04.05.2023 | 14:37

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быыһыыр сулууспата ыраах айаҥҥа үчүгэйдик бэлэмнэнэн аттанарга сүбэлиир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быыһыыр сулууспата ыраах айаҥҥа үчүгэйдик бэлэмнэнэн аттанарга сүбэлиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саас - айанньыттарга саамай уустук уонна былдьаһыктаах кэм. Бэлиэтээн эттэххэ, бүгүҥҥү күҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар бүтүннүү Өлөөн өрүскэ Өлөөн - Харыйалаах суолтан ураты кыһыҥҥы суоллар сабыллан тураллар. 
Онон Саха Өрөспүүбүлүкэтин быыһыыр сулууспата кыһыҥҥы суолга тахсыы кытаанах административнай эппиэтинэстээҕин санатар.
Өрүстэн атын суолларынан ыраах айаҥҥа турунар суоппардары кичэллээхтик тиэхиньикэ туругун көрүнэн, бэйэлэригэр халыҥ, уларыттар таҥас-сап, ас-үөл хааччынан баралларыгар ыҥырар. Маны сэргэ домкрат, саппаас көлөһө, күлүүс арааһа, арыы, антифриз, буксир торуоһа, аккумулятор сэрээттиир тэрил, күрдьэх, сүгэ ылар булгуччулааҕын санатар. Айаҥҥа турунааччылар маршруту эрдэттэн үөрэтэн, чугас дьоннорун сэрэтэн барыахтаахтар.   
Төлөпүөн ииттэрэр тэрил, саппаас аккумулятор, кэтэр, утуйар таҥас, уот оттор, уоту умуруорар тэриллэр, банаар, аптечка ылары умнубаттарыгар сүбэлииллэр.
Оттон ыксаллаах быһыы-майгы үөскээтэҕинэ, суһал сулууспалар нүөмэрдэригэр эрийиэххэ наада: «112», (4112) 45-90-19, диэн иһитиннэрэр СӨ Быыһыыр сулууспатын пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...