18.11.2022 | 09:00

Саҥа саҕахтары арыйан, сонун хайысхалары тутуһан

Саҥа саҕахтары арыйан, сонун хайысхалары тутуһан
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ааспыт ыйга 3-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа 90 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Үйэни эрэ кыайбат уһун кэм устата тэрилтэ аата, тутула, аадырыһа төһөлөөх элбэхтэ уларыйбытай? Ол эрээри бу сыллар тухары Саха сирин биир кырдьаҕас уонна инники күөҥҥэ сылдьар медицинскэй тэрилтэтэ күн бүгүҥҥэ диэри нэһилиэнньэ махталынан кынаттанан, сайдыы суолун тутуһар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ балыыһа алта улахан салааттан турар: поликлиника (Кулаковскай уул, 6 филиаллаах), Эмтэнэр-реабилитацияланар киин, Гериатрическай киин, Предиктивнэй медицина уонна биоинформатика киинэ (лабораториялаах), Көхтөөх уһун үйэлэнии киинэ уонна Сиэстэрэлэр көрөр-харайар салаалара (отделение сестринского ухода).

Балыыһа тэбэр сүрэҕэ, киэн туттуута

3-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа тэбэр сүрэҕэ, туллар тутааҕа – поликлиниката. Манна биир симиэнэҕэ 299 киһи кэлэн көрдөрөн, тустаах көмөнү ылан барар. Сүрүн болҕомто ыарыыны эрдэттэн сэрэтиигэ, социальнай суолталаах ыарыылары быһаарыыга, диспансеризацияҕа, амбулаторнай медицинскэй реабилитацияҕа, вакцинацияҕа ууруллар. Кырдьык, бу хайысхалар доруобуйа харыстабылыгар дьоһун миэстэни ылаллар.

“Доруобуйа” национальнай бырайыагынан салайтаран, поликлиникаҕа ыарыһах кэлэн көрдөрүнэригэр, чинчийиини ааһарыгар, эмтэнэригэр сөптөөх усулуобуйа тэриллэр.

Амбулаторнай хирургия киинин  поликлиника киэн туттуута диэн бигэтик этиэххэ сөп.

Аныгы үйэ дьоно өрүү стресскэ сылдьарбыт, үксүн күнү-күннээн олорон үлэлиирбит, онон ыарыы улам “эдэримсийэн” иһэрэ кистэл буолбатах. Онон Горькай уул., 94 дьиэтигэр билиҥҥи кэм дьонугар олус наадалаах уонна туһалаах Көхтөөх уһун үйэлэнии киинэ үлэлиир. Манна “Гормезис” ааптарыскай бырагырааманан, киэҥ билиилээх-көрүүлээх быраастар көмөлөрүнэн уонна кинилэр үтүө сүбэлэринэн элбэх суостаах ыарыыны дьалбарытар, кырдьыыны бытаардар кыахтаахпыт.

Төлөбүрдээх өҥөлөрү оҥорор салааҕа нэһилиэнньэ араас медицинскэй көмөнү ылыан сөп.

Кэскиллээх киин

Эмтэнэр-реабилитацияланар киин 1997 сылтан үлэлиир, 2011 сылтан медицинскэй реабилитация хайысхатын тутуһар. Ол курдук, 60 куойкалаах икки профильнай салаа баар. Манна инсульт, инфаркт, нейрохирургическай эпэрээссийэ, араас эчэйии кэнниттэн, COVID-19 дьаҥынан ыараханнык ыалдьыбыттары уо.д.а. ыарыылаахтары чөллөрүгэр түһэрэллэр.

Киин эмтэнии, чөлгө түһэрии араас ньымаларын таба туһанар баай уопуттааҕын бэлиэтиир тоҕоостоох. Манна даҕатан эттэххэ, үлэһиттэр Арассыыйа инники күөҥҥэ сылдьар кииннэригэр анал үөрэҕи, аккредитацияны ааһаллар.

Бары ирдэбилгэ эппиэттиир

3-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа аатын ааттатар, норуокка киэҥник биллэр Гериатрическай киин 2000 сыллаахха Уһук Илиҥҥэ бастакынан аһыллыбыта. Нэһилиэнньэҕэ чахчы туһалаах клиника билигин 100 куойкалаах. Ол курдук, манна гериатрияҕа, кардиологияҕа, неврологияҕа, медицинскэй реабилитацияҕа, эндокринологияҕа уонна паллиативнай медицинскэй көмө оҥоһуллар. Киин бары ирдэбилгэ эппиэттиир аныгылыы оборудованиенан  хааччыллыбыт буолан, көрдөрөргө, эмтэнэргэ усулуобуйа барыта баар. Ханнык баҕарар балыыһа каадырдарынан сыаналанар диэтэхпитинэ, сыыспаппыт буолуо. Бу киин үрдүк таһымнаах, киэҥ билиилээх исписэлиистэринэн суон сураҕырар.

Итини сэргэ, СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин кытта “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн “Аҕам саастаах көлүөнэ” бырайыак тэрээһиннэрэ ыытыллаллар.

 

Аан дойду учуонайдара күн бүгүҥҥэ диэри генетика уонна удьуордааһын кистэлэҥнэрин арыйарга дьулуһаллар. Бу иннинэ быраастар төрдүбүтүн-ууспутун билиэхтээхпит, доруобуйабыт туругун эрдэттэн көрүнүөхтээхпит диэн этэллэрин элбэхтэ суруйбуппут. Онон биир ураты хайысхалаах Предиктивнэй медицина уонна биоинформатика киинин балысхан сайдыыны кытта  быһаччы ситимниэххэ сөп.

Манна үлэлиир исписэлиистэр биирдиилээн киһи ханнык ыарыыга ылларар кутталлааҕын быһаарарга дьулуһаллар, генетическэй пааспаргын оҥороллор, фармакогенетиканан дьарыктаналлар. Судургутук быһаардахха, молекулярнай-генетическэй чинчийии көмөтүнэн эйиэхэ сөптөөх эрэ эмтэри талан биэрэллэр.

Ааспыт үйэҕэ ити туһунан кэпсээтэххэ, халлааны туойаҕыт диэххит этэ. Ол эрээри медицина биир сиргэ тэпсэҥнии турбатын Предиктивнэй медицина уонна биоинформатика киинин үлэтэ арылхайдык көрдөрөр.  

Аны туран, липиднэй атастаһыылара кэһиллиилээх ыарыһахтары көрөр кабинет үлэһиттэрэ удьуорунан бэриллибит гиперхолестеринемиялаах дьоҥҥо сүбэ-ама биэрэллэр.  Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар үлэлиир антикоагулянтнай кабинеттары кытта ситимнээх үлэ салҕанар.

Киин иһинэн үлэлиир ПЦР-лабораторияҕа ПЦР-тургутууну оҥороллор, ону таһынан молекулярнай-генетическэй чинчийиилэр көмөлөрүнэн эмп биирдиилээн киһиэхэ хайдах дьайарын, ханнык ыарыыга ылларыахха сөбүн, ВПЧ (вирус папилломы человека) 14 генотиибин  быһаараллар.  

Кырдьаҕастарга

2021 сыллаахха Аҕам саастаах дьон күннэрин көрсө 15 куойкалаах Сиэстэрэлэр көрөр-харайар салаалара аһыллыбыта.  Үксэ ыарахан туруктаах кырдьаҕастар сыталлар. Манна тутаах киһи –  паллиативнай медицинскэй көмө бырааһа, киниэхэ үтүө санаалаах сиэстэрэлэр илии-атах буолаллар. Маны таһынан араас хайысхаҕа үлэлиир исписэлиис быраастар ыарыһахтарга сүбэ-ама биэрэллэр.

Бу салаа “Долгожить” уопсастыбаннай түмсүүнү кытта ыкса үлэлэһэр, араас социальнай бырайыактары олоххо киллэрэр.    

 

Чинчийии үгүс көрүҥэ

Балыыһа диагностическай, техническэй сулууспата суох сатаммат, үлэтэ тахсыбат, бу кини “илиитэ-атаҕа” диэххэ сөп.  3-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа тустаах салааларыгар КТ, маммография, ФЛГ, рентген, УЗИ бары көрүҥнэрин, араас чинчийиилэри ааһыахха сөп. 

Ситиһии төрдө

90 сыл историялаах балыыһаҕа бу кэм устата элбэх киһи үлэлээн аастаҕа. Кырдьык, медицинаҕа, идэлэригэр бэриниилээх, чахчы дьон туһугар сүрэхтэринэн долгуйар эрэ дьон үлэлиир. Ону аан дойдуну ытарчалыы ылбыт хамсык бигэргэттэ.

Пандемия кэмигэр үрүҥ халааттаах аанньаллар аҥаардас баай уопуттарынан, киэҥ билиилэринэн эрэ буолбакка, үтүө санааларынан, тулуурдарынан тыһыынчанан киһи олоҕо быыһанна.

 

3-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа пресс-сулууспатын матырыйааллара туһанылынныла

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...