Сааскы халааҥҥа бэлэмнэнэбит
Дьокуускай куорат Гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга управлениетын салайааччыта Николай Егоров киин куоракка сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии үлэтин билиһиннэрдэ.
Управление салайааччыта куорат сирэ-уота ууга барыан сөптөөх ордук кутталлаах уу таһымын бэлиэтээн эттэ.
“Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар Өлүөнэ эбэ уутун таһымын хонтуруоллуурга 3 бастайааннай пост уонна Табаҕаҕа, Тулагыга, Кангалааска уонна киин куоракка гидрологическай кэтээн көрөр быстах кэмҥэ үлэлиир постар былааннаналлар”, – диэтэ.
Маны сэргэ, Николай Егоров уу харар учаастактарыгар туох үлэ чопчу ыытылларын, өрүһү туоруур сирдэргэ мууһу кэбирэтэн биэрэр этии киирбитин кэпсээтэ.
Кангалаас тумуһун диэки муус харыыта таҕыстаҕына уонна уу таһыма үрдээтэҕинэ, 1043 киһи (онтон 249-дэ оҕо) олорор 326 дьиэтэ ууга барыан сөп.
Тустаах управление салайааччыта иһитиннэрбитинэн, ыксаллаах быһыы-майгы тахсар түгэнигэр, дьону куоттарарга анаан быстах кэмҥэ үлэлиир 11 пуун аһыллара былааннанар. Онно 1350 киһи олоруон сөп. Наада буоллаҕына, Дьокуускай куоракка баар атын пууннар эмиэ үлэлиэхтэрэ.
Маны сэргэ, Николай Антонович сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии чэрчитинэн былааннаммыт тэрээһиннэри, ол иһигэр Тулагы сэлиэнньэтигэр быстах кэмҥэ гидрологическай пост тэрийии, уу таһыма түспүтүн кэннэ сири-уоту ыраастааһын, наадалаах матырыйаалы хаһааныы, эбии тиэхиньикэни куортамныыр, исписэлиистэри үөрэтии, о.д.а. туһунан кэпсээтэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, киин куорат 9 нэһилиэнньэлээх пуунугар сааскы халаан ордук улахан кутталы үөскэтэр: Табаҕа, Хатас, Сыырдаах, Тулагы, Пригороднай, Капитоновка сэлиэнньэлэрэ, Даркылаах, Кангалаас дьоҕус оройуоннара уонна Маҕан трагын 7 км баар гидротехническай тутууну тоҕо анньан таҕыстаҕына – Марха дьоҕус оройуона.