Саха сиригэр ойууру чөлүгэр түһэрэр питомниктар тутуллуохтара
Өрөспүүбүлүкэҕэ ойууру чөлүгэр түһэрэр сыаллаах тэпилииссэ комплекстарын тэрийии былааннанар. Бу туһунан Уһук Илиҥҥэ экологическай кутталы суоһаппат пуонда дириэктэрэ Игорь Бястинов иһитиннэрбит.
«Ойуур питомнига наадалаах, тоҕо диэтэххэ Саха сиригэр сылга 60-70 мөлүйүөн маһы олордор ирдэнэр. Уон мөлүйүөн олордорго бэлэмнэммит кыра маска анаан питомник тутуохпутун баҕарабыт», – диир кини.
Уһук Илиҥҥэ экологическай кутталы суоһаппат пуонда «Растим лес» Хабаровскайдааҕы хампаанньаны кытта сөбүлэҥи түһэрсибит. Хампаанньаны кытта пуонда Саха сирин ойуурдарын чөлүгэр түһэриигэ бииргэ үлэлиэхтэрэ.
«Мас олордорго барсар учаастактарынан Алданы, Өлүөхүмэни уонна Дьокуускайы көрөбүт. Алдаҥҥа уонна Өлүөхүмэҕэ булгуччу тутабыт, тоҕо диэтэххэ итиннэ килиимэт усулуобуйата бэлэмнэммит сабыылаах силис систиэмэтигэр толору барсар», – диэтэ Игорь Бястинов.
Саха сирин ойуурун питомнига Хабаровскай питомнигын кытта атылыы буолар. Игорь Бястинов эппитинэн, бастакы бырайыактан аһара элбэх үбүлээһини ирдиирин иһин аккаастаммыттар.