28.01.2024 | 10:00

Саха сиригэр пионерскай хамсааһын

Биһиги көлүөнэ оҕолор пионердаабыт кэмнэрбитин олус күндүтүк ахтабыт, саныыбыт. Андаҕар этэн, салют биэрэн, кыһыл хаалтыс бааммыт күммүтүн, кулуһун тула күргүөмүнэн “Взвейтесь кострами...” ыллыырбытын.
Саха сиригэр пионерскай хамсааһын
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Оруобуна 100 сыл анараа өттүгэр, 1924 сыл тохсунньу 24 күнүгэр, хомсомуол Дьокуускайдааҕы обкома быһаарыы ылыммыта: “...Оҕолорго аналлаах эдэр пионердар бөлөхтөрүн тэрийэр үлэни бэрт түргэнник тэрийиэххэ наада”. Ол курдук, 1924 сыл олунньу 17 күнэ Сахабыт сиригэр пионерскай тэрилтэ төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар. Оруобуна бу күн Дьокуускайга бастакынан Спартак аатынан пионерскай этэрээт хомуллубута, манна 62 пионер баар этэ. Бу кэннэ, хайыы үйэ олунньу 24 күнүгэр, Ленин аатынан оҕо коммунистическай бөлөҕүн уобаластааҕы бюрота баар буолбута, бюро Дьокуускай куорат оҕолоругар эрэ үлэлиирэ. Пионердар иккис этэрээттэрэ 1924 сыл муус устар ыйыгар, оттон Аммосов аатынан үһүс этэрээт 1925 сыллаахха тэриллибиттэрэ.

 

Оҕо доруобуйатыгар улахан болҕомто

Улахан сабыытыйанан 1925 сыл сайыныгар Өлүөнэ кытылыгар пионерскай лааҕыр арыллыыта буолбута. Лааҕыры хааччыйар үп-харчы үс гыммыт биирин Өлүөхүмэ пионердара хомуйбуттара. Оччолорго ыарахан олох содулуттан социальнай ыарыы элбэх, оҕо үксэ доруобуйата мөлтөх этэ. Сэбиэскэй судаарыстыба доруобуйаны харыстааһыҥҥа элбэх болҕомтотун уурбута. Этэрээттэр бастакы пионерскай үлэлэрэ доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ туһуламмыттара. Бу үлэ биир көрүҥэ – сайыҥҥы лааҕырдары тэрийии. Лааҕырдарга оҕолорго туһалаах сынньалаҥы тэрийбиттэрэ.

Оччотооҕу Саха сирин усулуобуйатыгар лааҕырдары тэрийэн үлэлэтии чэпчэкитэ суох этэ, ордук олорор дьиэ-уот, үп-харчы, үлэһиттэр өттүлэригэр. Үгүс төрөппүт сайыны быһа окко-маска көмөлөһөр оҕолорун лааҕырга ыытыан баҕарбата. Кинилэр бу лааҕырдары мэһэй курдук ылыналлара, туһалаах тэрилтэ эбит дии санаабаттара. Төһө да ыарахаттар баалларын иһин, сайыҥҥы пионерскай лааҕырдар син биир тэриллибиттэрэ. 1929 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 11 лааҕырга 548 оҕо сынньаммыта. Ол курдук, 1930 сыллаахха 14 лааҕырга 691 оҕо сынньанар, 1931 сыллаахха 25 лааҕырга – 1204, 1932 сыллаахха 24 оройуонунан 2179 оҕо хабыллыбыт.

 

Бастакы слеттар

Пионерскай хамсааһын атаҕар туруута дойду норуотун хаһаайыстыбатын сайыннарыы былаанын олоххо киллэрии I пятилеткатын кытта сөп түбэспитэ (1928-1932 сс.). Өрөспүүбүлүкэ пионердарын үлэлэрэ Бүтүн Сойуустааҕы уонна уобалас пионердарын слеттарын кэнниттэн саҥа хайысхаламмыта. 1929 сыл атырдьах ыйын 18-25 күннэригэр Москуба куоракка Бүтүн Сойуустааҕы пионердар слеттара ыытыллыбыта. Манна Саха сириттэн 9 пионер биир салайааччылаах кыттыбыта. 1930 сыллаахха Саха сирин үрдүнэн 114 этэрээккэ 2925 пионер баар этэ. Пионердар уобаластааҕы слеттарын иннинэ оройуоннааҕы слеттары ыытарга быһаарыы ылыллыбыта. Атырдьах ыйын 21 күнүгэр пионердар Октябрьскай уулуссанан (билигин Ленин проспега) сэлэлии хааман иһэн баартыйа обкомун дьиэтин иннигэр тохтууллар. Ильич сиэннэрин баартыйа, хомсомуол уобаластааҕы кэмитиэттэрин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, Саха сирин биллиилээх дьоно  эҕэрдэлии тахсыбыттара. Тула үөрүү-көтүү, өрө көтөҕүллүү буолбута.

Слекка Дьааҥы, Халыма, Ленскэй уокуруктарыттан ураты 70 киһи мустубута. Оҕолор үс эрээтинэн турбуттара. Слету уобаластааҕы бюро бэрэссэдээтэлэ Афанасий Мигалкин арыйбыта. Кини пионердар ааттарыттан Кыһыл Знамяны Саха сирин Киин Кэмитиэтигэр туттарар. Бырабыыталыстыба оробуочайдар уонна үлэһит норуот оҕолорун итиитик өйүүрүн иһин пионердар социализмы тутууга көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэннэрэр. Эдэр пионердары Саха сирин Киин Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ А. Андреев эҕэрдэлиир. Салгыы пионердары хомсомуол Уобаластааҕы Кэмитиэтин сэкирэтээрэ – Спиридон Ефремов, дьахталлар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Алексеева эҕэрдэлииллэр. Пионердар ааттарыттан харда тылы Николай Осколков этэр.

Үөрүүлээх миитин кэннэ пионердар стройдуу хааман Пионердар кулууптарыгар бараллар. Слет иккис күнүгэр сүрүн боппуруостары көрүү буолар. Дакылааты дьүүллэһиигэ 30 пионер кыттар, 200-чэ ыйытыыны бэлэмнииллэр. Бу сыыппаралар оччотооҕу оҕолор сүрдээх актыыбынайдарын көрдөрөллөр. Бастакы слет “Слет красных орлят” диэн ааттаммыта.

 

Слет түмүктэрэ

Сэттэ киһилээх дэлэгээссийэни үөрэх Наркомугар ыыппыттара, кинилэри үөрэҕирии наркома Степан Филиппович Гоголев көрсүбүтэ. Олус сылаас, истиҥ көрсүһүү буолбута. Кэпсэтии кэмигэр нарком атыттарга тэҥнээтэххэ кыра уҥуохтаах, атах сыгынньах оҕоҕо болҕомтотун хатаабыта. Уол Миша Алексеевпын, Орто Бүлүүттэн сылдьабын диэбитэ. Биир дойдулааҕым эбиккин диэн үөрбүтэ. Онтон бэйэтин үлэһитигэр уолу таҥыннарарыгар сорудахтаабыта. Михаил олоҕун тухары “Миша, эн улахан киһигин, слет дэлэгээтэ буолаҕын. Олоххун үчүгэйдик саҕалаатыҥ, сотору үөрэхтээх киһи буолуоҥ, дьон дьолун уһаныаҥ” диэбитин ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев олоҕун тухары ыйынньык сулус оҥостон кэлбитэ.

Степан Филиппович пионердар куруук инники күөҥҥэ сылдьалларын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Саха сирин оҕото барыта оскуоланан хабылларын туһугар ураты болҕомтотун уурбута, онон 4-16 саастаах оҕо учуота оҥоһуллубута. Биир эппиэттээх үлэнэн улахан дьону сурукка, ааҕыыга үөрэтии буолбута. 1930-1931 сс. пионердар 5000 үөрэҕэ суох дьону үөрэтиэхтэрин сөп диэн буолар. Үөһэ ахтыллыбыт чахчылар бары пионердар слеттарыгар этиллибиттэрэ уонна дуогабарга киллэриллибиттэрэ.

Пионердар уобаластааҕы слеттара ыйаах ылыммыта: холкуостар хонууларыгар, дьадаҥылар 1500 күн үлэлээн-хамсаан, буортулааччылары – үөнү-көйүүрү утары охсуһууну ыыталларыгар. Хас биирдии этэрээт 10 буут күлү, 20 буут уҥуоҕу туттарыахтаах, айан суолун туругун көрүөхтээх, тутууга уо.д.а. кыттыыны ылыахтаах.

Слет делегаттара тирии, кирпииччэ собуоттарыгар, типографияҕа, музейга сылдьыбыттара. Киинэни, циркэни, хартыыналары босхо көрбүттэрэ. Ол кэмҥэ Дьокуускайга соҕотох массыынанан хатааһылаабыттара. Саха сиринээҕи баартыйа Киин Кэмитиэтэ слет аадырыһыгар киһи саҥатын улаатыннарар тэрили (громкоговоритель) туттарбыта. Дьахталлар кэмитиэттэрэ бары кыттааччыларга бэйэ тигиитэ шортик түҥэппитэ. Пионердар уобаластааҕы бюролара хас биирдиилэригэр көстүүм бэлэхтээбитэ. Слет атырдьах ыйын 26 күнүгэр үлэтин түмүктээбитэ.

 

Ханнык соруктар турбуттарай

Пионердар I-кы слеттара өрөспүүбүлүкэ пионердарын иннилэригэр маннык биэс соругу туруорбута:

1. Пионердар баартыйа уонна хомсомуол күннээҕи үлэлэригэр, норуот хаһаайыстыбатын биэс сыллаах былаанын толорууга, социализмы тутууга кыттыыны ылаллар.

 2. Оҕону барытын пионерскай хамсааһынынан хабан, пионер ахсаанын икки төгүл уонна үөрэнээччилэргэ пионер ахсаанын элбэтэргэ.

3. Наймылаһан үлэни суох оҥорорго, кулаактарга, баайга оҕону наймылыыры тохтоторго.

4. Тэрилтэ толору хаһаайын буолуохтаах, саҥа систиэмэҕэ көһүү ситиһиллиэхтээх.

5. Ханна да буоллун, кыра, улахан да дьыалаҕа пионердар иитэр-үөрэтэр соруктарын, баартыйа уонна хомсомуол солбуга буолалларын Пионерия сокуонун курдук өйдүү сылдьыахтаахтар.

1926 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн Саха сиригэр нэһилиэнньэ 8-49 саастаахтарыгар үөрэхтээх киһитин ахсаана 15 %, кинилэртэн сахата 8,8% этэ. 1930-31 үөрэх дьылыгар Саха сирин пионердара 2290 киһини ааҕарга-суруйарга үөрэппиттэрэ, онно 516 пионер үлэлээбитэ. Үөрэҕэ суох буолууну утары охсуһарга 582 солк. тыырыллыбыта. 1931-32 үөрэх дьылыгар үөрэх Наркомун кытта дуогабар түһэрсибиттэрэ. 3000 үөрэҕэ суох киһини биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн хабарга 1500 солк. мунньарга диэн буолбута. Ити дуогабары толорон, пионердар 1930-1932 сылларга 6892 киһини үөрэппиттэрэ.

Пионердар араас дьыалаҕа саамай көхтөөх кыттыыны ылбыттара: сири үллэриигэ, холкуостары уонна хомуур хампаанньаларын тэрийиигэ, ыһыыга, бурдугу бэлэмнээһиҥҥэ, холкуостарга дохуоту үллэриигэ, промышленнаска көмөҕө, саҥа фабрикалары уонна собуоттары тутууга, аптекалары таас тааранан хааччыйыыга уо.д.а.

Пионерскай хамсааһыны сайыннарыы историята, пионердар бастакы уобаластааҕы слеттара Саха сирин историятын кытта быстыспат ситимнээх. Пионерскай тэрилтэ хомсомуолу уонна коммунизмы тутааччылары актыыбынайдык солбуйан, онно тирэҕирэн социализмы тутууга күүрээннээх күүс буолбута. Саха уобалаһын сайдыытыгар пионердар кылааттара саарбаҕа суох уонна улахан. Бу кылаат СӨ национальнай архыыбын докумуоннарынан бигэргэтиллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...