10.11.2020 | 11:47

Саха сиригэр үөрэх сайдыыта

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт нүөмэргэ биһиги Дьокуускай куоракка доруобуйа харыстабыла сайдыытын, атахха туруутун кэпсээбиппит. Бүгүн Саха сиригэр 1917-2000 сылларга үөрэҕирии хайдах сайдыбытын, салаллыбытын билиһиннэриэхпит.

1917 сыллаахха Арассыыйа үрдүнэн 275 уһуйаан баара, онно 7 тыһыынча оҕо сылдьара. Оччолорго Саха сирин губерниятыгар оҕо саада диэн суоҕа.

1917 с. сэтинньи 9 күнүгэр үөрэҕи сайыннарыыга Судаарыстыбаннай хамыыһыйа тэриллибитэ, манна оҕону дьиэҕэ иитии салаата баара. Бу сыл сэтинньи 20 күнүгэр РСФСР Үөрэх сайдыытын Наркома “Декларация по дошкольному воспитанию” диэн аан бастакытын бэчээттээбитэ. Онно “оҕону оскуолаҕа киириэн иннинэ иитии оскуола систиэмэтин биир сүрүн чааһа буолар уонна норуот үөрэҕириитин кытта биир систиэмэҕэ, биир ситимҥэ сибээстиэхтээх” диэн этиллибитэ.

Н.К. Крупская национальнай уокуруктарга, кытыы сирдэргэ оҕо саадын арыйыы хайаан да наадалааҕын эппитэ, маныаха оҕону оскуолаҕа киириэн иннинэ уопсастыбаҕа иитии дьахтар тутулуга суох буолуутун биир сүрүн усулуобуйата буоларын ыйбыта.

Дьахталлар салалталарынан – политическай сыылынайдар К.И. Кирсанова, Н.А. Александрова уонна М.М. Виленская Саха сиригэр “Үлэһит дьахталлар сойуустара” диэн аан бастакытын тэрийбиттэрэ, манна биир сүрүн хайысханан оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго уопсастыбаннай тэрилтэлэри арыйыыны, тэрийиини туруорсубуттара.

***

1920 сыллаахха Дьокуускайдааҕы Губоно иһинэн оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго секция тэриллэр, бу 1921 сыл тохсунньу ыйыттан оҕолору иитэр салаа диэн аата уларыйар. Саха сиригэр оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕону иитиигэ бастакы инструктор-тэрийээччинэн  Екатерина Алексеевна Кротова, оскуола үлэһиттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы иккис съезтэрин кыттааччыта буолар.

Бу сыл сайыныгар Дьокуускайга уонна Марха бөһүөлэгэр бастакы сайыҥҥы балаһааккалар арыллаллар. Күһүнүгэр Дьокуускайга үс оҕо саада арыллар: “Очаг”, кэлин “Детский труд” диэн аата уларыйар, “III Интернационал” уонна “Примитив”, ону таһынан Бүлүү куоратыгар бастакы уһуйаан. Бу сылтан Саха сиригэр кыра саастаах оҕолору иитиини сайыннарыы саҕаланар.

1921 с. саха тыллаах оҕолорго аан бастакытын “Национальный” диэн уһуйаан үлэтин саҕалыыр. Сэбиэдиссэйинэн 10 сыл устата Елизавета Георгиевна Корнилова үлэлиир.

1920-1923 сс. Саха сиригэр оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор сайдыыларыгар улахан сабыдыалы Марфа Митрофановна Виленская оҥорор, кини оҕону иитии боппуруостарынан интэриэһиргиир, оҕолор тэрилтэлэрин арыйыыга, тэрийиигэ туһааннаах ыйыылары оҥорор. Бу кэннэ М.М. Виленская РСФСР Наркомпроһугар оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор отделларыгар сэбиэдиссэйдиир, Москватааҕы педагогическай институт факультетын салайар.

1926 сыллаахха 570 оҕо сылдьар 9 судаарыстыбаннай уһуйаан хайыы-үйэ үлэлиир. Манна улахан болҕомтону интернациональнай уонна патриотическай иитиигэ уураллар.

1927 с. Дьокуускайга Залог оройуонугар “Октябренок” диэн оҕо саада аһыллар, тэрийээччинэн Александра Васильевна Кугаевская буолар, кини бэйэтэ 1953-1956 сылларга Дьокуускайдааҕы Гороно иитэр үлэҕэ инспекторынан үлэлиир.

1928 сыл олунньутугар эмиийдээх уонна оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору көрүүгэ 3 ыйдаах куурустар аһыллаллар.

1931 с. өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 22 оҕо саада аһыллан үлэлиир, манна 870 оҕо сылдьар. Салгыы төһө да маннык уһуйааннары арыйыахтарын баҕарбыттарын иһин үлэһит илии тиийбэтэ атахтыыр. 1931 с. Дьокуускайдааҕы педагогическай техникумҥа оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр факультет арыллар. Тэрийээччинэн Ленинградтааҕы А.И. Герцен аатынан педагогическай институту бүтэрбит Любовь Федоровна Корнилова буолар. Бу салааҕа Любовь Федоровна анал диссипилиинэни 6 сыл устата үөрэтэр.

1937 с. Саха сиригэр 32 уһуйааҥҥа барыта 1425 оҕо сылдьар уонна 21 балаһаакка 1410 оҕону хабан үлэлиир, 18 биэдэмистибэннэй оҕо тэрилтэтигэр 700 оҕо иитиллэр.

***

1945 с. атырдьах ыйыгар Саха сиригэр 6203 оҕо сылдьар 95 оҕо саада үлэлиир. Манна барыта 318 сэбиэдиссэй уонна иитээччи, 618 араас үлэһит үлэлиир.

1950 сылтан биэдэмистибэннэй тэрилтэлэр ситимнэрэ бэрт түргэнник кэҥээн барар, бу Алдаҥҥа, Дьугдьуурга көмүс, Халымаҕа чох булуллуутун, “Якуттяжстрой”, о.д.а. тэрилтэлэри кытта сибээстэнэр.

1954 с. сайыныгар 28 холкуостаах оҕо балаһаакката үлэлиир, манна 591 оҕо иитиллэр.

1957 с. 82 биэдэмистибэннэй уһуйаан арыллан үлэлиир, 4060 оҕону хабар. Дьокуускайга “Якутсрой”, ИДьМ, “Холбос”, “Якуттяжстрой”, лесокомбинат, Геологоуправление, ЛУРП, о.д.а. оҕо саадтара үлэлииллэр.

1962 с. “Программа воспитания в детском саду” саҥа бырагыраама киирэр. РФ бары уһуйааннара, ол иһигэр Саха АССР киэннэрэ бары бу саҥа бырагырааманан үлэлээн бараллар.

Маныаха “дьааһыла-сад” баар буолар, онно оҕо аҕыйах ыйыттан, сааһыттан оскуолаҕа киириэр диэри сылдьар.

1963 сылтан саха тыллаах уһуйааннарга бэлэмнэнии бөлөхтөрүгэр оҕолору нуучча тылыгар Н.И. Иванов бырагырааматынан үөрэтиини киллэрэллэр.

***

35 сыл устата (1931-1966 сс.) педагогическай училище дошкольнай салаата 1051 анал идэлээх үлэһити иитэн-үөрэтэн таһаарар. Кинилэр бары сэбиэдиссэйинэн, иитээччинэн үтүө суобастаахтык үлэлииллэр.

1966 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ 670 оҕо тэрилтэтэ баар буолар, салгыы элбэтэргэ дьулуһаллар. Онон сибээстээн эбии педагогическай үөрэхтээх үлэһиттэри, саҥа каадырдары элбэтэр сорук турар.

Бу сыл от ыйыгар өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан Дьокуускайдааҕы педучилище оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитии отделениетын базатын иһинэн Дьокуускай куоракка дошкольнай педагогическай училище арыллар. Ол кэлин, 1968 сыллаахха 2-с нүөмэрдээх Дьокуускайдааҕы педагогическай училище диэн аата уларыйар. Дириэктэринэн Иркутскайдааҕы педагогическай институту бүтэрбит, Дьокуускай куорат 9 нүөмэрдээх оскуолатыгар дириэктэрдээбит (1966-1985) Галина Филипповна Макарова, үөрэх чааһыгар солбуйааччы дириэктэринэн В.И. Ленин аатынан Москватааҕы педагогическай институт выпускницата Мария Петровна Захарова ананаллар.

Училищеҕа “дьааһыла-сад” тэрилтэлэригэр уонна тыа сиригэр уһуйааннарга үлэлиэхтээх киэҥ билиилээх-көрүүлээх иитээччилэри үөрэтэн таһаарыыга бэлэм саҕаланар.

1986 сыллаахха доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору иитии боппуруоһа турар, маныаха харахтарынан мөлтөхтүк көрөр, саҥараллара бытаарбыт 356 оҕоҕо анаан 17 бөлөх аһыллан үлэлиир.

1990 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 1047 оҕо тэрилтэтэ үлэлиир, манна 79888 оҕо сылдьар, онтон 607  –  Үөрэх министиэристибэтин линиятынан, 440 -  атын биэдэмистибэлэртэн. Ол курдук оҕо 72 %  хабыллар.

Дьокуускайга 1990 с. 106 уһуйаан баара, манна 16401 оҕо сылдьыбыта, ол эбэтэр оскуола иннинэ саастаах оҕо 51% хабыллыбыта.

2 нүөмэрдээх Дьокуускайдааҕы педагогическай училище 34 сыл устата (1966-1967 үөрэх сылыттан 2001 сылга диэри) барыта 5859 орто анал үөрэхтээх исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...