11.10.2023 | 10:00

Саха сиригэр суол үлэтэ 67 % туолла

СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ эппиэтинэстээх министиэристибэлэри кытта мунньахтаата.
Саха сиригэр суол үлэтэ 67 % туолла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Национальнай бырайыактары олоххо киллэрии дьон олоҕун тупсарарга, табыгастаах эйгэни тэрийэргэ туһуланар. Былааннаммыт тэрээһиннэр Саха сиригэр олорор гражданнар тустарыгар хаачыстыбалаахтык, үрдүк таһымҥа ыытыллыахтаахтар. Быйыл национальнай бырайыактарга көрүллүбүт үбүлээһин рекорднай, 67 млрд солкуобай кэриҥэ», – диэн бэлиэтээн эттэ Ил Дархан.

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2023 сылга 277 км үлэҕэ киириэхтээх, ол иһигэр 71 км регионнааҕы массыына суолларыгар уонна 29 км Дьокуускай куорат уокуругар.

Регионнааҕы 248 км уһуннаах 33 эбийиэккэ үлэ ыытыллар. Киин куорат 29 км уулусса-суол ситимигэр  19 эбийиэккэ үлэ барар. Билиҥҥи туругунан 47 км 10 эбийиэккэ үлэ түмүктэннэ, ол иһигэр 8 регионнааҕы уонна 2 Дьокуускай территориятыгар.

«Уоннааҕы учаастактарга ууну ыытар турбалары, сир болотунатын уонна таҥаһын оҥороллор. Былааннаммыт 277 км уһуннаах сиргэ 186 км таҥастааһын уурулунна, ол эбэтэр үлэ 67 %-на туолла», – диэн иһитиннэрдэ тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев.

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак дойду суолларын бары өттүнэн табыгастаах оҥорорго анаммыт. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактара 2019 сылтан саҕаламмыттара. Ити кэмтэн Саха сиригэр 2,5 тыһыынчаттан тахса км суол тутулунна, 49 муостанан туоруур суол уларытан оҥоһулунна. Ил Дархан эппитинэн, кэлэр 5 сыл  иһигэр эмиэ итиччэ таһымнаах үлэ барыахтаах, ол иһигэр Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуллуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
“Дыгын-2025”  сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр
Спорт | 03.01.2025 | 14:04
“Дыгын-2025” сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр
Кэлэр сайын Улуу Туймаала уйгу-тунах ыһыаҕар буолар “Дыгын оонньууларыгар” 2024 сылы түмүктүүр 1-кы сүүмэрдээһин күрэхтэһии үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Ахсынньы 24-25 күннэригэр “Триумф” уораҕайыгар 26 улуустар уонна куораттар 58 уоланнара түмсэннэр, ким ордук күүстээх бэлэмнээҕин быһаарыстылар. Быйылгы сүүмэрдээһин уратылаах буолла. Дьон астына көрдө. Тэрийэччи, салайааччы, Саха многоборьетын федерациятын толорооччу дириэктэрэ, “Дыгын...