09.04.2022 | 14:00

Саас оҕо дьиэттэн барыыта элбиир

Саас оҕо дьиэттэн барыыта элбиир
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Сааскы кэм диэн бу айылҕа уһуктуута, ньургуһун тыллыыта, таммах таммалааһына эрэ диэн буолбатах. Саас киһи эмиэ уһуктар, ордук оҕо аймах таһырдьаны былдьаһар, кэлиэн-барыан баҕарара күүһүрэр. Бу кэмҥэ ньиэрбэлэрэ мөлтөх оҕолор өссө актыыбынай, настарыанньалара түргэнник уларыйар, ытыы да сылдьар буолаллар эбит. 
Маны таһынан халлаан сылыйан оҕо уһуннук таһырдьа сылдьа сатыыр, дьонуттан, дьиэтиттэн да барар түбэлтэтэ ордук бу кэмҥэ тахсар. Онуоха туһааннаах тэрилтэ үлэһиттэрэ туох сүбэни биэрэллэрин ааҕааччыларбытыгар кэпсиэхпит.

Бу быраабылалары тутуһуҥ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ис дьыалаҕа министиэристибэтэ саастарын ситэ илик оҕолор билбэт дьоннорун кытта сыһыаннарыгар маннык быраабылалар баалларын санатар. Маныаха төрөппүттэр уонна оҕолор ханнык да быһылаан сиэртибэтэ буолбаккатыгар, холку уонна бэрээдэктээх сылдьаргытын хааччыйарга сүбэлэри биэрэр.

 

Тоҕо оҕо быһылаан сиэртибэтэ буоларый?

Тоҕо диэтэххэ, хайа баҕар оҕо олус итэҕэйимтиэ. Ханнык баҕарар оҕоҕо чугас сыһыаны олохтуохха сөп: мороженайынан, оонньуурунан, кыраһыабай буолуу күрэҕэр ыҥырыынан, массыынаҕа хатааһылата ыҥыран о.д.а.

 

Күүс өттүнэн өттөйүүттэн, атаҕастааһынтан быыһаныахха сөп дуо?

Сөп! Маныаха быһыыны-майгыны сөптөөхтүк сыаналыахха уонна сөптөөх быһаарыныыны ылыныахха наада. Оҕолоргутун бэйэлэригэр, ис кыахтарыгар, санааларыгар эрэнэргэ үөрэтиҥ. Өскөтүн аттыгар сылдьар киһиэхэ кыра да саараҥнааһын баар буоллаҕына, оннооҕор дьиэ кэргэнэ билэр да киһитэ буоллун – киниттэн тэйиччи сырыттын. Оҕо сорох түгэҥҥэ эйэҕэһэ суох буоларыттан кыбыстыбатын курдук үөрэтиҥ.

 

 Төгүл табылыыссатын кытта, эһиги оҕоҕут бу түөрт быраабыланы нойосуус билиэхтээх:

* Билбэт киһитин кытта кэпсэтиэ уонна кинини дьиэҕэ киллэриэ суохтаах.

* Өскөтүн соҕотох буоллаҕына, билбэт киһитин кытта лифкэ, подъезка киирбэтин.

* Билбэт дьонун массыынатыгар олорсубатын.

* Уулуссаҕа соҕотоҕун өр сылдьыбатын, чуолаан хараҥарыыта.

 

Арай билбэт киһитэ уулуссаны ыйдардын, көрдөрөн биэр диэтин уонна суумкатын илдьэн биэрэргэ көмөлөһүннэрдин? 

Син биир “СУОХ!” диэн этиэхтээх. “СУОХ” диэн этэргэ оҕолоргутун үөрэтиҥ.

 

Ханнык түгэҥҥэ оҕо куруук “СУОХ!” диэн хоруйу туттуохтааҕый?

Өскөтүн эйигин ыалдьыттыы киллэрэ сатаатахтарына эбэтэр дьиэҕэр тиэрдиэхпит диэтэхтэринэ, билэр ыалларыҥ, кэккэлэһэ олорор дьонуҥ да буоллун.

Өскөтүн оскуолаҕар эбэтэр оҕо саадыгар билбэт, туора киһи ыла кэлбит буоллаҕына, оттон төрөппүттэриҥ бу туһунан эрдэ сэрэппэтэх буоллахтарына.

Өскөтүн төрөппүттэриҥ суох кэмнэригэр билбэт киһиҥ кэлэн дьиэҕэр киирэ сатаатын эбэтэр кинини кытта ханна эмэ бардыбыт диэтин.

Өскөтүн билбэт киһиҥ тугунан эмит күндүлээри гыннын.

 

Оттон улахан киһи арахсан биэрбэккэ дьаныардаахтык эт да эт буолар, тугу гынаҕын?

Маннык киһиттэн күүһүҥ-кыаҕыҥ баарынан куотуохха наада. Уонна дьиэҕэр кэлээт да бу туһунан төрөппүттэргэр хайаан да кэпсиэхтээххин.

Оттон арай киһиҥ эйигин батыһан иһэр буоллаҕына, тугу гынаҕын?

Куот! Дьон баар сирин диэки куот. Дьону көмөҕө ыҥырартан кыбыстыма.

 

Уулуссаҕа бэйэни туттан сылдьыы быраабылата:

- Өскөтүн киэһэ дьиэҕэр соҕотох барыахтаах буоллаххына, түргэнник уонна бэйэҕэр эрэллээхтик хаам, куттаммыккын биллэримэ; эрэнэ көрбүт дьахтаргар эбэтэр саастаах паараҕа тиийэн кэккэлэһэ хаамыаххын сөп.

- Оптуобуска суоппартан чугас олор, тохтобулуҥ кэллэҕинэ, бүтэһик түгэҥҥэ таҕыс, эрдэттэн бэлэмнэнимэ, биллэримэ.

- Суолга массыына тохтотон куоластаама, илдьэн биэрэбин дуо диэтэхтэринэ, аккаастан, аадырыһы ыйдардахтарына эмиэ. Ханнык да түгэҥҥэ суолу көрдөр, массыынаҕа олорус диэтэхтэринэ, сүбэлэһимэ.

- Дьоно суох сиргэ, ыраах барыма, соҕотоҕун сылдьыма.

- Хараҥа кэмҥэ оптуобустан тахсыбыт бөлөх дьону кытта кэккэлэһэ сырыт.

- Сырдык да кэм буоллун, суолбун кылгатабын, быһалыы барабын диэн дьиэ аннынан, тутуу ыытылла турар сиринэн, быраҕыллыбыт дьиэ таһынан о.д.а. сэрэхтээх сирдэринэн сылдьыма.

- Уулуссаҕа турар туалеттарга улахан дьоно суох кииримэ.

- Иннигэр итирик эбэтэр элбэх киһилээх бөлөх баран иһэр буоллаҕына, уулусса анараа өттүгэр туораа эбэтэр маршруккун уларыт.

- Өскөтүн массыына аттыгынан бытааннык айаннаан иһэр буоллаҕына, суол атын өттүгэр туораа.

- Хаһан баҕарар чугас дьоҥҥор ханна бараргын эт, киэһэ хойутуу кэлэр буоллаххына, көрсөллөрүгэр көрдөс.

 

СӨ ИДьМ пресс-сулууспатын матырыйаалларынан

Сыллата 50-ча тыһыынча оҕо дьиэтиттэн күрүүр

Бу ынырык сыыппаралар нөҥүө төһөлөөх харах уута, аймалҕан, сүрэх ыарыыта этиллибэккэ, кистэнэ сытара буолуой? Хас ийэ, аҕа оҕотун сүтэрэн, күнү-күннээн, ыйы-ыйдаан ытаабыта, баттаҕа маҥхайбыта буолуой?

Бу Арассыыйа үрдүнэн сыыппаралар. Ол туһунан РФ ИДьМ бэрэстэбиитэлэ Светлана Ушакова Уопсастыбаннай палаата төгүрүк остуолугар иһитиннэрэн турар.

Кини бэлиэтээбитинэн, бу оҕолортон үксүлэрэ бэйэлэрэ буруй оҥороллор эбэтэр куһаҕан санаалаах дьон сиэртибэлэрэ буолаллар. “Сыл аайы федеральнай ирдэбилгэ 45 тыһыынча кэриҥэ оҕо сылдьар, - диир Ушакова. – Хас төрдүс оҕо маннык барыыта биир эрэ түбэлтэ буолбатах”.

2020 сылга 849 дьиэтиттэн уонна судаарыстыбаннай тэрилтэттэн куоппут оҕо криминалы кытта сибээстэспит. Буруй сиэртибэлэрэ онтон 114, ол иһиттэн 24 оҕо суорума суолламмыт. Быстах быһылаантан эбэтэр бэйэҕэ тиийинэн сааһын ситэ илик 85 оҕо өлбүт.

Ушакова чуолкайдаабытынан, дьиэлэриттэн күрээбит оҕолору ханнык да саастарын ситэ илик оҕолор быстах кэмҥэ олорор кииннэригэр ыыппаттар. Бу биирдэ эмит эбэтэр куруук даҕаны административнай буруйу оҥорор оҕолорго эмиэ сыһыаннаах. Профилактическай миэрэлэр иитэр-үөрэтэр бэсиэдэ быһыытынан ыытыллаллар эрээри, эрдэҕэс улаатан эрэр саастаах оҕолорго бу туһалаабат.

“Маннык оҕолору анал кииҥҥэ киллэрэр нормативнай төрүөт суох, оттон киллэрэр дьиҥэр наада”, - диир Ушакова.

Харантыын кэмигэр оҕо сүтүүтүн көрдөрүүтэ син ханнык эмит да буоллар түһэ сылдьыбытын бэлиэтииллэр. Ити сааскы кэмҥэ, харантыыҥҥа олоруу кэмигэр. Оттон сайынын оҕо лааҕырдара, сынньалаҥ кииннэр бары сабыллан турбуттара, онон оҕолор даачанан эбэтэр куоракка кыбартыыраларыгар төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хааллан олорбуттара.

2020 сыл түмүгүнэн оҕо сүппүт ахсаана элбэҕинэн маннык регионнары ааттыыллар, онно биһиги Сахабыт сирэ киирэ сылдьар. Ол курдук Ленинградскай уобалас, Татарстан уонна Саха өрөспүүбүлүкэлэрэ, Новгородскай уобалас уонна Алтай, Карелия, Мордовия.

Сорох регионнарга, официальнай статистика этэринэн, хас бэһис ирдэбилгэ сылдьааччы – оҕо. Бу Саха өрөспүүбүлүкэтэ, Волгоградскай уобалас уонна Дагестан. Бу Арассыыйа үрдүнэн саамай үрдүк көрдөрүүлэр.

 

Интернет сайтан, “Где мои дети” блогтан ылылынн

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....