Саха сирэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна дьиэ кэргэттэрин өйүүр
Саха сиригэр, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмө салҕанар диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Билиҥҥи туругунан, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэттэригэр 80 тыһыынчаттан тахса социальнай көмө оҥоһулунна, ол иһигэр өҥө араас көрүҥэ, чэпчэтиилэр уонна харчынан төлөбүрдэр.
«50-тан тахса дьиэ кэргэҥҥэ олорор дьиэлэрин гаастааһыҥҥа материальнай көмө оҥоһулунна. Дьиэ кэргэн 195 чилиэнэ байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр тиийэргэ материальнай көмөнү ылла. 365 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна 610 дьиэ кэргэттэрин чилиэнэ доруобуйа харыстыбылын уонна социальнай өҥөнү оҥорор тэрилтэлэргэ чөлүгэр түһэриини аастылар. 150 байыаннай сулууспалаах төрөппүтэ санаторнай-курортнай эмтэниигэ көмөнү ыллылар», – диэн иһитиннэрдэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов.
Итини таһынан, кини үлэнэн хааччыйыыга көмө оҥоруута салҕанарын бэлиэтээтэ.
Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэригэр 231 киһи үлэ көрдөөн кэлбит, итинтэн 70-на байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна 161 – дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ.