19.10.2023 | 18:00

Саха сирэ Хэйлунцзян провинциятын кытта бииргэ үлэлэһиэҕэ

Норуоттар икки ардыларынааҕы форум чэрчитинэн, алтынньы 18 күнүгэр, Саха сирэ Хэйлунцзян провинциятын кытта Доҕордоһуу сыһыаны олохтуур докумуоҥҥа илии баттастылар диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Саха сирэ Хэйлунцзян провинциятын кытта бииргэ үлэлэһиэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сөбүлэҥ чэрчитинэн өрүттэр норуот хаһаайыстыбатыгар уонна гуманитарнай эйгэҕэ бииргэ үлэлэһиини сайыннарарга дуогабардастылар.

«Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Хэйлунцзян провинция уруккуттан партнердарынан уонна доҕордууларынан буолабыт. Көхтөөхтүк алтыһабыт, эргиэн-экономика уонна гуманитарнай эйгэлэргэ бииргэ үлэлэһэбит, бырааттыы сибээһи ситиһиилээхтик сайыннарабыт», - диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Саха сирэ сылын аайы Харбиннааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы  эргиэн-экономика дьаарбаҥкатыгар кыттар, онно өрөспүүбүлүкэбит уонна Кытай урбаанньыттара уонунан сөбүлэҥи түһэрсэллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Хэйлунцзян 19 куората уонна уокуруга Саха сирин муниципальнай тэриллиилэрин кытта бырааттыы сыһыаннары олохтообуттара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...