,1%, рис – 0,6%.

Эт аһылыктан ынах этэ 2,1% үрдээбит, сибиинньэ этэ – 0,9%, куурусса этэ – 0,7%.

Оҕуруот аһыгар сыана оҕурсуга 14,2% үрдээбит, хаппыыста, моркуоп – 1,5%, дьаабылака – 0,7%, ол оннугар хортуоппуй сыаната – 0,5%, эриэппэ луук 1,9% түспүт.

Арассыыйа үрдүнэн биир киһи ыйдааҕы сүрүн аһын орто сыаната 6 017,0 солк. тэҥнэспит.

Оттон атын ыаллыы регионнары кытта тэҥнээтэххэ, хартыына маннык буолбут:

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
Ороһуоспа түүн
Сынньалаңңа | 11.01.2025 | 16:00
Ороһуоспа түүн
Дьыбардаах Дьыл оҕуһа хойуу туманынан сир ийэни бүрүйэр кэмигэр, тохсунньу обургу тоһуттар тымныылаах томороон түүнүгэр дьапталҕа муус анныгар эбэ барахсан оргууй уста сыппыта. Бу манна эбэ баарын, сыа хаар бүрүйэн, таһыччы мэлдьэһэр курдуга. Муус маңан киэң нэлэмэн киэли кытылыгар баар номнуо оһон эрэр ойбон туманы ыһа, оргууй буруолаан ыла-ыла, хараара...