Саха сиригэр 50-чэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэнэ көмөнөн туһанна
Бу туһунан кулун тутар 14 күнүгэр ыытыллыбыт брифиҥҥэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрдэ.
Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмө көхтөөхтүк оҥоһуллар.
«Бүгүн 16 өйөбүл миэрэтэ баар. Ол иһигэр – 150 тыһыынча солкуобайга диэри суумалаах олорор дьиэлэри гаастааһыҥҥа материальнай көмө. Ити чэпчэтиинэн киин куораттан уонна алта оройуонтан 24 дьиэ кэргэн туһанна», – диир вице-премьер.
Байыастар төрөппүттэрэ санаторнай-курортнай эмтэниигэ биир киһиэхэ 60 тыһыынча солкуобайга диэри суумалаах компенсацияны ылар бырааптаахтар. Итинник чэпчэтиинэн 25 төрөппүт туһанна. Өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр баран эмиэ эмтэниэхтэрин сөп диэн Георгий Степанов санатта.
«Байыаннай сулууспалаахтар төрөппүттэрэ, итини сэргэ, байыас эмтэнэр сиригэр тиийэргэ биир төгүллээх төлөбүрүнэн туһаныахтарын сөп. Кыра дохуоттаах кыаммат дьиэ кэргэттэр социальнай харалта нөҥүө социальнай хантыраагынан туһанар бырааптаахтар. Социальнай хантыраак кээмэйэ – биир ыалга 350 тыһыынча солкуобайга диэри. Анал байыаннай эпэрээссийэттэн кэлбит байыаннай сулууспалаах медицинскэй уонна социальнай чөлүгэр түһүүнү барар», – диэтэ вице-премьер.
Итини сэргэ кини байыаннай дьайыы кыттыылааҕын үлэлиир миэстэтэ оннунан хаалар, атын киһи кини оннугар киирбэт диэн бэлиэтээтэ. Наада буоллаҕына, дьарыктаах буолуу кииннэрэ байыас саҥа идэни баһылыырыгар уонна үлэҕэ киирэригэр көмөлөһөллөрө этилиннэ.