18.11.2023 | 14:00

Саахалга бэлэм буолуҥ

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын ситимнэригэр саахал, кээһэнии тахсар түгэнигэр олохтоохтору сэрэхтээх буоларга ыҥырар. Ордук кыһыҥҥы кэмҥэ ситимнэр кээһэниилэрэ улахан мэһэйдэри үөскэтэр, маныаха кэмигэр сөпкө дьаһаммыт, эрдэттэн бэлэмнэммит ордук.
Саахалга бэлэм буолуҥ
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Электроэнергия ситимигэр кээһэнии таҕыстаҕына, олохтоохтор өр кэмҥэ уота суох хаалыахтарын сөп, ону кытта уопсастыбаннай тырааныспар сырыыта үксүн уларыйар, уокка оҕустаран эчэйии куттала улаатар.

Канализация саахалыгар кирдээх эттиктэр тулалыыр эйгэҕэ тарҕанан, эпидемиологическай турук нуормата кэһиллэр.

Уунан хааччыйыы ситимигэр алдьаныы түмүгэр олохтоохтор иһэр уута суох хаалыахтарын сөп.

Ититии ситимигэр кэһиллии тахсыыта кыһын дьиэлэри тоҥорор кутталланар, дьону куттала суох сиргэ көһөрүү ыытыллыахтаах.

 

Олох-дьаһах хомунаалынай ситимигэр тахсар кээһэниилэри, буоларын курдук, туһааннаах сулууспалар түргэнник туората сатыыллар, ол эрэн сорох түгэҥҥэ саахалы туоратыы бириэмэтэ уһаан биэриэн сөп. Ол иһин дьиэ иһигэр хайаан да испиискэ, хаһаайыстыбаннай чүмэчи, уоту кылгас кэмҥэ хааччынар тэриллэр (холобур, генератор уонна кини оттуга) баар буолуохтаахтар.

Тугу гынабыт?

Бастатан туран, суһал сулууспаларга иһитиннэрэбит:

РЭС ЦЭС ПАО “Якутскэнерго” диспетчердэрин киин сулууспата – 21-55-68

ЯТЭЦ ПАО «Якутскэнерго» – 21-58-49

Гаас сулууспата – «104»

«Водоканал” АУо – 44-91-54

ЕДДС – 44-42-51

112 – манна эрийэн, аварийнай сулууспаларга иһитиннэриҥ диибит.

Уот барар, арахса-арахса холбонор түгэнигэр, суһаллык электрическэй прибордары розеткаттан араарабыт – уот кэлэр түгэнигэр, прибордар алдьамматтарын, алҕас баһаар саҕаламматын туһугар маннык дьаһаныахтаахпыт.

Чааһынай дьиэлээхтэргэ ититиилэрэ уот бардаҕына, саппаас генератордаах уонна онтуларыгар уматыктаах буолаллара ордук.

Уот суох кэмигэр ас астанарга, эрэллээх прибордарынан туттуҥ. Баһаартан сэрэхтээх буолуҥ.

Уу ситимэ алдьаннаҕына, кырааннары барытын сабыахтаахпыт. “Водоканал” диспетчердэригэр эрийэн иһитиннэрэбит – 44-91-54.

Ас астанаргытыгар атыыланар иһиттээх ууну туттуҥ, күөлтэн,  үрүйэттэн уу баһар доруобуйаҕа кутталлаах.

Ханнык баҕарар ууну оргутан баран иһиллиэхтээх. Бытовой фильтрдары туттар, ууну иһиккэ баһан баран туруора түһэн сөҥөрдөр ордук, онно эбии үрүҥ көмүс манньыаты эбэтэр ньуосканы уган, бактерияларын өлөрүөххэ сөп.

Кран уутун тоҥорон баран ириэрэн аһылыкка туттуохха сөп. Бастаан чараас гына үөскээбит мууһун ылан быраҕабыт. Онтон иһитин аҥаара тоҥмутун кэннэ, ордук уутун сүөкээн кэбиһэбит, мууһун ириэрэн иһэр уу оҥостобут.

Ититии ситимэ араҕыстаҕына, ититиинэн хааччыйар тэрилтэ диспетчердэригэр эрийэн тиийэҕит (ЯТЭЦ, АУо «Теплоэнергия» уо.д.а.):

ЯТЭЦ – 21-58-49

“Теплоэнергия” АУо – 35-85-33

Дьиэни ититэргэ алдьаныыта суох, үчүгэй туруктаах эрэ ититэр прибордарынан туһаныҥ, бэйэ оҥоһуута уоту ыытар бобуллар. Электрическэй эбэтэр гаас билиитэтинэн дьиэни ититэр эмиэ көҥүллэммэт. Ититии барбыт дьиэтигэр ааннары, түннүктэри суорҕанынан сабар ордук, дьиэ кэргэн дьонун барытын биир хоско түмэн олоруҥ – сылаас буолуо. Халыҥнык таҥнан баран тумууну сэрэтэр эмтэри иһиэххэ сөп.

Гаас сытын ыллаххытына, билиитэҕит кыраанын тута сабан кэбиһиҥ. Табахтаамаҥ, испиискэни уматымаҥ, уоту холбоомоҥ, кыбартыыра уотун барытын счетчиктан арааран кэбиспит ордук – уот кыымыттан гаас эстиэн сөп. Ааны, түннүгү-үөлэһи барытын арыйан, дьиэҕитин салгылатыҥ. Дьиэлээхтэргитин таһырдьа таһаартааҥ.

Гаас сытыгар туймаарбыт дьон баар буоллаҕына салгыннаах сиргэ таһааран, төбөтүн үөһээ гына сытыарыҥ, суһал көмөнү ыҥырыҥ.

Гаас сулууспата – 104

Таһырдьа алдьаммыт, быстыбыт уот ситимин боруобаттарыттан 5-8 миэтэрэ тэйиччи туттуохтаахпыт, тутан көрөр, көннөрөр табыллыбат. Атын дьон тыыппатын курдук, кэтэбили тэрийиҥ уонна ЕДДС 44-42-51 эбэтэр  РЭС ЦЭС ПАО «Якутскэнерго» диспетчердэригэр эрийиҥ 21-55-68.

Өскөтүн электричество ситимэ эһиги таскытыгар быһыннаҕына,  хардыылаан буолбакка, куобахтыы ойон бу сиртэн тэйэн биэриэхтээххит (маныаха “шаговое напряжение” диэн үөскүөн сөп, ол иһин икки атаххытын холбуу тутан ойуохтааххыт).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...