08.11.2022 | 18:00

Саҥа туһалаах сыһыарыы таҕыста

Саҥа туһалаах сыһыарыы таҕыста
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Якутия» технопаарка резиденэ оҕо көрөөччүлэри булар сыһыарыыны оҥордо. «Под присмотром» сыһыарыы App Store-га уонна Google Play-га баар.

Манна анал үөрэхтээх иитээччилэр, педагогтар, быраастар уонна устудьуоннар үлэлииллэр. Сыаната – биир чааһа 300 солкуобайтан саҕаланар.

Оҕону 3 ыйыттан 9 сааһыгар диэри көрөллөр. Эрэллээх оҕо көрөөччүлэртэн ураты өҥөнөн туһанааччыларга сыана туруоруллар, сыанабыл суруллар.

Сыһыарыыга оҕо көрөөччүнү уонна оҕону холбоон видеонан көрүөххэ сөп. Билиҥҥитэ бу сыһыарыынан 300-тэн тахса төрөппүт уонна 100-тэн тахса оҕо көрөөччү туһанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
“Дыгын-2025”  сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр
Спорт | 03.01.2025 | 14:04
“Дыгын-2025” сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр
Кэлэр сайын Улуу Туймаала уйгу-тунах ыһыаҕар буолар “Дыгын оонньууларыгар” 2024 сылы түмүктүүр 1-кы сүүмэрдээһин күрэхтэһии үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Ахсынньы 24-25 күннэригэр “Триумф” уораҕайыгар 26 улуустар уонна куораттар 58 уоланнара түмсэннэр, ким ордук күүстээх бэлэмнээҕин быһаарыстылар. Быйылгы сүүмэрдээһин уратылаах буолла. Дьон астына көрдө. Тэрийэччи, салайааччы, Саха многоборьетын федерациятын толорооччу дириэктэрэ, “Дыгын...