30.05.2021 | 11:48

Саха сирэ IT саҥа саҕахтарын арыйар

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Саха сирэ ураты регион ахсааныгар киирэр. Сиртэн хостонор баайынан, тыйыс айылҕатынан уонна аныгы технологияларга сайдыытын таһымынан Арассыыйаҕа киэҥник биллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ IТ эйгэтэ төһө кэскиллээҕин Арассыыйа саамай хотугу технопааркатын дириэктэрэ Петр Габышевтыын кэпсэттим.

–Петр Петрович, дорообо!  «Якутия» технопаарка хайдах тэриллибитин туһунан ааҕааччыларбытыгар сырдата түс эрэ.

Дьокуускай бастыҥ хаһыатын ааҕааччылара, дорооболоруҥ! Бастатан туран, эһиги IТ эйгэтин киэҥник тарҕатаргытын, кэпсииргитин иһин махтанабын.

«Якутия» технопаарка 2011 сыллаахха тэриллибитэ уонна өрөспүүбүлүкэ инновационнай экономикатын, инфраструктуратын тутаах салаата буолбута. Технопаарка өрөспүүбүлүкэ инновационнай инфраструктурнай эбийиэгин быһыытынан экономика салаатыгар,  инновационнай сайдыы түргэтииригэр,  үп уонна интеллектуальнай ресурсалар сайдалларыгар улахан кылаатын киллэрэр тэрилтэ быһыытынан сыаналанар.

Инновационнай технопаарка сыала – инновационнай бырайыактары уонна саҥа технологиялары биһиги олохпутугар-дьаһахпытыгар тэтимнээхтик киллэрии.

–«Якутия» технопаарка сүрүн уратыта туохханый?

Технопарка билигин буола турар олоххо технологическай идеялары олоххо киллэриигэ сүрүн балаһаакка буолар. Саха сирин технопаарката баар буолан инновационнай хабааннаах, аныгы көрүүлээх бородуукталар тэриллэллэр уонна кэлэр бырайыактарга чинчийиилэр ыытыллаллар.

«Якутия» технопаарка тэриллиэҕиттэн ыла, коммерческай уонна предпринимательствоны сайыннарыы толору инфраструктурата тэрилиннэ.

Инфраструктурнай  кииммит олус киэҥ. Бастатан туран, биологическай лабораториялаахпыт. Иккиһинэн, производственнай бырассыаһы бэлэмнээһиҥҥэ уонна оҥорон таһаарыыга уонна бородууксуйаны батарыыга араас өҥөлөрдөөхпүт, аан дойдуга киэҥник биллэр хампаанньалары кытта дуогабардардаахпыт. Маны таһынан, өссө биир кииммит Нерюнгри куоратыгар таһаарыылаахтык үлэлии турар.

Күн бүгүн резиденнэр ахсааннара элбии турар. Биһиэхэ билиҥҥи туругунан барыта 167 тэрилтэ сыстан үлэлии олорор. Сүрүн хайысхалара – информационнай технологиялар, энергоресурсосбережение уонна энергоэффективность, биотехнология, агробиотехнология уонна биомедицинскэй технологиялар, тутуу, тырааныспар уонна тырааныспар инфраструктуралара.

2019 сыл бүтүүтэ «Якутия» технопаарка «Сколково» пуонда регионнааҕы операторын статуһун ылбыта. Онон резиденнэрбитигэр саҥа саҕахтар арыллыбыттара. «Сколково» пуонда инвестициялары тардарга уонна оҥорон таһаарарга, акселерационнай барагыраамаларга, ыытыллар дьаһалларга кыттарбытыгар кыах үөскэттэ.  Бу өрөспүүбүлүкэ экономикатыгар инновационнай бырайыактар ирээттэрин улаатыннарыыга, кинилэр барыстарын, саҥа үлэ миэстэлэрин оҥорорго тириэрдиэхтээх.

2020 сылга технопаарка резиденнэрэ 100 мөл. солк. тахса инвестицияны ыллылар, дохуоттара миллиард солкуобайы куоһарда. Резиденнэр үгүстэрэ Арасыыйа уонна аан дойду ырыынагар ирдэбиллэрдээх бэйэлэрин бородуукталарын ситиһиилээхтик экспорка таһаараллар. «Якутия» технопааркаҕа оҥоһуллан тахсар  бородууксуйалар аан дойду алта дойдутугар – Арассыыйаҕа, Финляндияҕа, Казахстаҥҥа, Украинаҕа, Азербайджаҥҥа уонна Киргизияҕа экспорка тахсан, сыанаҕа турар буолары ситистэ.

–Петр Петрович, Сахабыт сирин айылҕатын усулуобуйата инновационнай актыыбынаска балачча сабыдыаллыыр дуо?

Биллэрин курдук, киэҥ далааһыннаах цифровизация IТ-секторы сайыннарыыга күүстээх хамсааһыны биэрдэ. Региоҥҥа бэйэтэ туспа инновационнай экосистема үүннэ, IТ-хампаанньалар аналлаах инфраструктуралаахтар уонна тустаах  инструменнаахтар. Ол курдук, төһө да тымныы, тыйыс сиргэ олордорбут, географическай тутул, экстремальнай климат усулуобуйалара мэһэйдээбэттэрин көрдөрдүлэр. Биһиги айылҕабыт IТ-салаатыгар улаханнык сабыдыаллаабат. Холобура ылан көрүөххэ, производственниктары. Бу олох атын дьыала, кинилэргэ олорор усулуобуйа, биллэн турар, мэһэйдиир. Ол эрээри регион климатын уратытын учуоттаан, ханнык баҕарар салаа бэрэстэбиитэллэрэ дойду тымныытын, тыйыһын кыһалҕаларын көрсөллөр дии саныыбын. Биһиги технологическай предпринимателлэрбит Саха сирин айылҕатын усулуобуйатын учуоттаан, туһалаах уонна бастыҥ бородууксуйаны оҥорон таһааралларын бэлиэтиэм этэ. Холобур, Хоту-Тент, Саха-Криоген, Аэролодка «Индигирка», Саха чай, Эгопласт, Сахалипснеле  уо.д.а.

–Билиҥҥитэ аныгы пааркаҕа туох тиийбэтий?

Тиийбэт диирбит олуона соҕустук иһиллэр. Ол эрээри, биһиги тэрилтэбит билигин өҥө оҥорооһунун салаатыгар күүстээхтик ылсардыы сорук туруорда, сервис уонна өҥө хаачыстыбатын тупсарарга күүскэ үлэлиибит. Make it диэн ааттаах бырайыагы олоххо киллэрээри сылдьабыт. Бу балысхан бырайыак стартаптар үлэлэрин түргэтэтэргэ, толору докумуоннары оҥорорго уонна бэйэ оҥорон таһаарыытыгар,  итиэннэ тас ырыынакка тахсарга төһүү күүс буолуохтаах.

–Эдэр ыччат технологияны сайыннарыыга интэриэһэ төһө улаатта?

Улаатта. Үүнэр көлүөнэ, эдэр ыччат интэриэһин туһунан эрэллээхтик этиэххэ сөп. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 50-тан тахса чааһынай IT-оскуола үлэлиир, дойду үрдүнэн  стартаптары тардар «Б8» предпринимателлэргэ анаан акселерационнай бырагыраамалар олоххо киирэллэр. 2016 сылтан ыччаты информационнай технология эйгэтигэр тардар сыалтан оскуола үөрэнээччилэригэр, устудьуоннарга анаан «Мин идэм – IT» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус ыытыллар. Бэлиэтээн эттэххэ, быйылгы сылга 1500-тан тахса киһи кытынна, 2016 сылга диэри кыттааччы ахсаана 50-тан тахса буолара. Баһаам көрдөрүү. Ол аата ыччат аныгы технологияҕа интэриэстээҕин туоһулуур.

Билигин биһиги иннибитигэр 10 тыһыынча үлэ миэстэтин таһаарар сорук турар. Оскуола үөрэнээччилэрин кытта үлэлээбэтэхпитинэ, бу сыалы ситиһэр кыахпыт суох.

–Саха ыччатыгар предпринимательство култуурата сайдар дуо?

Эппитим курдук, эдэр ыччат бизнескэ сыстыыта экономикаҕа көстөр. Билигин олохпут онлайн эйгэҕэ кубулуйда. Эдэр дьон виртуальнай эйгэҕэ олороллор, туох барыта хайдах тэриллибитин өйдүүллэр, ол иһин IT-бизнескэ сысталлара элбээтэ. Ыччакка табыгастаах усулуобуйа тэрилиннэ уонна элбэх кыах баар. Эбиитин көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ, уопсастыба IT-бизнес, IT-салаа туһунан киэҥник суруйаллар, тарҕаталлар.

–Куораппыт, өрөспүү-бүлүкэбит аныгы сайдыы ирдэбиллэригэр төһө сөп түбэһэр дии саныыгын?

Дьокуускай куораппыт аныгы олох тэтимин тыыныгар сөп түбэһэр дии саныыбын. Сайдыы бара турар, олох салҕанар. Ылан көрүөххэйиҥ өрөспүүбүлүкэ баараҕай тутууларын, промышленноһы, суол-иис тутуутун, олох-дьаһах сайдыытын...

–Саха сирэ 2035 сылга төһө сайдыа, тупсуо диэн көрөҕүн?

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит – бастыҥ инновационнай технологиялар уонна научнай ситиһиилэр түмүллүбүт региона. Маны сэргэ күүстээх инновационнай уонна креативнай экономикалаах дойду. Биллэн турар, Саха сирэ үрдүк социальнай хааччыллыылаах өрөспүүбүлүкэ буоларыгар баҕарыам этэ.

–Петр Петрович, кэпсээниҥ иһин махтанабын! Таһаарыылаах үлэни, нус-хас олоҕу баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...