11.02.2023 | 10:00

Саҥа сыл, саҥа сыаналар, саҥа санаалар...

Саҥа сылга үктэнээт, үгүс дьон дьиэ-уот, хомунаалынай өҥө төлөбүрүн квитанцияларын туппутунан каассаҕа тиийэн баран, кырата, “шок” ыллыбыт диэбиттэрэ. Ол оннугар быйыл, үгэс быһыытынан, от ыйынааҕы үрдээһин суох буолуохтаах. Онон ити тарыыптарбытын эһиилгигэ диэри төлүүрбүтүгэр тиийэбит.
Саҥа сыл, саҥа сыаналар, саҥа санаалар...
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Ас-үөл сыаната үрдүү турарын туһунан этэ да барбаккын. Ынахпыт арыыта 1050 буолбутун илэ харахпытынан көрдүбүт. Арай мантан саас, ынахтарбыт төрөөн бардахтарына, үүт дэлэйдэҕинэ, арыый түһэр ини. Куорат дьоно күөрчэх оҥостор “сливкибит” атыыга суох.

Уопсайынан, олохпут ыарахан, уустук диибит, ону эрэ булан суруйар, кэпсэтэр курдукпут. Оттон олохпутугар сырдык сүүрээннэр, үтүө сонуннар, үөрүүлээх түгэннэр эмиэ элбэхтэр эбээт. Аҥаардас үлэҕиттэн кэлэн сылаас дьиэҕэр киирэриҥ, сандалы тула оҕолоргун, таптыыр дьонуҥ тула олорон чэйдиириҥ, сарсыарда үлэҕэр тиэтэйэ-саарайа барарыҥ, кэллиэгэлэргин көрсөрүҥ, оҕоҕун оскуолаҕа атаарарыҥ, ыларыҥ о.д.а. барыта олохпут, кыл түгэнигэр да буоллар, дьоллоох мүнүүтэлэрэ, кэмнэрэ.

 

Оттон ааҕааччыларбыт тугу саныыр эбиттэрий?

Анна Николаевна, биэнсийэлээх:

– Куораппыт иһигэр оптуобус сыаната лаппа үрдээтэ. Бастаан 40 солкуобай буолбутугар бары даҕаны соһуйбуппут-өмүрбүппүт. Онтубут каартанан эҥин төлөбүрдэр син ама буолан, айахпыт эмиэ бүөлэннэ. Уопсайынан, сыананы ыаратар буоллахтарына, өҥө оҥоһуллуута хаачыстыбаланыахтаах этэ буоллаҕа. Соторутааҕыта балыыһаттан тахсан, тыбыс-тымныы, түннүгэ барыта кырыа-хаар буолбут, оһоҕо үлэлээбэт оптуобуһунан айаннаатым. Саҥа эмтэнэн тахсыбыт киһи быһыытынан, сылаас буолаарай диэн, суоппар кэннинээҕи миэстэҕэ олордум. Оһох барбах эрэ сылытар. Тохтобуллары биллэрбэттэриттэн аһара бара сыһаммын, кыратык “айдаардым”. Айаннааччыларга туһаайан “тоҕо ким да кыһаммаккытый, сыана бачча ыараата, оптуобустар син биир тымныылар, таһырдьа туох да көстүбэт” эҥин диибин. Суох, сахалар барахсаттар тулуурбут сыттаҕа, киим да саҥарбат, бары атын сири көрбүтэ буолаллар. Ол эбэтэр маннык усулуобуйаҕа сөбүлэһэллэр. Кыһыыбын кэлии суоппарга таһаардым, онтум өйдөөбөтөҕө буолла.

Нэһилиэнньэ доруобуйатыгар олус диэн кыһанабыт диэн буолар. Тоҥ хаһаа оптуобуһунан айаннаан улахан кыһамньы баарын көрбөтүм. Саҥа эмтэнэн тахсыбыт киһи хаттаан тымныйан, эмиэ эмтэнии эрэйин көрүстүм. Дьиҥэр, бу оптуобустар сырыыларын хонтуруоллуур кэм кэлбитэ ыраатта. Тымныы оһохтоох, икки хос тааһа суох оптуобустары маршрукка тахсалларын боболлоро буоллар, бука, бэрт түргэнник сылыттыа, оҥостуо этилэр.

Эмпит сыаната кытта ыараабыт. “Бронхо-мунал” диэн эмим ахсынньы 6 күнүгэр 10 таблетката 612 солк. эбит буоллаҕына, ол аптекаттан аҕыйах хонуктааҕыта783 солк. ыллым. Төһө эбиллибитин ааҕааччылар бэйэҕит суоттааҥ. Олоҕу баарынан анаардахха, итинник хартыына.

 

Харыстаана Кардашевская:

Сыана бас-баттах барда. Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэ үрдэтэбит дииллэр да, санааҕа эрэ үчүгэй курдук. Сыана үрдээбитин сиппэт. Ас-үөл сыаната эмиэ үрдээн, сорох биэнсийэлээхтэр эт, арыы, үрүҥ аһы ылан сиэбэт да буоллубут. Ити сыана үрдээһинигэр тус санаам диэн, оттук-бензин, уот-күөс, энергия үрдүү турарыттан буолуо дии саныыбын. Уопсайынан бу билиҥҥи балаһыанньа оннугар түһэн, эйэ-дэмнээх олох кэллэҕинэ, сыанабыт түһэрэ дуу, суоҕа дуу. Экономика түһэр. Ол иһин сыана үрдүүр.

 

Афанасий Бурцев-Хоро оҕонньор:

– Тыа сиригэр олорор дьоҥҥо, биһиэхэ, сэлээркэ, бензин сыаната мээнэ үрдээтэ. Оппутун-маспытын тиэнэрбитигэр кыра биэнсийэлээх дьон ыктарабыт. Онуоха эбии от үүммэккэ ыарахан сайыннар ааһаллар. Быйыл да хайдах оттуурбут буолла? Онтон ас-үөл сыанатын этэ да барбаппын. Дойдубутугар уустук балаһыанньа, ол иһин сыана үрдүүрэ буолуо диэн өйдүүбүт аҕам саастаах дьон. Онон тыа сиригэр олоруу саастаах дьоҥҥо сылтан-сыл ыараан иһэр, арай сүөһү-сылгы ииттэн этэҥҥэ олоруохпут этэ.

 

Светлана Львовна:

– Мин биэнсийэлээхпин, ону таһынан биир дьоҕус тэрилтэҕэ үлэлиибин. Саамай үөрэрим диэн, бу аҕыйах хонуктааҕыта ипотекабын саптым. “Ама, аны харчым туора барбат, барыта бэйэм илиибэр хаалар дуо?” диэн өссө да итэҕэйбэккэ сылдьабын. Дьэ, мантан ыла биэнсийэбин уурунабын, аны сайын, эбэн-сабан, ханна эрэ күүлэйдии барыам.

Оҕолорбор да көмөлөһүөм, сиэннэрбин да күүлэйдэтиэм. Бээ, төһө да кэргэмминээн кыттыһан ый аайы 26.000 солк. төлөөтөрбүт, сыанан-арыынан аҕаабат этэ. Ый аайы ыарыы турар сыананы хаһан эрэ ситиэхпит, сүүһүнэн тыһыынча хамнастаныахпыт, биэнсийэбит 50 тыһыынча буолуо диэн санаан да көрбөппүн. Ол да буоллар санаабытын түһэрбэппит. Туох баарынан олоробут. Кыра кыһалҕаны, мэһэйдэри оонньууга-көргө кубулутан аһаран истэххэ, олохпут чэпчээбит курдук буолар. Куруук ыалдьабын, харчы суох, барыта ыарахан диэн сулана сырыттахпытына, ону ыҥыран ыларбыт бэрт түргэн буолуо. Онон олоҕу баарынан ылыныахха, кыраттан ымыттымыахха диэн сүбэлиибин. . Бу дойдуга буола турар сабыытыйалар барыта үөһэттэн сиэттэрэн, биһиги өйбүтүн-санаабытын ыраастыыр, толкуйбутун уларытар аналлаахтар. Син биир сырдык кэмнэр кэлиэхтэрэ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....