09.04.2021 | 19:46

Саҕалааһын үчүгэй!

Саҕалааһын үчүгэй!
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

2018 сыллаахха Сардана Авксентьева куорат баһылыгынан талыллан баран оптуобус төлөбүрүн икки солкуобайын аччатан олохтоохтор, айанньыттар үөрүүлэрин үксэппитэ. Саҥа талыллыбыт баһылыкпыт Евгений Григорьев дьаһалынан куорат кытыытын нэһилиэктэрин оҕолоро оптуобуһунан босхо айанныыр буоллулар.

 

Билигин сыана муҥутуурдук үрдүү турар кэмигэр кыра да чэпчэтии олус наада. Маҕаһыыҥҥа буол, биллэриигэ буол – ханна эрэ чэпчэкитик атыыланар сирин талаҕын. “Чэпчэтии!” диэн суруллубут буоллаҕына, хараҕыҥ онно тута быраҕыллар. Оттон элбэх оҕолоох ыаллар, массыынанан тиэллэр кыахтара суох буоллаҕына, биллэн турар, оптуобуһунан айанныыллар. Онуоха саҥа талыллыбыт баһылык дьаһала кэмигэр олус туһалаах буолара саарбаҕа суох.

 

МУУС УСТАР 1 КҮНҮТТЭН ОҔОЛОР БОСХО АЙАННЫЫЛЛАР

Дьокуускай куорат Үөрэххэ управлениета 2021 сыл муус устар 1 күнүттэн 5-11 (12) кылаастарга куорат иһигэр уонна кытыы сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыттан сылдьар куорат оскуолаларыгар үөрэнэр оҕолор уопсастыбаннай тырааныспарга босхо айанныылларын туһунан иһитиннэрбитэ. Бу сыалга куорат бүддьүөтүттэн барыта 15 мөлүйүөн солкуобай тыырылынна.

“Үөрэнээччи куорат уопсастыбаннай тырааныспарыгар уонна куорат кытыы нэһилиэктэригэр айанныыр маршруттарга босхо сылдьарын туһугар үөрэх тэрилтэлэринэн оскуола оҕотугар айан каартатын оҥоруу үлэтэ ыытылынна”, – диэн Үөрэх управлениета иһитиннэрэр.

Оҕо оскуола каартатынан ыйга 60 айанныыр кыахтаах. 61-с айантан саҕалаан куорат оптуобустарыгар сылдьар тарыып сыанатынан оҕо бэйэтэ төлүүр буолар. 

Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын экономикаҕа Департамена иһитиннэрбитинэн, куорат кытыы сэлиэнньэлэригэр 5-11 кылаастарга үөрэнэр 3 тыһыынчаттан тахса оҕо олорор. Кинилэртэн 1 686 оҕо оптуобуһунан туһанар.

Оскуола оҕолоругар босхо айаны киллэрэр туһунан бу иннинэ Евгений Григорьев куорат баһылыгын эбээһинэһин толорон олорор кэмигэр биллэрбитэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускайга босхо айанынан алын кылаас үөрэнээччилэрэ бары, ону таһынан 5-тэн 11 (12)-кэ диэри кыаммат ыал оҕолоро туһаналлара.

Бу сонуну олус үөрэ иһиттибит

Алевтина Петровна, Тулагы олохтооҕо:

- Биһиги быйыл икки оҕобут выпускной кылаастар. Ол эбэтэр 9-с уонна 11-с. Орто сүһүөх кылаастарга диэри бэйэбит оскуолабытыгар үөрэммиттэрэ. Онтон үөрэххэ туттарсалларыгар диэн, оҕолорбут инникилэрин санаан анал хайысхалаах, сүрүн предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр куорат оскуолатыгар көһөрбүппүт. Бастаан утаа аҕабыт массыынатынан таһара, барыта табыллан иһэр курдуга. Оҕолор куоракка сарсыарда үөрэнэ киирэн баран үргүлдьү онно эксээмэннэригэр бэлэмнэнэ, араас куруһуоктарга, консультацияларга сылдьар курдук хаалаллара, онтон киэһэтин аҕалара төттөрү ылан кэлэрэ. Кини оччолорго куоракка үлэлиирэ, үлэтигэр гараастаах буолан абыраммыппыт.

Онтон дьэ былырыыҥҥыттан пандемия саҕаланан үксүн,  наар дьиэҕэ олорон үөрэнии, үлэлээһин саҕаламмыта. Эмиэ да биир өттүнэн үчүгэй курдук этэ. Оҕолор айаннаабаттар, уматыкка экономиялыыр курдуккун. Мин дьиэҕэ кыраларбын көрөн олоробун, аҕабыт эмиэ дьиэтиттэн үлэлиир буолбута. Онтон эмискэ аҕабыт тэрилтэтэ эстэр, сабыллар диэн сонун барыбытын соһутта, хомотто. Дьэ, ыктарыы буолла, хата Путин оҕолорго анаабыт босуобуйалара абыраатылар. Аны туран, аҕабыт вахтанан үлэҕэ барабын диэн турда. Хайыахпытый, ыыттахпыт дии. Мин кыраларбын уһуйааҥҥа биэрэн баран маҕаһыыҥҥа атыыһытынан киирдим. Улахаттарым айаннарын харчыларын ааҕыы-суоттааһын саҕаланна. Хата, эбэлээх эһэбит бырайыастарыгар көмөлөһөн абыраатылар.

Онтон дьэ бу үөрүүлээх сонун кэлэн, бары да харахпыт сырдаата, санаабыт көнньүөрдэ. Санаан көрүҥ, айаммыт сыаната 60 солкуобай, кэлэ-бара 120 солк., икки оҕоҕо күҥҥэ 240 солкуобай тахсар. Манна эбэн кэбис күннээҕи аһылыктарын. Ыйга иккиэннэригэр 6 тыһыынчаттан тахса харчы барар. Аны мантан саас репетитор көрдүүрбүт буолуо. Сорох ардыгар куоракка көһөн киирэрбит дуу, хайдах дуу диэн санаалар үөскүүллэр. Ол эрэн дьиэ куортамныахха наада буолар. Онон дьэ төһөлөөх үөрбүппүтүн санаан көрүҥ. Саҥа талыллыбыт баһылык Евгений Григорьевка ис сүрэхпититтэн махтанан туран инникитин быыбардааччылар, куорат олохтоохторун эрэллэрин, итэҕэллэрин өссө ыла турдун, эппитин, эрэннэрбитин толорон ситиһиилээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээтин диэн ийэлии махталбын куорат хаһыатын нөҥүө тиэрдэбин.

Иван Семенович, Табаҕа с. олохтооҕо:

- Биһиги үс оҕолоох ыалбыт. Кыраларбыт манна бэйэбитигэр үөрэнэллэр, улахан уолбут Семен куоракка 17-с №-дээх оскуолаҕа үөрэнэр. Тоҕо онно ыыттыгыт диэтэххэ, эмиэ биир дьээбэлээх. Оҕо саадыттан доҕордоһор, ыаллыы дьоммут оҕолоро кыыс онно үөрэнэр. Кэлин ыкса табаарыстыы буоллулар быһыылаах, этэргэ дылы, доҕордоһуулара тапталга кубулуйда. Ол эрэ буолбатах, манна диэн эттэххэ, анараа оскуолатыгар быдан дириҥник, кыһаллан үөрэтэллэр, бэйэтэ да үөрэххэ тардыһыыта күүһүрдэ. Кинилэри кытта мантан хас да оҕо куоракка үөрэнэр, онон кэлэ-бара оптуобуһунан аргыстаһан сылдьаллар. Ол иһин бэрт, барыларын кэтии-маныы сылдьабыт, бэйэлэрэ да тутуһан бииргэ айанныыллар, кэтэсиһэллэр, күүтүһэллэр, атаарсаллар.

Уолбут онно үөрэнэр эрэ буолбатах, араас куруһуоктарга, спортивнай секцияларга сылдьар. Тренердэрин олус убаастыыр, манна да эрчилин диэтэххэ буолбат. Кыралаан ситиһиилэнэр, күрэхтэһиилэргэ кыттар. Куоракка балтым аах олороллор, онон күрэхтэһиилээх буоллаҕына хоно хаалар.

Бырайыас туһунан этэр буоллахха, биллэн турар, ыктарыы баар этэ. Хаһан да массыынанан таһыллыбатах оҕо, куруук бары да харчыга айанныыбыт. Онон босхо айанныылларын туһунан сонуну истэн, олуһун диэн үөрдүбүт. Бастаан утаа итэҕэйимиэх курдук буолбуппут, саатар муус устар 1 күнүттэн диэн этэ. Ол да буоллар дьаһалта, үөрэх управлениета хайаан сымыйа сураҕы тарҕатыай? Оҕолор биһигиннээҕэр ордук үөрбүттэрэ, үчүгэйдик аһыахпыт, киинэҕэ сылдьыахпыт, харчыбытын наар экономиялаан сороҕор аһаабаппыт даҕаны диэн билигин кэлэн билинэллэр.

Кырдьык, биһиги, төрөппүттэр, оҕолорбутун ыытан баран, этэргэ дылы, таҥара илиитигэр туттарар буоллахпыт. Киэһэ этэҥҥэ кэллэхтэринэ үөрэбит эрэ.

Маннык куорат кытыытыттан сылдьааччы оҕо элбэх буолуохтаах. Онон бу олус сөптөөхтүк ылыллыбыт быһаарыы диэн төрөппүттэр ааттарыттан махталбын этэбин. Оҕо биир сиргэ хаайтаран олоруо суохтаах, өскөтүн кэрэҕэ, сырдыкка, үөрэххэ тардыһар буоллаҕына киэҥ сиргэ талаһара сөп. Ол биһиги кыракый бөһүөлэкпитигэр сорох секциялар, куруһуоктар суохтара оҕолор буруйдара буолбатах. Онтон биһиги олорор сирбитин уларытарбыт эмиэ ыарахан, манна улааппыппыт, манна үлэлээхпит, онон биир үүт-хайаҕас – оҕобутун үөрэннин, билиигэ тардыстын диэн киэҥ сиргэ, куоракка ыытар буоллахпыт.

 

Дьэ, ити курдук сааскы бастакы үөрүүлээх сонун куорат кытыытыгар олорор оҕолору, төрөппүттэри кэмэ суох үөртэ. Кырдьык, эттэххэ дөбөҥ, биир оҕоҕо 3000, икки оҕоҕо 6 тыһыынчаттан тахса барара. Билигин дьиэ кэргэн бүддьүөтэ төһөлөөх чэпчиэҕэй, ити харчыга оҕолорун эбии үөрэттэриэхтэрэ, аны эксээмэн, банкет, үөрэххэ киирии, репетитор, о.д.а. ороскуоту киһи ааҕан сиппэт. Онон кырыымчык олохторо арыый чэпчээн, айан төлөбүрүгэр төбөлөрүн сыспакка оҕолор да, төрөппүттэр да бу үтүө сонуну уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...