14.03.2024 | 14:00

Сааһырбыт төрөппүттэргитин уонна кыра оҕолору харыстааҥ!

Дьокуускай куоракка инфекционнай ыарыыларга сутуллубут киһи ахсаана, ордук оҕолор уонна сааһырбыт дьон ортолоругар, үрдүк. Онон бүгүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа  терапевт-бырааһа Айыына Дьячковскаяны кытта кэпсэтиини ааҕааччыларбыт болҕомтотугар таһаарабыт.
Сааһырбыт төрөппүттэргитин уонна кыра оҕолору харыстааҥ!
Ааптар: Зоя ИГНАТЬЕВА, Айыына Донская тылбааһа
Бөлөххө киир

Айыына Захаровна, ким ордук сэрэниэхтээҕий?

Ыарыыга ордук ылларымтыа араҥа: сааһырбыт дьон, кыра оҕолор, оҕо күүтэр дьахталлар, хроническай ыарыылаах (астма, диабет, сүрэх-тымыр ыарыылара) уонна мөлтөх иммунитеттаах дьон.

 

Грипп сибикилэрэ:

• температура үрдээһинэ (97%)

• сөтөл (94%)

• сыыҥк-сыраан (59%)

• күөмэй ыарыыта (50%)

• төбө ыарыыта (47%)

• аҕылааһын (41%)

• былчыҥнар ыалдьаллар (35%)

• конъюнктивит (9%).

 

Грипп туох уустуктарга тиэрдиэн сөбүй?

Сезоннай грипп 5-7-с хонукка (сороҕор арыый хойутуу) сыыстарыыга тиэрдиэн сөп, оттон атын гриппкэ 2-3-с хонукка. Маннык ордук киэҥник тарҕаммыт көрүҥүнэн вируснай пневмония буолар. Вируснай пневмония түргэн тэтиминэн сайдар, үгүс ыарыһахха 24 чаас иһигэр тыыннара хаайтарар, суһал көмө быһыытынан тыҥаны салгынынан хачайдааһын (механическай вентиляция) ирдэнэр. Тутатына, түргэнник эмтэннэххэ, ыарыы арыый чэпчэкитик ааһар.

 

Дьиэ кэргэҥҥэ грипптээбит киһи баар буоллаҕына?

•Ыалдьыбыт киһини туспа хоско сытыарыҥ. Сатаммат буоллаҕына, биир миэтэрэттэн итэҕэһэ суох тэйиччи сылдьыҥ.

• Ыарыһаҕы дьонуттан-сэргэтиттэн, ордук оҕолортон тэйитэр, сааһырбыт уонна хроническай ыарыылаах дьону кытта алтыһарын хааччахтыыр ордук.

• Дьиэҕитин-уоккутун сотору-сотору сууйуҥ-сотуҥ, салгылатыҥ, дезинфекциялыыр тэриллэри туһаныҥ.

• Илиигитин сууна сылдьыҥ.

• Ыарыһаҕы көрөргө-истэргэ мааската кэтиҥ.

• Ыарыһаҕы дьиэ кэргэн биир чилиэнэ эрэ көрөрө-истэрэ ордук.

 

Грипп ыарыыны тумууттан хайдах араарыахха сөбүй?

Тыынар уорганнар вирустан эмсэҕэлээһиннэрин (ОРВИ) сорох дьон судургутук тумуу диэн ааттыыллара баар суол. Планета  инфекционнай ыарыыларын түөрт гыммыт үһүн ылар саамай киэҥник тарҕаммыт ОРВИ ыарыыны наһаа элбэх вирус көбүтэр.

Грипп уонна ОРВИ үксүгэр салгынынан бэриллэллэр, ол аата салгыҥҥа киһи ытырдарыгар, сөтөллөрүгэр силин кытта вирустар тахсаллар. Онон тумууну үгүстүк грипп ыарыытын кытта бутуйар. Өйдүөххэ наада, ОРВИ – арыый чэпчэкитик ааһар ыарыы, судургутук эмтэнэр. Ыалдьыбыт дьон температурала үрдүүр, күөмэйдэрэ ыалдьар, сыыҥтаналлар. Ити барыта ОРВИ сибикилэрэ. Оттон вирус көбүппүт грипп ыарыыта ОРВИ-тан ыараханнык ааһар уонна араас уустуктарга тиэрдиэн сөп, холобура, ойоҕостотууга (пневмония).

Ханнык симптомнар баар буоллахтарына, бырааһы ыҥырыллыахтааҕый?

– Температура эмискэ 39–40 кыраадыска диэри таҕыста, эт-сиин, былчыҥ быһыта тутта, кураанах уонна ыарыылаах сөтөл, сэниэ эстиитэ баар буолла да, бырааһы ыҥырыахха наада.

Маннык түгэҥҥэ сорох дьон бэйэлэрэ, быраас анааһына суох, антибиотиктарынан эмтэнэн бараллар. Ол туһунан туох диэххин сөбүй?

– Антибиотиктарынан ОРВИ да, грипп да эмтэммэт! Ити эмтэри быраас анаатаҕына, ыарыы уустуктары үөскэппит буоллаҕына эрэ иһиллэр.

Онон бэйэҕит билэргитинэн эмтэнэ сатаамаҥ. Тоҕо диэтэххэ сөтөл, тумуу уонна күөмэй ыарыыта – бары араас-араастар. Холобура, сөтөл эмэ икки көрүҥнээх: кураанах сөтөлү тохтотор (останавливающие кашлевой рефлекс) уонна сили хоҥнорон таһаарарга көмөлөһөр. Муруҥҥа куттар хааппылалары талар эмиэ судургута суох. Эмп ырыынагар баар хааппылалар бары тымыры кыаратар аналлаахтар (сосудосуживающие средства), кинилэр слизистай испитин аччаталлар уонна мурун бүөлэниитин суох оҥороллор, тыынары чэпчэтэллэр. Ити хааппылалары туттуу алта саастарын туола илик оҕолорго, оҕо күүтэр уонна эмиийдэтэр дьахталларга, итиэннэ сааһырбыт дьоҥҥо көҥүллэммэт. Тоҕо диэтэххэ хаан баттааһынын үрдэтиэхтэрин, сүрэх тэбиитин түргэтэтиэхтэрин (тахикардия) сөп.

Ол иһин көннөрү тумууга даҕаны эми туһааннаах быраас талан аныахтаах! Кини эрэ кимиэхэ туох барсарын быһаарар кыахтаах.

Оттон температураны түһэрэр наада дуо?

– Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтин сүбэтинэн, 38,5 кыраадыстан намыһах температураны түһэрэр наадата суох. Итиччэ температура – организм инфекцияны кытта охсуһар, көмүскэнэр быһыыта. Бактериялар уонна вирустар тымныыга уонна үрдүк температураҕа биир тэҥник кыайан тарҕамматтар. Итини таһынан, үрдүк температура – инфекция организмҥа өссө да баарын уонна кинини кытта охсуһар наадатын туоһута.

Температураны булгуччу түһэриэхтээх дьон категорията баар дуо?

– Оннук, температураны булгуччу түһэрэллэрэ ирдэнэр араҥа диэн баар:

• сүрэх ыарыһах оҕолор уонна улахан дьон (стенокардия, сүрэх ишемическай ыарыыта, сүрэх пороктара)

• хроническай бронхиттаах, тыҥалара «обструктивнай» ыарыылаах, астмалаах дьон

• киин ньиэрбэ систиэмэтин кытта сибээстээх ыарыылаахтар, холобур, эпилепсиялаах дьон

Онон, температуралаах буоллугут даҕаны булгуччу бырааска көрдөрүллүөхтээх.

Быраас сүбэлэрэ: 

•ОРВИ-нан ыалдьыбыт сибики баар буолла даҕаны, дьиэҕитигэр олоруҥ. Элбэхтик сытыҥ, сынньаныҥ, ааҕымаҥ, тэлэбиисэри көрүмэҥ. Төлөпүөнүнэн үлэҕитин быһаарсымаҥ. Бэйэҕитигэр ыалдьары көҥүллээҥ, иммуннай систиэмэ аралдьыйбакка үтүөрэр эрэ соругу толоруохтаах.
• Элбэхтик уута иһиҥ. Чэгиэн организмҥа күҥҥэ балтараа лиитэрэттэн аҕыйаҕа суох уу ирдэнэр, ыарыйдахха, өссө элбэх наада буолар. Сылаас утахтары иһэ сатааҥ. Итирдэр утахтартан аккаастаныҥ, организм көмүскэнэр күүһүн намтаталлар. «Биэрэстээх буокканан» эмтэнии ыарыы уһуннук салҕанарыгар, дириҥииригэр тиэрдэр. 
• Элбэҕи аһаамаҥ. ОРВИ-га аппетит мөлтүүрүн үрдүнэн ыарыһаҕы сыалаах-арыылаах, минньигэс аһылыгынан хадаҕалааһын организмы эбии ноҕуруускаҕа күһэйэр. 
• Уопсастыбаннай тырааныспарга уонна элбэх киһи тоҕуоруһар сиригэр гигиеническэй маасканы кэтиҥ.
• Илиигитин мыылалаах уунан сууна сылдьыҥ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...