13.12.2024 | 10:00

Саҥа сылы эрэнэ күүтүөҕүҥ!

Саҥа сылы эрэнэ күүтүөҕүҥ!
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Кыһалҕата суох киһи билигин, арааһа, суоҕа буолуо. Хас биирдиибит ипотекалаахпыт, эйиэхэ суох буоллаҕына, оҕолоргор, ону таһынан араас кирэдьиит, онно кыпчыттарыы, харчы тиийбэтин айдаана, оҕоҥ ымсыырарын сатаан ылбакка, ол хомолтото. Ити курдук бара туруон сөп. Онон кыһалҕата, быһаарыллыбатах дьыалата-куолута суох киһини билигин тымтыктанан да булар саарбах. Хаһан эрэ бастакыбын кирэдьиит ыларым саҕана аттыбар олорор саастаах дьахтар “олох музей экспоната сылдьар эбиккин” диэн соһуйан турардаах.

Тутулуга суох экспертэр дааннайдарынан, дойдубут хас төрдүс олохтооҕо, ол эбэтэр 36 мөлүйүөн кэриҥэ киһи, дохуота тиийинэн олоруу кээмэйиттэн намыһах, ол аата кинилэр дьадаҥылар. Оттон бүтүн аан дойду үрдүнэн, ХНТ дааннайынан, 700 мөлүйүөнтэн тахса киһи быстар дьадаҥытык олорор, күннээҕи наадыйар малларын толунар кыахтара суох. Аны манна көннөрү дьадаҥылар диэн дьону эбэн кэбистэххэ, сыыппара 2 миллиардка тиийиэн сөп!

Саҥа дьылбыт чугаһаата. Биир саамай ороскуоттаах, харчыны хамсатар, бэлэх-туһах бэрсэр, сандалы хотойорунан толору астаах-үөллээх бырааһынньыкпыт бу тиийэн кэллэ.

Биир ийэ айманар:Саҥа дьыл быраааһынньыктарын олох сөбүлээбэппин. Каникуллара 27 чыыһылаттан саҕаланар уонна икки нэдиэлэттэн ордук дьиэҕэ олоробут. Өйүм дьэ көтөр. Маннык уһун сынньалаҥ күннэри отой абааһы көрөбүн. Барыларын аһатыахха, оҕолору аралдьытыахха наада, эбиитин ыалдьыттар кэлиэхтэрэ, ханна эрэ ыҥырыахтара. Онно барытыгар бэлэхтээх бараҕын, кэлбит дьоҥҥо эмиэ тугу эрэ утары уунуохха наада.  Оҕолору ханна эрэ сырытыннарар, ыытар туһунан этэ да барбаккын! Бииринэн, харчы суох; иккиһинэн, дьоммут ыраах олороллор, онно айаннарыгар ким да босхо илдьибэт буоллаҕа”.

Иккис ийэ кэпсиир: “Саҥа дьыл кэлэрин олох куттана күүтэбин. Үс оҕолоохпун, бары оскуолаҕа үөрэнэллэр. Бэйэм соҕотох ийэбин, аҕабыт быраҕан барбыта ыраатта, тугу да көмөлөспөт, ханна баарын да билбэппит. Икки сиргэ муоста сууйабын, хааччыллыыта суох мас дьиэҕэ олоробут. Хамнаһым туохха да тиийбэт. Хата, дьиэбит бэйэбит киэнэ, онон куортамтан син быыһаннахпыт. Биир үөрэрбит диэн, ыалларбыт үчүгэй дьон,  саҥа дьыл түүн фейерверк ыталларыгар бары тахсабыт, эҕэрдэлэһэбит, элбэх оҕолоохпун билэр буоланнар, өссө минньигэс бэлэх биэрээччилэр. Биһиги тугу да ыппаппыт, көрөөччүнэн, таһынааччынан сылдьабыт.

Итэҕэйиэххит суоҕа гынан баран биир да оҕом төлөпүөнэ суох. Улаханым алтыс, кыраларым төрдүс уонна иккис кылааска үөрэнэллэр. Улахан кыыс быйыл, бу соторутааҕыта эрэ, саҥа дьылга төлөпүөн көрдөөтө. Биллэн турар, оҕолорго барыларыгар баар буоллаҕа, биһиги төлөпүөннээҕэр буолуох таҥаспыт-саппыт да мөлтөһүөр. Куорат биир да сыаналаах маҕаһыыныгар үйэбэр сылдьа иликпин. Биир ырыынактаахпыт, сэрэйдэххит буолуо – кытайдар киэннэрэ. Онно тиийэн син түһэрсэн ылабыт, онон иккис кыыс эдьиийэ аччаабытын кэтэр, кырабыт уол. Кырам аны сыаналаах, пультаах массыына көрдүүр, орто кыыс быйыл төрдүс кылааһы бүтэрэр буолан наһаа мааны былаачыйа кэтиэн баҕарар үһү. Дьэ, муҥ диэтэҕиҥ. Тоҕо эрэ быйыл бары баҕа санааларын эттилэр. Урут оскуолаларын бэлэҕинэн сөп буолаллар этэ. Улахан бырааһынньык да тэрийээччим суох. Бэрэски, соркуой, пицца оҥоробун, хомпуот атыылаһабын, онон бүтэр. Ити араас салааттарын хантан астыахпытый, сыанабыт да ыараабыта сүрдээх.

Уопсайынан бырааһынньыктар биһиэхэ сытыы боппуруос буолаллар. Оҕолорум төрөөбүт күннэригэр бэлэхтэрэ диэн сакалаат эҥин эрэ ылан биэрэбин. Бэйэлэрэ да ирдээбэттэр. Ол эрээри быйылгы саҥа дьылга бэлэх көрдөөбүттэриттэн соһуйа сылдьабын. Дьиҥэр, подъезтары сууйар кыргыттар хамнастара үрдүк, мин быыкаа тэрилтэҕэ 15 тыһыынчаҕа үлэлиибин, биирим хамнаһа отучча. Элбэх сиргэ үлэлиэхпин сиһим ыалдьан сордуур, бириэмэм да тиийбэт. Оҕолорум оскуолаҕа бэйэлэрэ сылдьаллар, улахан кыыс аһын бэйэтэ астыыр. Уларыйар сааһа буолан дуу, хаппырыыстыыра, саҥата суох барара эҥин элбээтэ. Онон бу күннэргэ наһаа санаарҕыы сылдьар буоллум. Ытаан да ылабын, хомойобун, оҕолорбун аһынабын. Саатар улахан кыыспар төлөпүөн ылбыт киһи, кирэдьиит да буоллун, хайаан да оҕобор бэлэхтиэм диэн сыал-сорук туруоруна сылдьабын. Оччоҕо эмиэ чэпчээн кэлэбин.

Көмөлөһөр дьонуҥ суох дуу диигин дии. Эппитим курдук аҕалара ол курдук сураҕа суох сүппүтэ, куоппута, аймахтара манна суохтар, билсибэттэр даҕаны. Бэйэм соҕотохпун, дьонум суохтар, халыҥ аймах да буолбатахпыт, тыа сиригэр аҕыйах киһи олорор да, олох кэпсэппэппин, уопсайынан дьонум эрдэ суох буоланнар, тэйсэн хаалбыппыт. Дьэ ити курдук настарыанньалаах саҥа дьылы көрсөөрү сылдьабыт. Оҕолорум улаатан иһэллэр, барахсаттарым ийэлэрин өссө наһаа өйдүүллэр, көмөлөһө сатыыллар. Эһиилгиттэн эбии үлэ булбут киһи дии саныыбын, оччоҕо эрэ тиийинэн олоруо этибит. Аны бэйэм буруйбуттан оҕолорбор босуобуйа оҥотторбокко сылдьыбытым. Онтум дьэ кэлэр ыйтан түһүөхтээх, арба онтубар олох улаханнык эрэнэбин. Бэйэм өссө күүстээх, кыраттан уолуйбат, санаабын түһэрбэт буола сатыыбын. Оҕолорум босуобуйалара кэллэҕинэ, киһилии аһы аһатан, таҥыннаран, атыттартан итэҕэс буолбаттарын курдук олоруохпут этэ. Онон эһиилги сылы улаханнык эрэнэ күүтэбин, босуобуйа туһунан өссө оҕолорбор этэ иликпин, кэллэҕинэ, дьэ, күүлэйдиэхпит этэ, төһө эрэ үөрээхтииллэр диэн испэр саамай кэтэһэрим ол. Чэ, бары этэҥҥэ олоруҥ, истиҥ баҕа санааҕыт туоллун”.

Бу ийэ кэпсээнин истэн баран бастаан наһаа аһыммытым, онтон бэйэтэ да, аһары үҥсэргээри гынным, дьону аймаан диэн тохтообута, саамай эрэнэрэ, кырдьык, босуобуйатыгар эбит. Тоҕо эрдэ оҥотторботоххун диэбиппэр чуолкайын эппэтэҕэ, бэйэм буруйбунан, акаарыбынан эрэ диэбитэ. Туох билиэ баарай, истибэтэҕэ дуу, докумуоннарын сатаан сиппэтэҕэ дуу, билбит суох. Кырдьык, дойдубут салалтата, өрөспүүбүлүкэбит да оҕо туһугар кыһаллара, кинилэр дьоллоох олоххо олороллоро биир улахан көмө, өйөбүл буоларын бары билинэбит. Итинник ыарахан олохтоох ыаллары испииһэктээн, олорор сирдэринэн кэрийэн, эҕэрдэлээн, баҕа санааларын толорон бэлэх биэрэн, өйөөн сылдьаллара буоллар, ити үөһэ эппит дьадаҥылар ахсааннара аҕыйаан иһиэ этэ буоллаҕа.

Биир дьүөгэм айманар: “Айа да айа, ким толкуйдаабытай, Саҥа дьылга хайаан да бэлэх бэрсэр туһунан. Сахалар бэйэбит саҥа дьыллаахпыт дии, улуу бырааһынньыкпыт – Ыһыах. Дьиҥэр, бу күн бэлэх бэрсиэхтээх этибит буоллаҕа, сахалыы маллары-саллары,  кытыйалары, чорооннору. Суох, биһиги, дьэ, саҥа дьыл түүн, күн бэлэх бука барыларыгар биэриэхтээхпит. Сотору халлааммыт тымныйан, туман быыһынан дьуостар курдук мунан-тэнэн бэлэх көрдүү ыстаныахпыт. Сорох өйдөөхтөр эрдэтинэ ылаллар, интэриниэтинэн сакаастыыллар, ол кэннэ сылаас дьиэҕэ олороллор. Миэнэ куруук буолаары турдаҕына, аспын-үөлбүн да оннук ылабын, массыынам суох, эт атахпынан икки-үс суумканы нэһиилэ сүгэн-көтөҕөн дьиэбэр аҕалабын. Кэргэним хантан көмөлөһүөй, куруук кини иллэҥэ суох аатырар, оҕолор үөрэхтэрэ, эксээмэннэрэ. Чэ, уопсайынан, наһаа сылайабын. “Праздничная депрессия”” диэн термин баар эбит дии. Мин оннуктарга киирэбин быһыылаах. Аны тохсунньу 1 күнүгэр кэргэним аймахтара тоҕо сууллан кэлэллэр. Олорго ааҕа бэлэх ылыахха наада. Быһа холоон сүүсчэкэ тыһыынча баранар бырааһынньыга. Оҕолорбут кыра бэлэххэ аны үөрбэттэр,  аччаабыта уон тыһыынча суумалааҕы ылан биэрэбит. Сааһыран дуу, сүүрүүнү-көтүүнү, сүпсүлгэни сөбүлээбэт буолбуппун. Уһун өрөбүллэргэ урут үөрэр этим, билигин наар кэлии-барыы айдаана. Ким эрэ ыҥырар, ким эрэ кэлэр, онно ас астыыртан да сөп буолабын. Билигин саамай күүтэрим сааһы, дьахталлар бырааһынньыктарын, эмискэ кулун тутар ый буолан хаалбат ээ диэн күлэбин. Чэ, хайдах эрэ барыта орун-оннугар түһэн, бары астынан,  махтанан, 12 чааспытын көрсөн син “һуу” гынар инибит”.

Дьэ, ити. Ким эрэ оҕолоругар бэлэх ылар да харчыта суох, ким эрэ сүүһүнэн тыһыынчаҕа бырааһынньык оҥороору бэлэмнэнэр, өссө онтуттан санаарҕыыр, айманар. Хас биирдии киһи мэйиитин арыйан көрбүт, хас биирдии ааны тоҥсуйан киирбит киһи дии саныыгын. Бары араас санаалаах-оноолоох, толкуйдаах, дьарыктаах дьон олордохторо. Оттон Саҥа дьылбыт биир саамай күүтүүлээх, чаҕылхай, кэрэ бырааһынньыкпыт буоллаҕа эбээт. Ону наһаа атарахсытар дуу, аанньа ахтыбат дуу эмиэ сатаммат курдук. Сылбыт түмүгүн таһаарар, анаарар кэммит бу саҥа сылы көрсүөхпүт иннинэ этиллэр, баран иһэр сылга махтаныахтаахпыт, кэлэр сылтан саҥаны, үтүөнү эрэ күүтүөхтээхпит.

Онон, ааҕааччыларым, бары үөрэ-көтө, уруйдуу-айхаллыы саҥа сылбытын көрсүөҕүҥ, дьадаҥы байдын, ыарыһах үтүөрдүн, харчыта суох үгүөрү үптэннин, санааҕыт ыраас буоллун, олоххут дьоллоох  буоллун, эйэлээх халлаан түстэннин диэн баҕа санаабын тиэрдэбин!

 

Хаартыска: freepik.com

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...