Саҥа оптуобустар маршрукка тахсыахтара
Бүгүн, алтынньы 30 күнүгэр, куорат уопсай планеркатыгар «Пассажирдары тиэйиини тэрийээччи» МХТ иһитиннэрбитинэн, тэрилтэ уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин анаалыстаабыт, олохтоохтор санааларын үөрэппит уонна тиэйээччилэри кытта мунньахтаабыт.
Графиктары толоруу 3%-нан үрдээбит, ол эрэн сорох маршруттарга уустук балаһыанньа син-биир үөскүүр.
«Киэһээ өттүгэр сырыы арытын кылгатар эрэ улахан туһаны аҕалбат, тырааныспар ахсаана эбиллиэн наада. Социальнай ситимнэргэ кэлэр иһитиннэрии барыта уопсастыбаннай тырааныспар үлэтигэр сыһыаннаах. Саҥа оптуобустары маршрукка таһаарыҥ», - диэтэ Евгений Григорьев.
Куорат кытыытыгар сылдьар оптуобустары хайдах даҕаны устан кииҥҥэ сүүрдүллүбэт.
«Саамай дьон тоҕуоруһар, пассажир элбиир кэмигэр куорат кытыытынааҕы маршруттарга улахан оптуобустары туруоруохпут», - диэтэ куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко.