Саалтааны туhунан кинигэ сүрэхтэннэ
Тохсунньу 31 күнүгэр Арчы дьиэтигэр “Саалтааны. Асхар Даадар сыдьааннара” диэн кинигэ сүрэхтэниитигэр сырыттым. Көрсүһүүгэ баһаам киһи кэлбитэ күүтүүлээх-кэтэһиилээх кинигэ күн сирин көрбүтүн туоһулуур.
Саалтааны – бэйэтин кэмигэр, бөдөҥсүтүү иннинэ, Ньурба улууһугар биир улахан, сайдыылаах “Ленин суола” холкуос киинэ этэ, ол билигин эстэн, өтөхсүйэн турар сир. Инньэ гынан кырдьаҕастар олохтон туораатылар да, өйтөн-санааттан сүтэн-симэлийэн, күдэҥҥэ көтүөн сөбө. Онуоха, хата, Сергей Никитич Климов, Андрей Саввич Саввинов, Татьяна Дмитриевна Сидорова диэн үйэтитии энтузиастара баар буолан, дьоһун кинигэ күн сирин көрөн, үйэ саас тухары Саалтааны туһунан өйдөбүл сүппэт дьылҕаланна. Ону ааһан, баҕар, төрүттэрин туһунан бу кинигэттэн билэн, дойдуларынан киэн туттан сүргэлэрэ көтөҕүллэн, инникитин Саалтааныларын иккис тыынныыр санаа иҥиэҕэ, биир быйаҥ сир сөргүтүллүө, чэчирии сайдыа. Оннук санааны тыл этээччилэр бары таарыйдылар.
Кинигэни оҥорон таһаарыы – ылбычча кыаллар үлэ буолбатах, идеятыттан тарҕатыытыгар диэри хас да сыл ааһыан сөп, чуолаан үбүлээһин суох буоллаҕына. Бу халыҥ тастаах, толору өҥнөөх кинигэни ааҕааччы бэйэтэ толору төлөөн, 75 ахсаанынан таһаартарда. Түҥ былыргы номохтортон саҕалаан, архыып матырыйаалларыгар олоҕуран, дьон-сэргэ ахтыытыгар тирэҕирэн тиһиллэн, киэҥ ис хоһоонноох, сэдэх хаартыскалардаах кинигэ буолбут. Мин саныахпар, саатар 150 экземпляр буоларын курдук спонсор көстүбүтэ буоллар, ааптардар сыралаах үлэлэрэ арыый киэҥник тарҕаныа эбит...
Энтузиаст дьоннорун үлэлэрин сыаналаан, саалтаанылар актыып бөлөхтөрө (Уус Алдантан Валентина Шадрина, Хаҥалас улууһуттан Евдокия Егоровна Асекритова-Данилова, Арчы дьиэтин үлэһитэ Евдокия Ивановна Кондратьева уо.д.а.) интэриниэт ситиминэн күннэтэ билсэ турар буолан, бэрт улгумнук хомуллан кинигэ сүрэхтэниитин үрдүк таһымҥа тэрийэн ыыттылар, Саалтааныттан төрүттээх Ил Түмэн дьокутаата Владимир Прокопьев эҕэрдэ тылын эттэ, ааптардарга махтал сурук туттартаата, Чаппанда нэһилиэгин баһылыгын Краснослав Бухолов аатыттан кинигэ оҥорооччуларга, кырдьаҕастарга сибэкки дьөрбөтө тиксэрдилэр.
Мунньах курдук буолбакка, биир дойдулаахтар өлгөм астаах сандалы тула олорон алгыстаах, ырыалаах-тойуктаах, үҥкүүлээх-оһуохайдаах, кырыымпалаах сонун тэрээһиҥҥэ сылдьан, аймах-уруу дьон, ыаллыылар, үөлээннээхтэр көрсөн үөрдүлэр-көттүлэр.
Мин эбэм Ксения Афанасьевна Григорьева, кини балта Анна Афанасьевна Григорьева кэргэниниин Ян Алексеевич Яковлевтыын төрөөбүт-үөскээбит, ойор-тэбэр оҕо саастара ааспыт Саалтааныларын санаан-ахтан, толору дуоһуйдулар, үөлээннээхтэрин сыдьааннарын майгыннатан билэн, олохтон туораабыт атастарын-доҕотторун илэ көрбүт курдук сананнылар. 96 саастаах эбэм Ксения Афанасьевна Саҥа дьыл саҕана туппут кинигэтин күн бүгүн иккис төгүлүн ааҕан бүтэрдэ, “дойдум туһунан билбэтэхпин биллим” диэн ааптардарга махтала улахан.