Сааскы дорҕоон доҕуһуоллаах тэрээһин буолла
Сааскы кэм сардаҥаларынан арыалланар кулун тутар ый хас биирдиибитин да орто дойдуга үтүө, кэрэ баарын итэҕэтэр уонна оннук санааны олохтуур.
Дьэ маннык күннэргэ буоллаҕа уран тылы оһуор-дьарҕаа оҥорон кэпсиир, хоһуйар дьоммут сааскы кэми кэрэҕэ, оҕо сааска, ийэҕэ, ийэ сиргэ холуйаллара.
“Тускул” Култуура киинин ырыа суруйааччылара (мелодистар) түмсэн, 2022 сылтан араас тэрээһиннэри ыыталлар, нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кытталлар. Биир оннук бэртээхэй дьоро киэһэни ааспыт нэдиэлэҕэ Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэринэн бэлэхтээтилэр. Сааскы кэм уһуктуутун, дуоһуйуутун туругар киирэн туран айыллыбыт ырыаларынан бу киэһэ “Тускул” Култуура киинигэр кэлбит Далбар хотуттары, эбээлэри, эдэр кыргыттары эҕэрдэлиир кэнсиэри тэрийдилэр.
Ырыанан турар, ырыанан утуйар, ырыанан олорор, ырыанан иитэр-үөрэтэр эйгэни үөскэтэр учуутал, уһуйааччы СӨ норуодунай артыыһа Алексей Калининскай-Луҥха бу түгэҥҥэ Ксенофонт Уткин – Нүһүлгэн тылларыгар кыыс оҕо кэрэтин, киэн туттуутун – уһун суһуох туһунан “Субуллар суһуох” уонна доҕорун, бииргэ айбыт, үлэлээбит хоту дойду хоһуунун, хаҥаластар киэн туттууларын Христофор Горохов – Элгэстэй тылларыгар “Сахам кэрэ далбардара” ырыалары бэлэх уунна.
Оскуола саҕаттан чуораанныы чугдааран, ырыа ыллыгынан олох киэҥ аартыгар чиҥник үктэммит, билигин ырыа матыыбын айыыга маҥнайгы хардыыларын оҥоро сылдьар 2022 сыллаахха «СӨ култуура бастыҥ үлэһитэ» анал аат хаһаайката, СӨ култууратын туйгуна Татьяна Окорокова Макар Хара тылларыгар “Тапталлаах куоратым” диэн ырыатын бэйэтэ салайар «Кэрэли» ырыа ансаамбыла толордо. Манна даҕатан эттэххэ, бу ансаамбыл кулун тутар саҥатыгар 28 төгүлүн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “Ыллыыр оҕо саас” куонкуруска лауреат буолбута. Онон Татьяна ырыа эйгэтин хайа да хайысхатыгар кэккэ ситиһиилэрдээх, дэгиттэр дьоҕурдаах киһи буолар.
Дьиэ кэргэн олоҕун түстээччи, ийэ ууһун тэнитээччи кэрэ аҥаардарга анаммыт хомоҕой хоһоону дьүрүскэн дьүрүлгэнигэр олордон, уонунан сылларга ырыа ылбаҕай эйгэтигэр сылдьар Исай Брызгалов Василий Еремеев тылларыгар «Кэргэммэр» диэн ырыата бу тиэмэҕэ суруллубут элбэх ырыа ортотугар сүппэккэ-симэлийбэккэ, истээччи биһирэбилин ыларыгар эрэлбит улахан. Төрөөбүт төрүт тылбыт төлкөтө сайдыылаах олох хардыыларын долгунун баалыгар охсуллан иҥэн-сүтэн хаалбатыгар туһуламмыт «Сахам тыла» ырыа киэҥ дуолга көппүтэ бэрт аҕыйах кэм ааста. Ырыа тылын ааптара Иван Адамов-Айдын Мургун буолар.
Сайнаара Данилова – ырыа, хоһоон эйгэтин кыра оҕо эрдэҕиттэн этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар иҥэриммит талааннаах ыччаппыт. Орто дойду олоҕун саамай истиҥ, сылаас иэйиитин, дьол уйаҕас салгынын «Таптал оһуора» диэн ырыаҕа хоһуйбутын көрөөччү сылаастык ылынна. Хайа баҕарар киһи ис туруга тас туругунуун биир тэтимнээх, биир салгыннаах буоллаҕына, кини олоҕу толору тыынан олорор дьоллоох диэн өйдөбүл баар. Бу турук туһунан «Сүрэх этэрин иһиллээ» диэн хоһоонун ырыа гынан көтүппүтүн хатастар бэркэ диэн үөрэн көрүстүлэр.
Төрөөбүт-үөскээбит Монголиятын истиэптэрин курдук киэҥ, көҥүл, хаҥыл тыыны бэркэ туһанар СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Хуухээ Балдорж Виктор Хон тылларыгар суруйбут “Ийэбэр” диэн ырыатын оскуола үөрэнээччитэ Варя Колосова толоруута кулгааҕы минньиттэ, сорохтор харахтара ууламмытын кистии-саба сотуннулар. Варя алта оҕолоох иллээх-эйэлээх Сардаана, Денис Колосовтар улахан кыыстара.
Маргарита Индеева төрөөбүт-үөскээбит, улааппыт, иитиллибит дьиэтиттэн айар-тутар эйгэҕэ тахсыбыт Мэхээс Сэмэнэп, Сэргэй Сэмэнэп–Сэгэй хоһоон-ырыа хонуутугар тэҥ хоһуун буоллахтарына, Маргарита мелодияны айыыга сэргээһини ылар холонуулардаах. Дойду ахтылҕана, дойдумсах буолуу хас биирдии киһиэхэ хайдах сатыырынан, сатанарынан этиллэр, тиэрдиллэр. Ким эрэ уруһуйдуур, иистэнэр, сэһэн-кэпсээн уо.д.а. Маргарита Индеева бу иэйиини Венера Петрова тылларыгар «Дойду ахтылҕана" диэн ырыатынан тиэрдэн, дьон сүрэҕин долгутта. Күн, күндү, күлүмнэс... Чахчыта, күн диэтиҥ даҕаны, сааскыны, сандаархайы, сырдыгы, сылааһы саныыгын, ордук чуолаан биһиги сахалар күнтэн олус тутулуктаахпыт, уһун кыһыны быһа күнү күүскэ да күүскэ күүтэбит. Онон Евдокия Гаврильева тылларыгар «Күн тахсыыта» айымньыта эмиэ сэргээччилээх-кэрэхсээччилээх.
Саха санаалаахха сандаархай сардаҥалары саҕар алаас айар-тутар дьон сүрэҕэр-дууһатыгар мэлдьи баар. Дэгэрэҥ ырыа тэтимин эттиин-хаанныын, өйдүүн-саналыын иҥэриммит Николай Протасов тылларыгар уонна матыыбыгар "Кыракый алааһым" диэн бэрт сэргэх ырыаны Зоя Баишева тэгилитэ-тугулута толоруута биһирэбили ылыан ылла.
Кыра эрдэҕиттэн кыҥкынас кылыһахтаах, оччугуй эрдэҕиттэн чуор куоластаах Зоя Пестерева – Портнягина айар эйгэҕэ саҥа аат буолбатах. Бу киэһэ кини көрөөччү биһирэбилин ылбыт «Сүрэхпэр эн эрэ» диэн ырыатын хайдах эрэ ураты тыыннаан толоруута ырыаҕа, тылга сыһыантан айымньы туруга хайдах курдук уларыйарын туоһута буолла.
Кутуллар иэйиитин тоҕус уонус сыллартан мүлчү тута илик Николай Андросов хоһоонньут Яна Байгожаевалыын биир дойдулаахтар, иитиллибит, улааппыт, көрө-истэ, сөҕө-махтайа ылыммыт айылҕалара эмиэ атылыылар, айар-тутар эйгэлэрэ даҕаны алтыһаллар. Онон анаан да суруллубуттар бааллар, суруллубукка да айыллыбыттар бааллар. Бу сырыыга Николай ырыа эйгэтигэр биир саамай ааттаах-суоллаах “Үрдэл” бириэмийэ анал аатын ылбыт “Талабын мин эйигин” ырыатын хаһан даҕаны буоларын курдук истиҥ иэйиилээхтик, этэргэ дылы, итийэн-кутуйан туран толордо. Бу эмиэ сүрдээх үчүгэй хаачыстыба, ырыаны бүүс-бүтүннүү бэринэн туран толоруу көрөөччүнү убаастааһын, ааптардарга махтал буолар. Николай ырыаларыгар тумус туттар классиктарбыт даҕаны бааллар, билиҥҥи кэмҥэ биһирэбили ылбыт биллиилээхтэр, хоһоон хонуутугар саҥа үктэммиттэр да аҕыйах буолбатахтар. Олортон биирдэстэрэ Хаҥаластан Лариса Далбараева – Далбар тылларыгар суруллубут “Иэйии” диэн ырыа араадьыйаҕа, телевизорга, кэнсиэрдэргэ элбэхтэ иһиллэр. Хоһуйар тыл хонуутугар хоһууннук хаамар Нохтохон тылларыгар элбэх ырыа айааччы айар-тутар санаалара сөпкө түбэһэн, эҥин дьикти айымньылар тахсаллар. Николай мелодиятыгар “Олоҕум сулуһа” диэн олус табыллыбыт ырыаны добун дорҕоон дойдутун тахсан эрэр чаҕылхай сулуһа Анастасия Иванова астына-дуоһуйа ыллаата.
Бу киэһэ дьирибинитэр, дьигиһитэр, дьүрүһүтэр, куйаар күөнүгэр көҥүл тыыннарар, аргыс оҥостор ытыс ымыыта хомуһу туойар "Хомус тыына" диэн Алтаана Кэрэ айбыт хоһоонугар Алена Пинигина-Күн Чөмчүүнэ матыыбыгар ырыа буолан таҕыста. Дьэ уонна бу киэһэ киэргэлэ, кэтэһиилээх кэһиитэ буолан Евдокия Семенова тылларыгар, Алена Пинигина – Күн Чөмчүүнэ матыыбыгар "Үс дойду" ырыаны “Үс дойду” трио толордо. Ырыа тыллара сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох буолан биэрдэ. Орто дойду олоҕун туонатыгар үрүҥ-хара мөккүөрэ, үтүө-мөкү күөн көрсүһүүтэ мэлдьи баар. “Үс дойду” тыллара ил-эйэ тыыныгар киирэн таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан, айан-тутан олорорго анаммыттар. Өссө биир кэрэхсэбилэ уонна бу ырыа тыллара үрдүктүк сыаналаммытын туоһута - саха санаалаах бары убаастыыр, тумус туттар киһибит Дьарааһын – Герасим Семенович Васильев алгыһынан доҕуһуола буолар.
Дьэ ити курдук “Сааскы дорҕооннор” кэнсиэр Хатаспыт ырыа айааччыларын түмсүүтүн күүһүнэн истиҥ-иһирэх тыыннаах, ураты сылаас, сырдык, сымнаҕас салгыннаах буолан, бу күннэргэ буола турар үгүс элбэх кэнсиэрдэртэн уратытык ааста.