08.08.2022 | 12:00

Саха сирэ байыаннай эпэрээссийэни өйүүр

Өрөбүл күн, атырдьах ыйын 7 күнүгэр, Хомсомуол болуоссатыгар Донбасс олохтоохторун көмүскүүр анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрин өйүүр миитин ыытылынна. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Саха сирэ байыаннай эпэрээссийэни өйүүр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тэрээһиҥҥэ СӨ бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко, куорат баһылыгын солбуйааччы Наталья Степанова, СӨ Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев, «Ассоциация ветеранов боевых действий органов внутренних дел и внутренних войск Республики Саха (Якутия)» уопсастыбаннай тэрилтэ бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Николай Гребенников, уопсастыбаннай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллэрэ, тэрилтэлэр салайааччылара, «итии туочукалар» бэтэрээннэрэ, устудьуоннар кытыннылар.

СӨ бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко анал байыаннай эпэрээссийэни өйүүрүн биллэрдэ уонна Саха сириттэн Украинаҕа көҥүл өттүнэн барбыттар билигин Ростов куоракка баалларын иһитиннэрдэ.

«Көҥүл өттүнэн барбыт биир дойдулаахтарбыт этэрээттэрэ бойобуой соругу хорсуннук толоруохтара диэн эрэнэбин. Кинилэргэ дириҥ ытыктабылбытын уонна махталбытын биллэрэбит», - диэтэ Андрей Тарасенко.

Куорат баһылыгын солбуйааччы Наталья Степанова норуот дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тула түмсүбүтүн уонна кини талбыт хайысхатын өйүүрүн бэлиэтээтэ.

«Сэрии 1941-1945 ыарахан сылларыгар норуоппут Ийэ дойдутун көмүскээн сомоҕолоспута. Бүгүн биһиги Донбасс олохтоохторун кытта фашизмы кытта охсуһууга биир сомоҕобут», - диэн эттэ Наталья Степанова.

СӨ Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев Украинаттан тэскилээччилэри өйүүр тэрээһиннэр тустарынан кэпсээтэ.

«Биһиги Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэ босхоломмут Волновахатыгар гуманитарнай көмөнү түҥэтэр кэммитигэр олохтоохтор көмөбүт иһин махтаналлара уонна Арассыыйа кинилэр территорияларыттан барбатыгар көрдөһөллөрө», - диэн бэлиэтээтэ Николай Бугаев.

«Ассоциация ветеранов боевых действий органов внутренних дел и внутренних войск Республики Саха (Якутия)» уопсастыбаннай тэрилтэ бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Николай Гребенников, «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйа регионнааҕы политсэбиэтин чилиэнэ Петр Черкашин, Саха сиринээҕи дьахталлар тэрилтэлэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андреева анал байыаннай эпэрээссийэни өйүүллэрин уонна көҥүл өттүнэн барааччыларга махталларын биллэрдилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...