14.10.2022 | 18:00

Саха академическай театр 117 сезонун Калмыкия театра арыйар

«Улахан гастроллар» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн Калмыкия Б. Басангов аатынан национальнай драматическай театра П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын сыанатыгар бэйэтин испэктээкиллэрин көрдөрөр.
Саха академическай театр 117 сезонун Калмыкия театра арыйар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

олохтоохторо драмтеатр «Я - Будда», «Араш», «Калмыцкая свадьба» туруорууларын көрөр кыахтаннылар.

«Биһиги уруккуттан Саха сиригэр сылдьыахпытын баҕарбыппыт. «Улахан гастроллар» федеральнай бырагыраама баар буолан, Арассыыйа араас регионнарыгар сылдьар кыахтанныбыт. Саха академическай театр салалтата этиибитин ылыммытыттан үөрэбин. Соторутааҕыта театр биһиэхэ кэлэн ыалдьыттаабыта уонна бэртээхэй туруоруулары көрдөрбүтэ», - диэтэ пресс-конференцияҕа Калмыкия национальнай драматическай театрын генеральнай дириэктэрэ Галина Шураева.

Калмыкия театрын уус-уран салайааччыта Борис Манджиев национальнай актердар сайдыыларыгар саха театра улахан оруоллааҕын бэлиэтээтэ.

«Биһиэхэ Саха академическай театра Арассыыйа национальнай театрдарыгар суолу тэлэйбит театрынан буолар. Арассыыйа национальнай театрыгар улахан болҕомто ууруллубат этэ. Этэргэ дылы, Саха театра Европаҕа түннүгү арыйда, кини көмөтүнэн национальнай театрдардар тустарынан саҥарар буоллулар», - диэн Борис Манджиев санаатын үллэһиннэ.

Бүгүн, алтынньы 14 күнүгэр, нууччалыы тылынан «Я – Будда» испэктээкил көстөр, аныгыскы күннэргэ «Араш» уонна «Калмыцкая свадьба» синхроннай тылбаастаах испэктээкиллэр көрөөччү дьүүлүгэр тахсыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...