29.06.2023 | 12:00

«Саха инновация — 2023»

«Саха инновация — 2023»
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Туймаада ыһыаҕар технопаарка балаһааккатыгар «Саха инновация-2023» быыстапка быйыл XI-c төгүлүн үлэлээн, өрөспүүбүлүкэ бастыҥ IT хампаанньалара бэйэлэрин табаардарын билиһиннэрдилэр. 
Ол курдук, быыстапкаҕа биологическай нанотехнологиялар салааларыгар, оҥорон таһаарааччыларга уонна IT эйгэтигэр үлэлиир отуттан тахса хампаанньа кыттыыны ылла. 
Ыалдьыттар маны сэргэ маастар-кылаастарга уонна технопаарка резиденнэрэ оҥорбут “МасИгра», VR-оонньууларга, «Битва роботов» курдук остуол оонньууларыгар кыттан сэргэхсийдилэр.

Анатолий Семенов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин инновацияҕа уонна цифровой сайдыыга миниистирэ:

Өрөспүүбүлүкэҕэ информационнай технологиялар эйгэлэрэ тэтимнээхтик сайдар. Кэнники биэс сылга биһиги Уһук Илиҥҥэ соҕотох IT паарканы арыйдыбыт, «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер тутуллан үлэҕэ киирдэ, инновациялары сайыннарыыга пуонда тэрийбиппит. Бу пуонда баар буолан элбэх киһи олоҕун IT эйгэтин кытта быһаччы ситимнээтэ. Сыл ахсын резиденнэр ахсааннара элбиир, миллиардынан дохуоттанар таһымҥа таҕыстылар. Билигин биһиги креативнай экономикаҕа болҕомтону уурабыт, холобура, көмпүүтэр оонньууларын индустрията уонна киинэ эйгэтэ күүскэ сайдар. Тылбыт сүтэн, симэлийэн хаалбатын туһугар кэнчээри ыччаттарбытыгар анаан оҕо ханаалын арыйдыбыт. Бу анимационнай устуудьуйабытын өссө даҕаны  улаатыннарыахпыт. Иккис улахан хайысханан биотехнология буолар. Билигин Технопаарка уонна М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет кыттыһан биотехнологическай киин арылларыгар үлэлиибит. Инникитин медицина салаатыгар улахан болҕомто ууруллара былааннанар. Ол курдук клеточнай технологияларынан дьарыктаныы барыаҕа. Ол гынан баран биотехнология эйгэтигэр түмүктэри уонча сылынан биирдэ  ылыахпыт диэн өйдүөхтээхпит.

Петр Габышев, “Якутия” технопаарка дириэктэрэ:

IT киинэ арыллыан иннинэ Саха сиригэр 25 хампаанньа аныгы технология эйгэтигэр үлэлиирэ, билигин уопсайа 109 хампаанньа баар буолла, бу ‒ улахан көрдөрүү.

Билигин быыстапкаҕа IТ-технологияҕа, биотехнологияҕа сүүстэн тахса үлэ баар.  Ону таһынан тыы, квадроцикллары оҥорор тэрилтэлэр эмиэ кыттыыны ыла сылдьаллар. Дьокуускайдааҕы хочуолунай собуота быйыл инбэлиит кириэһилэтин оҥорон дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрдө. Бу кириэһилэ тас дойду атыылыыр кириэһилэтиттэн туох даҕаны уратыта суох, оттон сыаната быдан удамыр. Маны таһынан кинилэр бэлисипиэттэри, уһуннук умайар оһохтору, онтон да атын олоххо-дьаһахха туһалаах малы-салы оҥорон таһаараллар, биир сиргэ турбаттар, куруук саҥаны айа-тута, тобула олороллор.

Уустук сиргэ айанныырга аналлаах вездеход

Саха сиригэр суол-иис боппуруоһа ханна да тиийдэххэ сытыытык турар тыын кыһалҕа. Арыт федеральнай трассанан айанныыр кытта ыарахаттардаах буолааччы, чуолаан күһүн-саас оннук хартыына элбэхтик социальнай ситим нөҥүө тарҕанар.

Булчуттарга аналлаах тиэхиньикэни Иннокентий Иванов билиһиннэрдэ. Ааптар этэринэн, тиэхиньикэ тыйыс айылҕаҕа сылдьарга анаан-минээн таҥыллан оҥоһуллубут, Саха сирин кытта сибээстээх буоларын «Мамонт” диэн аата кытта туоһулуур. Ураты көлө бадараантан да, хаартан да иҥнибэтинэн тэҥнээҕэ суох.

«Батрак» хайысхата кэҥиир

«Батрак» дьоҕус погрузчик эрэ буолбакка, элбэх хайысхалаах тыраахтар ааптара — Геннадий Бубенчиков. Инники өттүгэр от охсор, хомуос уонна да атын ыйааһыннаах оборудование холбоноро  күүтүллэр. Үчүгэйэ диэн биһиги ыарахан усулуобуйабытыгар олус барсар уонна ороскуота да удамыр эбит. Таҥан таһаарааччы этэринэн, мотуорун күүһүн эмиэ уларытыахха сөп.

Тыа сирин кыһалҕатыгар сөптөөх тэрил

Быыстапка кыттыылааҕа Тимофей Крылов тэлиэгэтин тыа хаһаайыстыбатын, тыа сирин кыһалҕатыгар анаан оҥорбут. Кини этэринэн, тиэхиньикэ сүрүн анала – ноһуому тиэйии уонна оҕуруот аһын үүннэрии. Олус судургу уонна табыгастаах көлө ирдиирэ да аҕыйах, ханнык баҕарар усулобуйаҕа анаммыт үлэтин толорор кыахтаах. Холобура, тыа сиригэр мас кыстааһына да буоллун, муус киллэриитэ да буоллун – барытыгар туттуллуон сөп. Олбуор биир түгэҕиттэн иккис уһугар ону-маны илиинэн көтөҕөн аҕалыах оннугар, бу тэлиэгэнэн таспыт ордук буоларын киһи көрө итэҕэйэр.

«Сокол» ‒ аныгы кэм тырааныспара

«Якт-Сокол» хампаанньа модун көстүүлээх квадроцикллары оҥорон таһаарар. Бу сырыыга кинилэр «Сокол” диэн ааттаах квадроциклы билиһиннэрдилэр. Аныгы тиэхиньикэ уустук суолунан тэҥэ хонуу усулуобуйатыгар айанныырга аналлаах.

«Сокол” квадроцикл күүстээх уонна боростуой тырааныспар буоларын дакаастаабыт. Таһаҕас уурар сирэ иннигэр да, кэннигэр да сылдьар. Ону таһынан туоннаҕа диэри ыйааһыннаах таһаҕаһы тардар күүстээх.  Таҥан таһаарааччылар билигин анал байыаннай дьайыыга бастакы баартыйаны ыыппыттарын кэпсээтилэр, онон бу тиэхиньикэ чахчы биир тарбахха баттанар көлө аатын ылыан ылбыт.

Маны сэргэ быыстапкаҕа «Кванториум» оҕо технопааркатын иитиллээччилэрэ бэйэлэрин үлэлэрин сырдаттылар. Холобура, харахтарынан мөлтөх дьоҥҥо анаан 3Д-моделларга олоҕурбут музей экспонаттарын илэ баардыы тутан-хабан көрүөххэ сөп.

«Арктик Телеком», «Саха дрон», «Саха фильтр» тэрилтэлэр бэйэлэрин үлэлэрин-хамнастарын билиһиннэрдилэр: Арктикаҕа интэриниэт ситимин тэрийии бырайыага, дроннарга көмпүүтэр бырагыраамата, водофильтральнай оборудованиелар уо.д.а., чахчы, Саха сирин тыын боппуруостарын судургутук быһаарыахха сөбүн дакаастаатылар.

Хаартыскалар:
«Пространство» устуудьуйа түһэриитэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...