Саха дорҕооно: уруккута уонна билиҥҥитэ
«Иһийии», «иһиллэнии» диэн тыллары кытта төрүт инструменнар туох ситимнээх буолуохтарын сөбүн дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэр бастакы холонууну Дьокуускайга Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Хотугу норуоттар тыйаатырдарын сыанатыгар көрдөрдүлэр.
«Иһийэн иһиллэн» бырайыак биир уратытынан истээччи бэйэтин санаатын артыыстардыын бииргэ үллэстиитэ буолла. Бу туһунан Олоҥхо тыйаатырын артыыската, СӨ култууратын туйгуна Иванида Бугуловалыын кэпсэттибит.
– Иванида, сонун бырайыаккыт туһунан билиһиннэр эрэ. Туох санааттан саҕаланна? Ханнык музыкальнай инструменнар тыастара иһилиннэ?
– Бырайыак сүрүн сыалынан билиҥҥи дьалхааннаах олохтон туспа эйгэҕэ киирэн тахсыы, бэйэни уоскутунуу буолар. Саха норуотун музыкальнай инструменын сүрүн уратытынан кыл буолар. Ол иһин кини сымнаҕас тыастаах. Бу күҥҥэ диэри дьон үксэ төрүт инструменнарбыт хайдах-туох тыастаахтарын арааран билбэт. Биирдэ эмэ олоҥхоҕо, испэктээккэ көрөөччүгэ музыка быһыытынан эрэ иһиллэр. Быһатын эттэххэ, испэктээккэ «көмөлөһөр» аналлаах эрэ туттуллар, бэйэтэ инструмент быһыытынан арыллыбат. Онон биһиги бу бырайыагы, иккис өттүнэн, “саха инструменнара маннык тыастаахтар эбит ээ” дэтэр санааттан оҥордубут. Ол курдук, кыл ох, күпсүүр, хомус (биир тыллаах, икки тыллаах), айаан, бас гитара, көннөрү гитара дьүөрэлэһиилэрин истэн, иһиллэнии, иһийии киэһэтэ буолла.
Бастакы холонуубут буолан, “Хайдах тайанныбыт? Сөпкө эрэ, сыыһа эрэ?» диэн долгуйарбыт ханна барыай? Түмүккэ, истээччилэр санааларын үллэстибиттэриттэн сиэттэрэн, маннык муусука дьоҥҥо наадатын биллибит. Төрүт инструмент тыаһа, тэтимэ саха киһитин дууһатын кылын таарыйарыгар итэҕэйдибит.
– Чахчы үчүгэй саҕалааһын. Инструменнарбытын бу диэн ааттарынан билиэхтээҕэр, куоластарын да араарар уустук. Аны туран, инструмент таһаарар дорҕооно оонньооччуттан эмиэ тутулуктаах диэн өйдөбүл баар.
– Оннук. Хас биирдии инструмент оонньуур киһиттэн эмиэ тутулуктаах. Атын-атын оонньооччу атыннык ыллатар, бэйэтин санаатын тириэрдэр. Холобура, бу бырайыакка Олоҥхо тыйаатырын артыыстара кытынныбыт: Айсен Кысылбаиков, Вероника Лыткина – ох, кыл, хомус; Прокопий Сыроватскай – кыл; Герасим Павлов, Дмитрий Готовцев – гитара. Мин күпсүүр, хомус, айаан көмөтүнэн үксүн тэтим биэриитигэр, дорҕоон таһаарыытыгар, ырыаҕа эппиэттээтим.
Бу санаатахха, маннык киэһэлэри көннөрү «кэнсиэр» диэн ааттыыр арыый сыыһа эбит. Дмитрий Иванов «дьүрүскэн» буолуон сөп диэн эттэ. Хас биирдии истээччи бэйэтин тэтиминэн, иһигэр баар кыһалҕатын-үөрүүтүн таһымынан тус-туһунан ылынар диэн көрдүбүт.
– Иванида, төрүт инструмеҥҥа бэйэҥ хаһааҥҥыттан сыһынныҥ?
– 13 сааспыттан Дьокуускай куорат музыкальнай оскуолатыгар Анастасия Кардашевскаяҕа дьарыктанан, сахалыы тыын, дорҕоон диэҥҥэ үөрэммитим. Анастасия Афанасьевна сахалыы матыыптаах ырыаны таһынан, туспа турук, дорҕоон, салгыны тутуу ньымаларыгар болҕомтотун уурбута. Оччолорго хомуска оонньуурга үөрэммитим.
Тохсус кылаастан уһуйааччым салгыы «Эрэл» норуодунай үҥкүү ансаамбылыгар (сал. С.П.Толстякова) cыһыарбыта. Онно аан бастаан күпсүүр диэни туппутум.
2004 сыллаахха «Эрэлгэ» үлэһит быһыытынан киирэммин, үҥкүүһүттэргэ доҕуһуоллаан ыллыыр, күпсүүрдүүр уонна хомустуур ансаамбылы тэриммиппит. Онон сахалыы тыыны тутуум бастакы уһуйааччым, СӨ култууратын туйгуна, «Эйээрик» оҕо фольклорнай ансаамбылын төрүттээччитэ уонна салайааччыта Анастасия Афанасьевна Кардашевская көмөтүнэн саҕаламмыта. Түгэнинэн туһанан учууталбар махтал маанытын тириэрдэбин.
Онтон Олоҥхо тыйаатырыгар артыысканан киирэн, сыыйа-баайа Саха драмтыйаатырын испэктээктэригэр сүрүн доҕуһуолдьут быһыытынан үлэм саҕаламмыта.
2012 сылга Олоҥхо тыйаатырыгар музыканынан Прокопий Сыроватскай киирбитэ. 2018 сылга Вероника Лыткина эбиллибитэ. Үөһээ Бүлүү Олоҥхо ыһыаҕын иннигэр ансаамбылбытыгар «Дорҕоон дойду» гитаристара Герасим Павлов, Дмитрий Готовцев кэлбиттэрэ. Икки сылааҕыта Айсен Кысылбаиков бастаан операторынан киирэн баран, билигин биһигинниин доҕуһуоллаһар. Састааппыт итинник.
Тыйаатырга «Ньургун Боотур» олоҥхоҕо, «Сияющий камень» балекка Айсенныын оонньуубут. Бэйэбит Олоҥхо тыйаатырын испэктээктэрэ эмиэ үксүн тыыннаах доҕуһуолунан бараллар. Аан бастаан доҕуһуол киирбит улахан испэктээгинэн Санкт-Петербурга Театральнай олимпиадаҕа, Москубаҕа «Золотая маска» куонкуруска кыттыбыт, ону таһынан Индияҕа бара сылдьыбыт Матрена Корнилова туруоруутугар “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” буолар.
– Иванида, эн оонньуур, бэрт дьикти тыаһы таһаарар айаан диэн инструмеҥҥар тохтуохха. Уопсайынан, инструменнаргыт маастардарын туһунан тугу кэпсиэҥ этэй?
– Охторбут, кырыымпабыт маастара Руслан Габышев Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх. Урут Горнай маастардара кырыымпа струнатын тимиртэн (гитара курдук) оҥорор буоллахтарына, Руслан кылы туттубут бастакы маастарынан биллэр. Бэйэтэ музыкант буолан, эксперименнээн, кырыымпа нэмин булбут киһи. Билигин киниэхэ үөрэммиттэр өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар тарбахха баттанар маастардар. Оттон мин айаан диэн инструменым кулааһай саҥатын биэрэр. Былыр булчуттар туттар маллара үһү. Инструмеммын Үөһээ Бүлүүгэ олорор маастар Пантелеймон Михайлович Борисов оҥорбута. Кини 70-с сылларга саха норуотун төрүт инструменнарын аан бастаан оҥорон саҕалаабыт сыах үлэһиттэриттэн биирдэстэрэ.
* * *
«Иһийэн иһиллэн» бырайыактан сиэттэрэн, өссө ааспыт үйэ 70-с сылларыгар төрүт инструменнары бастакынан сөргүппүт сыах туһунан сиһилии билээри, маастар Пантелеймон Борисовтыын балта Валентина Андреевна Борисова нөҥүө сибээстэстибит.
– Айааны убайым Пантелеймон Михайлович өрдөөҕүтэ Дүллүкү кырдьаҕас булчута илдьэ сылдьарын көрөн үтүктүбүт. Ол булчут айаана муос үһү, үрэр сирэ – мас, тымныыга хаарыйбатын диэн. Оҕонньор иккис тэрилэ – тирииттэн оҥоһуллубут күпсүүр. Онтуларын үүтээннэригэр хайаан да илдьэ сылдьан, ыраах булчуттары түмсүүгэ ыҥырарга таска таһааран охсоллор үһү. Холобур, улахан адьырҕа чугас баар буоллаҕына, ыксаллаахха туттуллар эбит.
Убайым 1986 сылтан "Саха АССР норуотун маастара", "Хомусчут импровизатор" анал ааттар, "Норуот уус-уран айымньытыгар кылаатын иһин", "Почетный даритель музея хомуса" бэлиэлэр хаһаайыннара. Аан дойду варганнай музыкальнай конгреһын хас да төгүллээх кыттыылааҕа. 2023 сыллаахха СӨ Бэрэсидьиэнин стипендиата буолбута. Билигин сынньалаҥҥа олорор, доруобуйатын туругунан дьарыктаммат. Арыый бэтэрээ сылларга диэри оҕо уһуйааннарыгар тириинэн ударнай арааһын, ынах муоһуттан араастык тыаһыыр инструменнары оҥортоон биэрбиттээх, – диэн быһааран кэпсиир Валентина Андреевна.
Пантелеймон Михайлович бу дьарыгын туһунан бэйэтэ эмиэ кэпсиир.
– 1977 сыллаахха Петр Петрович Семенов көҕүлээһининэн Үөһээ Бүлүү оройуонун промкомбинатыгар «Сэргэ» диэн музыкальнай инструменнары оҥорор сыах аһыллар. Дириэктэринэн саха тылын учуутала Петр Петрович Семенов анаммыта.
Сыах таҥсыыр, дьаҕа, дүҥүр, охсор (ударнай ) арааһын, үрэр тэриллэри – ой дуо, чуһуурба – о.д.а. оҥорор этэ.
1983 сыллаахха мин үлэлии киириэхпиттэн, хомус оҥорор буолбуппут.
Сыах бастакы үлэһиттэрэ Григорьев Анатолий Никитиһы, Тимофеев Василий Степановиһы, Спиридонов Виталий Петровиһы (Бэллэкэ) дириэктэр Алма-Ата куоракка үөрэттэрэн аҕалтаабыта. Оттон сыах маастардарынан бырааттыы Леонид Данилович, Лаврентий Данилович Чучайцевтар, Юрий Лукич Семенов, худуоһунньугунан Алиса Дмитриевна Саввинова таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Мин бэйэм үөрэтэлээбит уолаттарым Дүллүкүттэн Герман Никифоров, Маҥаастан Павел Поскачин кэлин норуот маастардара буолбуттара.
Бу сыах иһинэн хотугу норуоттар төрүт инструменнарын элбэҕи оҥорбуттара. Дириэктэр Петр Петрович улуустары кэрийэ сылдьан сакаас бөҕөтүн хомуйан, Саха сирин үгүс улуустарын хааччыйбыттара. Онтон 2005 сыллаахха, үбүлээһинэ кыаллыбакка, сабыллар. Олус наадалаах сыах этэ, дьиҥэр.
Ити ой дуо үрэр тэрилгэ Санкт-Петербурга баран үөрэммитим. Уонна онно лекция оҥорбутум улахан сэҥээриини ылбыта. Бу биир төрүт инструмеммыт историятын кыратык ахтан ыллахпына, маннык:
Олох былыр боотурдар маска ыттан ой дуолаһан ыҥырсаллара. Кэлин ой дуо тэрили ыһыахтарга туһаналлар. Ыраахтан, чугастан ыалдьыттары ыҥырарга. Уһун маһы хайытан, хаһан оҥороллор. Кылаабынайа, тыаһы таһаарар хайаҕастарын табыахтаахтар. Айаххын угар сириттэн кэҥээн тахсар. Туһанарга дорҕоонун табан үрүллүөхтээх, – диэн Пантелеймон Михайлович эппитин иһиттибит.
Ити курдук, иһийии, иһиллэнии биир киэһэтиттэн саҕалаан, саха дорҕоонун таһаарар инструменнарбыт былыргыттан кэлбит сэһэннэрин сэгэтэн, сэттэ уонус сылларга саҕаламмыт историятын ахтан аастыбыт.
Хаартыскалар дьоруойдар тус архыыптарыттан