Саамай сөптөөх диэн көрөбүн
Семён Афанасьевич Сергеев, Дьокуускай куорат кылаабынай архитектора:
— Мин Иваны кытта билсибитим син ыраатта диэххэ сөп. Ити эппитин курдук, үлэбинэн нэһилиэнньэни кытта көрсөр кэммэр уолаттар киирэ сылдьан бэйэлэрин санааларын кэпсээбиттэрэ. Ол онно тута куорат суолларын эргиирдэригэр туруоруохха сөп эбит диэн кэпсэтэн бигэргэппиппит.
Кэнники сылларга куоракка элбэх саҥа суол тутулунна. Итинник силбэһиилээх суол эргиирдэригэр уонна ол сирдэргэ улахан баараҕай тутуу көҥүллэммэт буолан, үчүгэйдик оҥоһуллан туттуллубакка тураллар. Сэргэлэри итинник сирдэргэ туруорар саамай сөптөөх диэн көрөбүн. Тоҕо диэтэххэ суоппардар көрөр сирдэрин бүөлээбэт тутуу буолар уонна сүрүнэ суолтатыгар сытар. Биһиги куораппытыгар сахалыы тыыны эбэр аналлаах диибин. Хомойуох иһин, бүгүҥҥү күҥҥэ уулуссаларбытыгар сахалыы тыын тиийбэт курдук, ону кэлии ыалдьыттар бэлиэтии көрөллөрүн мин хаста да истэн турардаахпын. Онон ити Иван этиилэрин хамсатан, тиһэҕэр тиэрдэр киһи олус туһалаах дьыала буолуо этэ. Мин санаабар, үбүн-харчытын, сүүрүүтүн-көтүүтүн кыайдахха, уопсай көмөнөн куораппытын тупсарыа этибит.
Билигин нэһилиэнньэ туруорсуутун өйүүр араас бырагыраамалар бааллар. Ол курдук, үп министиэристибэтин иһинэн сыл ахсын улуустартан, куорат уокуруктарыттан сайаапка хомуйаллар уонна биир сыл иһигэр дьоҕус тутуулары үлэҕэ киллэрэллэр. Онон инникитин итиннэ күүскэ үлэлэһэн, бу бырайыгы сотору кэминэн дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарыахха наада дии саныыбын.
https://kiinkuorat.ru/articles/ivan-yakovlev-dokuuskayy-sahalyy-tyynnyahha