20.12.2021 | 12:00

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сыллаах сайдыытын былаана» коммуникационнай сессия түмүктэннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бырайыак бастакы түһүмэҕэ олоххо киириитин кэмигэр, эдэр тэрийээччилэр сыл аҥаара бүтүн өрөспүүбүлүкэни кэрийэн, сайдыыга туһуламмыт элбэх идиэйэлэри хомуйбуттарын «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сыллаах сайдыытын былаана» коммуникационнай сессияны түмүктээһиҥҥэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээбит. Бырайыагы чулуу суруйааччы уонна общественнай-политическай деятель Платон Ойуунускай  1927 сыллаахха Саха сирин 2027 сылга диэри сайдыытын былаанын суруйбут «Улуу сүүс сыллаах былаан» айымньыта көҕүлээбит. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Судаарыстыбаннас сүүс сылын тухары Саха сирин олохтоохторо дойдуну кытта бииргэ айыы-тутуу уонна сайдыы сылларын, тыҥааһыннаах уонна ыарахан кэмнэрин ааспыттара.  Тыйыс кэмнэр биһиэхэ аан дойду ураты хартыынатын үөскэппиттэрэ, тулалыыр эйгэни кытта дьүөрэлэһэн, хас биирдии киһиэхэ кыһаллан, биир санааланан олорорго үөрэппиттэрэ», – диэн бэлиэтээбит  Айсен Николаев .  
Саха сирин Баһылыга сыралаах үлэтин иһин махтанан туран Москваттан кэлбит социоконструктор Денис Коричиҥҥа «Гражданскай килбиэн» бэлиэни туттарбыт.
Тэрийээччилэр бырайыагы өйөөбүт муниципальнай оройуон баһылыктарыгар уонна бэрэстэбиитэллэригэр Махтал суруктары туттартаабыттар. Махтал суругу Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев эмиэ туппут. 
Түмүктүүр стратегическай сессияҕа сүүс сыллаах былааҥҥа сыһыаннаах дьоһун этиилэри истибиттэр. Итини сэргэ, чугаһынааҕы былаан докумуонугар киириэхтээх бырайыактары бэлиэтээбиттэр. Олор ортолоругар Саха сирин култууратын үрдэтиигэ, тымныыны капитализациялыырга, микрополистары тэрийэргэ, ньочоото суох оҥорон таһаарыыга, тутууга уонна промышленноска саҥа матырыйааллары туһаныыга туһуламмыт чопчу бырайыактар бааллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...