Саха киһитэ сэмэй, мин аҕай дэммэт...
Хаһыаппыт муус устар 29 күнүнээҕи нүөмэригэр тахсыбыт “Бэрт былдьаһар норуот сайдыбат” диэн матырыйаал ааҕааччылар сэҥээриилэрин ылан, салгыы бу тиэмэҕэ дьон санаатын таһаарабын. Үгүстэрэ бүгүҥҥү тирээн турар кыһалҕаны суруйбуккун диэн сэргээбиттэрин биллэрдилэр.
Олорор маскытын кэрдинимэҥ
Валентина Ефимова, Дьокуускай куорат:
– Мин «Киин куорат» хаһыаты сөбүлээн ааҕар буоллум. Кэрэспэдьиэн Сардаана Багынанова суруйуулара ордук интэриэһиргэтэр, сытыы, сөптөөх тиэмэлэри арыйар дии саныыбын. Бу эмиэ олус наадалаах тиэмэни таһааран, дьон санаатын сайа охсон тиэрдэрэ наадалаах. Билиҥҥи ыарахан олох бүрүүкээн турар кэмигэр дьон ордук сомоҕолоһуулаах буолуохтаах дии саныыбын. Ол эрэн «кытта кырдьыбыт кыдьык» диэн өс хоһооно сөпкө этиллибитин олохпутугар көрөбүт. Бэрт былдьаһыы, биллэн турар, туох да үчүгэйгэ аҕалбатын билэбит. Ону дьон өйдүүр эрээри, кытта кэлбит кэмэлдьитин ыһыктыбат. Ол курдук, куйаар ситимин нөҥүө элбэх мөкү дьайыылары оҥорор. Аҕыйах ахсааннаах норуот бэйэ-бэйэни харыстаһарга, көмүскэһэргэ, ситиһиилэрбититтэн үөрэргэ хаһан үөрэнэбит? Ол эбэтэр маннык «кэмэлдьи» салҕанан бара турар дуу? Атын сайдыылаах омуктартан холобур ылан үөрэнэ сатыахха баара. Бэйэбит бүтэй бөлүһүөктэрбит этэн хаалларбыт тылларын аахтахха, бэргэн этиилэр бэрт элбэҕи кэпсииллэр эбээт... Куйаар ситимигэр былаас салалтатын үөхсүү, анаан-минээн буккуйар дьон бааллар. Онтон сорох дьон үксүн, таайан көрөн, утарылаһан, айдааны тардар. Мин биири өйдөөбөппүн. Оҕо уһуйааныттан саҕалаан, кыраһаабыссалар күрэхтэрин тэрийэн, күнүстэри-түүннэри куйаар ситимин нөҥүө куоластааһын бөҕө. Оонньуу оонньуунан эрээри, манна кыайбыт оҕо өйө-санаата тосту уларыйарын, биллибэтинэн уйулҕата кэһиллэрин өйдүөххэ баара. Хас биирдии киһи оҕото кыайыан баҕарар эрээри, ким эрэ кыайыахтаах, ону тэҥэ, ким эрэ хотторуохтаах. Хайата да тэҥ буортулаах дии саныыбын. Биирэ аатын билбэт буола улаатымсыйар, биириҥ хомойор, хоргутар. Аны кыра ахсааннаах норуот хайдыһарбыт элбээтэ. Ол кэмэлдьибит дириҥээн, эбиллэн иһэрэ көстөр. Билигин аны улуустарынан күрэх арааһа тэриллэр буолла. Ол курдук, «Ханнык улуус баһылыга үчүгэй үлэлээҕий?», «Ханнык улуус айылҕата үчүгэйий?» диэн киһи өйдөөбөт күрэхтэрэ, улуустары хайытыы барар. Сахабыт сирин айылҕата барыта кэрэ эбээт! Билигин бэрт буолуу, ньыла түһүү элбээн, сытыырхайан турар кэмигэр, аны «Ил Түмэн дьокутаатын рейтинэ кимиэнэ үрдүгүй?» диэн кытта куоталаһаллар. Биллэн турар, ким үрдүк сололоох, ол элбэх куолаһы ылара биллэр буоллаҕа. Онон, доҕоттоор, бэрт былдьаһыыны бэйэбит тэрийэн, бэйэ-бэйэбитин үөхсэртэн, күлүү гынартан ордубаппыт. Туһата суох күрэхтэри тохтотуоҕуҥ. Саха киһитэ былыр былыргыттан симик, «мин аҕай, мин эрэ» дии сылдьыбат этэ. Өбүгэлэрбит ситимнэрин быспакка, үтүө ааттарын ааттата туруоҕуҥ диэн ыҥырабын. Өйдөнүҥ, өрөйөн бэриҥ, аллара түһүмэҥ. Өбүгэлэрбит «Олорор маскытын кэрдинимэҥ» диэн муударай этиилэрин умнумуоҕуҥ.
Кэрэҕэ, үчүгэйгэ тардыһыахха
Николай Иннокентьевич Матаннанов, Таатта улууһа, Ытык Күөл нэһилиэгэ:
- Биһиги, сахалар, бэрт былдьаһыыта суох сатаммат омукпут. Хас биирдии киһи, атын киһиттэн итэҕэс курдук санаммат. Саха саханы киһи диэбэтэ, сэниирэ, былыр-былыргыттан хааммытыгар иҥэн хаалбыт. Ол күннээҕи сыһыаммытыгар ырылыччы көстөр. Бэйэ бэйэбитин аанньа ахтыбаппыт, сэнэбиллээхтик сыһыаннаһабыт. Дьоппуон омуктар күннээҕи сыһыаннарын тупсарартан саҕалааннар, билигин үйэлэрин уһаттылар. Сүүс саастарыгар тиийэ олорор буоллулар. Аан дойду биир сайдыылаах, дириҥ култууралаах, киһи киэн туттар дойдута буоларын ситистилэр. Ол аата норуот сайдыан, кэрэҕэ, үчүгэйгэ тардыһыан баҕарар буоллаҕына, бэйэ бэйэни кытта күннээҕи сыһыаны тупсарыыттан, кырдьыктаах сыһыаннаһыыттан саҕалыахтааҕа көстөр. Биһиги дьоппуоннартан туох атыннаахпытый? Бэйэ итэҕэһин билинэн, улахамсык санааны туоратан, кырдьыгынан сыһыаннаһан, үлэлээн-хамсаан бардахха, биһиги даҕаны иннибит диэки сайдыа этибит.
Саха сахатынан кэрэ
Халан Павлов, Дьокуускай куорат:
– Бэрт былдьаһыы саханы алдьатар… Бу, дьиҥэр, мөккүөрдээх этии. Ол эрээри, омук сайдыытыгар бэртээхэй кэпсэтии тахсан эрэр эбит диэн биһирээтим. Мин бастакы үөрэҕим быраас, онон ханнык баҕарар айылҕа үөрэхтээҕин курдук, биология сокуоннарын үрдүктүк тутабын. Айылҕаҕа да, уопсастыбаҕа да күрэстэһии баар буолан сайдыы баар. Онон, бэрт былдьаһыы да диэбэтэрбин, чулууттан чулуулар күрэстэһэн өрө тахсаллара сайдыыга тиэрдэрин итэҕэйэбин, күрэстэһиини утарбаппын. Биллэн турар, манна омуктуу эттэххэ «отрицательнай отбор» баар буолуута атахтыыр. Ол аата ханнык эрэ тас күүс күһэйэн, мөлтөхтөр, таҥнарыахсыттар, ньылаҥнааччылар өрө тахсар усулуобуйалара үөскээһинэ. Манна эмп биир эрэ – киһи бэйэтин дьоһунун харыстыахтаах, өрө тутуохтаах уонна омукка баар сиэри кыра эрдэҕиттэн иҥэриниэхтээх. “Саха сахатынан кэрэ” диэн дириҥ ис хоһоонноох этии баар. Бу этии ханнык баҕарар киһи хас да идентичностааҕын, онтон биирэ – кини бэйэтин омук быһыытынан сананара сүрдээх күүстээҕин, киһи ол күүскэ тирэниэхтээҕин санатар. Холобур, биир соҕотох киһи бэйэтин ханнык эрэ ыал оҕотун курдук сананар (төрөппүттэригэр сыһыаран) уонна тэҥҥэ ыал аҕатын курдук сананар (оҕолоругар сыһыаран). Ону тэҥэ ханнык эрэ уустан төрүттээҕин билэр, ханнык эрэ нэһилиэккэ төрөөбүтүнэн киэн туттар, ханнык эрэ улуустан сылдьарын өрө тутар, ханнык эмэ идэни баһылаан, ол идэлээх дьону кытта бииргэ буолар. Омуктар үөскээһиннэрэ эмиэ бу күрэстэһии биир өрүтэ буоларын, тыыннаах хаалар, өбүгэлэр кырдьыктарын, билиилэрин-көрүүлэрин сыдьааннарыгар тиэрдэр «механизм» буоларын умнуо суохтаахпыт. Саха атын омукка, бүттүүн киһи аймахха утары уунара, бэлэҕэ – кини саха буолуута, уратыта. Туох эрэ уратылаах буоламмыт атын дьон биһигини сэргиир, сэнээбэт, ытыктыыр. Кыра эрдэхтэн күрэстэһэн, ыарахаттары көрсөн, сиэрдээхтик бэрт былдьаһан тахсыбыт дьон кытаанах, туллаҥнаабат санаалаах, сирдьит буола улааталлар. Өлөр-хаалар күҥҥэ кинилэр омугу абырыахтарын сөп. Тулалыыр дьоҥҥо, ыччакка, атын да омуктарга бу санааны тиэрдиэхтээхпит. Оччоҕо эрэ глобализация сабардаан, култууралар булкуһар үйэлэригэр саха быһыытынан тыыннаах хаалыахпыт. Онон оҕо, эдэр эрдэххэ күрэстэһэн, буһан-хатан, онтон ситэн баран бэйэ бэйэни өйөһөн олоруохтаахпыт. Кэскилгит кэҥээтин, ойбоҥҥут уолбатын!
Омук быһыытынан сайдыыбыт бытаан
Ксения Максимовна Семенова, уопсастыбанньык, Бүлүү куората:
–Бэрт былдьаһартан олох тупсубат. Маннык көстүү сахаларга ордук элбэх дии саныыбын. Ханна үчүгэй үлэһит дьон бэйэтин санаатын этинэн, кыаҕын таһаарынан киирэн барда да, ордугурҕаан үөхсэллэрэ, сэтэрииллэрэ элбээн барар. Уонна бу киһиэхэ утары үлэни ыыталлар. Ханна кыаллыбат өттүн оҥоруохтарын, этиэхтэрин сөп. Ол иһин омук быһыытынан наһаа бытааннык сайдабыт. Киһи киһини сиир үйэтэ. Оннооҕор кыраҕа даҕаны сиилии охсон, хооһурҕата түһүөхтэрин сөп. «Айыкабын ньии, ама оччону гыныа суоҕа дуо, итиччэ хамнаска олорон» диэбит курдук. Бу, маладьыаһы, көр эрэ диэбэттэр. Ити барыта бэрт былдьаһыы, хойох хостооһун биир көрүҥэ. Үтүө үлэ үрдүөхтээх, санаа сайдыахтаах диэн өйдөөһүн суоҕуттан.
Норуот сайдар суолун харгыстыыр
Ангелина Николаевна Говорова, учуутал, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Балыктаах нэһилиэгэ:
– «Бэрт былдьаһар норуот сайдыбат” дииллэрэ саамай сөп. Ордук биһиэхэ, сахаларга, итинник көстүү баар. Ким эрэ чорбойоору, сайдаары гыннаҕына, кини итэҕэһин була охсон, самнара сатыыбыт. Салайар, ыйар-кэрдэр дьоммутун итэҕэстэрин эрэ көрөбүт, кинилэр үтүөнү оҥорууларын улахаҥҥа уурбаппыт. Маннык быһыы кыра норуот сайдар суолун харгыстыыр эрэ, сайыннарбат. Үлэҕэ итэҕэс-быһаҕас ханна барыай – баар суол. Ким үлэлиир – ол сыыһар. Ол гынан баран, ону көннөрүүгэ көмөлөһөрбүт оннугар, атахтыырбыт элбэх. Дьэ, онтон үөрбүт-көппүт, астыммыт курдук араас ситимнэргэ тупсара-тупсара суруйуу, тарҕатыы... Итинник куһаҕан кэмэлдьини тохтотуоҕуҥ, дьоммутун харыстыаҕыҥ. Кинилэргэ үлэлиир, сайдар кыахта биэриэҕиҥ. Оччотугар эрэ норуот быһыытынан сайдыахпыт, саха омук быһыытынан чэчириэхпит.
Светлана Константиновна Винокурова, Дьокуускай куорат:
–Сахаларга ордук санаһыы баар. Биир эмэ үчүгэй талааннаах, өйдөөх киһи баар буоллаҕына, дьэ ол киһини сиилээн, сөҕөн, таҥнары тардар адьынаттаах дьон олус элбэх. Киһи кыайыытын, үөрүүтүн, ситиһиитин уруйдаан, өрө тутары сатаабаттар. Хата төттөрүтүн, дьэ, ол киһи оннук-маннык үһү диэн «сиэллээх-кутуруктаах” сурах тарҕаммытынан барар.
Сэнэһии, бэрт былдьаһыы
Бырастыы гыныам дуо, аны мин
Хомоппут, кэлэппит дьоннорбун,
Дууһабын киртитэн тэпсибит,
Элбэхтик сүрэхпин ытаппыт.
Сэнэбилтэн атыны билбэтэҕим,
Санаам онтон хараҥарара,
Киһилии сыһыаны көрбөтөҕүм,
Тулаайах кэриэтэ сананарым.
Сүрэҕим сылааһа сойбута,
Устунан тоҥ мууска кубулуйбута,
Дууһам онтон кыланара
Сүрэхпэр оспот баас хаалларан.
Ордуҕургаан үөһэттэн көрүмэҥ,
Бэйэҕитин үрдүктүк туттумаҥ,
Атын дьон олоҕун олорботоххут,
Туораттан хаһан да орооһумаҥ.
Толкуйдааҥ бэйэҕит итэҕэстэргитин,
Түгэххэ саһыарбыт аньыыларгытын,
Ыраас дьон хаалара ахсааннаах,
Алы гыныҥ кырдьыгы эппиппэр.
Кыһыл тылгытынан кымньыылаан
Дьону холуннаран сиилээмэҥ,
Барыта кэмнээх-кэрдиилээх,
Төттөрү эргиллэр ыйаахтаах.
Аҕыйах ахсааннаах сахалар
Бу хаһан сэнэһэн бүтэбит,
Бииртэн биир ордуктук сананар
Суордунан арахсыы, араарыы.
Бу сиргэ букатын кэлбит суох –
Хас үйэ бараары өҥнөнүү,
Бу орто дойдуттан сүтүөхпүт –
Барыбыт сирэйэ тэҥнэһиэ.
Ким эрэ ырайга көтүөҕэ –
Сып-сырдык үөһээҥҥи дойдуга,
Ким эрэ аньыылаах-харалаах –
Аад сирин түгэҕэр тиксиэҕэ.
Оҥорбут аньыыгын боруостаан
Эппиэттиэҥ турдаҕа ол онно,
Хочуоллаах оргуйар сымала
Иһигэр сөтүөлүөҥ буоллаҕа.
Киһиэхэ кыра да наада эбээт!
Истиҥ, сылаас сыһыан баар буолара,
Дьон-сэргэ өйдүүрэ, өйүүрэ
Ол онтон ордук туох наада киһиэхэ?
Надежда.