15.11.2023 | 10:00

Саха сиригэр 7 саҥа оскуола арыллыаҕа

Саха сиригэр 7 саҥа оскуола арыллыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн, сыл бүтүөр диэри 7 саҥа оскуола үлэҕэ киириэҕэ диэн Өрөспүүбүлүкэ бастакы вице-премьера Дмитрий Садовников бэрэссэдээтэллээх тутуу штабын мунньаҕар иһитиннэрдилэр.

Ол курдук, Жатай бөһүөлэгэр 360 миэстэлээх оскуола тутуллар. Аллайыаха улууһун Чокурдаах бөһүөлэгэр уонна Кэбээйи улууһун Сайылык сэлиэнньэтигэр 275 миэстэлээх оскуолалар тутулла тураллар. Эбээн Бытантай Баатаҕай Алыыта сэлиэнньэтигэр 220 миэстэлээх, Амма улууһун Абаҕа сэлиэнньэтигэр 150 үөрэнээччигэ уонна 70 кырачааҥҥа аналлаах оскуола-уһуйаана тутуллан бүтэн эрэллэр.

Дьокуускайга Е.Ю. Келле-Пелле аатынан 26-с №-дээх оскуолаҕа салҕааһын, П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас оскуолатыгар эбии тутуу оҥоһуллар.

«Үгүс эбийиэк график быһыытынан тутулла турар, ол эрэн бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуону чопчулааһынтан, матырыйаал кэлиитигэр кэккэ кыһалҕалартан уонна үлэһит тиийбэтиттэн сорох сирдэргэ бытаарыы тахсар. Болдьохторугар үлэҕэ киллэрэр курдук бары боппуруостары суһаллык быһаарыахпыт», – диэтэ тутуу миниистирэ Виктор Романов.

Этиллибит 7 оскуоланы таһынан, Саха сиригэр 2024 сылга үлэҕэ киириэхтээх аҕыс эбийиэк тутулла турар. Саамай элбэх тутуу Дьокуускайга ыытыллар:

- кадетскай оскуола интэринээттээх үөрэнэр куорпуһа,

- 4-с №-дээх анал (коррекционнай) оскуола,

- 153-с кыбаартал оскуолата,

- 350 миэстэлээх доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору социальнай адаптациялыыр, төгүрүк суукканан үлэлиир комплекс,

- 29-с №-дээх оскуолаҕа салҕааһын тутуу.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...