Саҕалаабыта алгыстаах, үлэлээбитэ үйэлээх
Хатас нэһилиэгэ СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр эрдэттэн бэлэмнэммитэ. Ол курдук, хаартыскаҕа, уруһуйга көрүүлэр, любитель худуоһунньуктар быыстапкалара тэрилиннилэр, саахымакка күрэх, улахан кылаас оҕолоругар квиз оонньуу ыытылыннылар.
«Бары уруһуйдуубут»
Михаил Ефимович Николаев саҕалаабыт үгүс хамсааһыннарыттан, бырайыактарыттан биирдэстэрэ «Рисуем все» буолар. Бу үтүө туоһута – «Тускул» култуура киинин иһинэн үлэлиир итинник ааттаах түмсүү. Ол курдук биэс сыл анараа өттүгэр Хатаска «Тускул» КК ойуулуур-дьүһүннүүр искусствонан дьарыктаныан баҕалаахтар сомоҕолоспуттара. Хара маҥнайгыттан кимиилээхтик, тахсыылаахтык үлэлээн, бу биэс сыл тухары ситиһии, кыайыы балачча баарыттан саҕалаабыт дьон сэмэйдик үөрэбит.
Биэс сылбытын көрсө Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун икки чилиэнэ баар буолла, уонунан ааҕыллар быыстапканы туруордубут – аҥаардас “Үргэл” АРТ-галереяҕа иккитэ, Строительнай ырыынак кыһыл саалатыгар, “Симэх” галереяҕа уо.д.а. Куонкурустарга, көрүүлэргэ кыттан, Хатаспыт аатын доргуччу ааттаттыбыт. Ону сэргэ, Ефремовтар дьиэ кэргэн альбом таһаардылар.
Манна даҕатан эттэххэ, А.Р. Шелковникова, А.А. Ефремова, Д.П. Катанова, С.М. Макарова курдук уопуттаах уһуйааччылардаахпыт диэн киэн тутта кэпсиибит. Бары маҥнайгы анал үөрэхтэрин П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа ылбыттара.
Маны сэргэ, “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйааныгар О.А. Лазарева уонна Т.Д. Попова үлэлэрэ турдулар. Татьяна Дмитриевна “Айылҕа хаамыытын таайан, күн-дьыл хардыытын өйдөөн” быыстапкатын аатын көрдүҥ да, айылҕа күн-дьыл хардыытынан уларыйыыта-тэлэрийиитэ, баайа-дуола дэлэйдик, истиҥник, ис сүрэхтэн иэйиилээхтик суруллубутун дьиҥ чахчы итэҕэйэҕин. Сэтинньи Байанай ыйа буоларын быһыытынан, уһуйааҥҥа буолар сиэргэ-туомҥа сөп түбэһэр хартыыналар кэлбиттэриттэн уһуйаан үлэһиттэрэ үөрүүлэрэ үрдүк. Октябрина Афанасьевна “Ийэ – айылҕа айгылаах, айылҕа – ийэ иэйиилээх” диэн быыстапкатыгар турбут үлэлэрин аҥаара ийэҕэ, төрөөбүт дьиэтигэр анаммыттар, сүрэҕин иэйиитин, дууһатыгар иҥмит сырдык өйдөбүллэри өҥ-дьүһүн дьүөрэлэһиитинэн тириэрдибит.
Маны сэргэ, Марфа Петровна Мигалкина быыстапката “Дууһа сиэркилэтэ – сэбэрэ” диэн ааттанан, олохтоох дьаһалта дьиэтигэр турда, дьон-сэргэ киэҥ сэҥээриитин ылла.
М.Е. Николаев 85 сааһын көрсө ыытыллыбыт уруһуй күрэҕэр Томпо улууһун Кириэс-Халдьаайытыттан, Мэҥэ Алданыттан, Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыттан, Таатта улууһуттан, Хатастан, Дьокуускай куораттан элбэх кыттааччы үлэтин ыытта. Ол курдук, Томпо улууһун Е.П. Неймохов аатынан орто оскуола уруһуйга учуутала Софья Васильевна Бурнашева бастыҥ салайааччы аатын ылла. Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго Хаҥалас улууһун Покровскайыттан Федоров Илья (6 кылаас), Павлова Алина (5 кылаас) миэстэлэстилэр. Салайааччылара Юлия Ивановна Неустроева оҕолор дьоҕурдарын таба көрөн үлэлэспитэ махталлаах уонна хайҕаллаах суол диэн бэлиэтиибит (бастыҥ үлэлэри хаһыат 24-с сирэйигэр көр – ред.).
Хаартыскалар – кэм кэрэһиттэрэ
Бастакы, бастыҥ, баһылык, барҕарыы… Бу тыллар дорҕоон эрэ дьүөрэлэһиитинэн майгыннаспаттарын арылхай туоһута саха норуотун дьиҥ чахчы бастыҥ киһитэ, барҕарыы суолун баһылаабыт бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев буолар. Кини өрөспүүбүлүкэбитин салайарын саҕана үгүс сылларга олохсуйан хаалбыт көрүүлэр сөргүтүллэн, саҥардыллан, сахабытын, сахалыы санаабытын ыһыктыбакка, төрүт үгэстэрбитин тирэх оҥостон, аныгы олох харса суох хаҥыл хардыытыгар сөп түбэһиннэрэн, эдэр ыччаты үрдүктүк тутуу, кинилэргэ эрэл кэлбитэ. Кини үлэһит буолуоҕуттан хайа да хайысхаҕа, ханна да үлэлээтэр куруутун туох эрэ саҥаны, сонуну киллэриигэ сүрүн болҕомтотун уурара. Өссө биир саамай сыаналанар, убаастанар уонна атыттарга холобур буолар өрүтэ кини дьоҥҥо тэҥ сыһыана, болҕомтолооҕо, элбэх информацияттан наадалааҕын, тыыппалааҕын, инникилээҕин өйдөөн өйөөбүт, көҕүлээбит түгэннэрэ үгүстэр. Ол туһунан суруллубута, кэпсэммитэ, сэһэргэммитэ элбэх. Бу этиллибити барытын хаартыскалары көрүү бигэргэттэ.
Билиилэрин хаҥаттылар
Үрдүкү кылаас оҕолоругар “Биһиги маҥнайгы бэрэсидьиэммит” диэн викторина ыытылынна, дьон болҕомтотун тардар, билиини-көрүүнү иҥэрэр тэрээһин буолла. Манна үс хамаанда кытынна. Оҕолор Михаил Ефимович олоҕор, үлэтигэр анаммыт ыйытыыларга хоруйдаатылар, кроссворд таайдылар, анаграмманы оҥордулар, хапытааннар санаа үллэһиннилэр, СӨ Өрөгөй ырыатын ылластылар, геральдика туһунан иһиттилэр уо.д.а. элбэх сорудаҕы толордулар. Манна оҕолору кытыннарбыт 8, 9, 10 кылаастар салайааччылара Е.Н. Винокуроваҕа, Н.И. Марковаҕа, Ю.М. Константиноваҕа, Л.М. Оконешниковаҕа махталбыт улахан. Үөрэнээччилэр тэрээһиннэргитигэр ыҥыраарыҥ диэн тарҕастылар.
Аны бу күн ыытыллыбыт саахыматчыттар айар-тутар сезону арыйар күрэхтэрэ Михаил Ефимович үбүлүөйүгэр быһаччы сыһыаннаах буолла. Кини киһи аймах олоҕун устатын тухары сайдар-үүнэр аартыгын арыйарга сирдьит сулус быһыытынан киллэрбит биэс хайысхатыгар (музыка, уруһуй, араас омук тыла, чэгиэн-чэбдик турук) саахымат оруола улахан.
Дьэ, ити курдук, улуу, чулуу, сүдү киһибитигэр сүгүрүйүүбүтүн араас тэрээһиннэринэн бэлиэтээтибит.