11.06.2021 | 15:30

Саҥа мусуойу көрдүбүт

Былырыын тохсунньу 4 күнүгэр Дьокуускай куорат Автодорожнай уул., 9 г, аанын тэлэччи аспыт саҥа мусуойга сырыттыбыт.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тохсус этээскэ лиибинэн дырылатан таҕыстыбыт, манна эргэ тиэхиньикэ бары мааркатын көрүөххэ сөп. Сууйуллан-сотуллан, өрөмүөннэнэн, саҥаларыгар түспүт массыыналар кэккэлээн, килэбэчийэн тураллар. Былыргы "Победа", "Волга" , "Запорожец", байыаннай массыыналар, оннооҕор сэрии саҕана саллааттарга хааһы түҥэтэн аһаппыт  полевой куукуна – барыта кэлбит киһини кэрэхсэтэр. Чурапчыттан төрүттээх сэрии бэтэрээнэ Гаврил Ефимов "Аврора " диэн ааттаах киинэҕэ устар кыра кээмэйдээх, дьоҕус камератын кыыһа бэлэхтээбитэ биир бастыҥ миэстэҕэ көрдөрүүгэ суруктанан- бичиктэнэн сытар. Дьокуускай куораттан Поповтар дьиэ кэргэннэрэ былыргы таҥас ыскаабын, остуол, олоппос, хомуот биэрбиттэрэ бииргэ тураллар. Өссө хомуот үрдүгэр үс сиэркилэлээх трильяж турарын уйадыйа көрдүм. 1970 сыллаахха сайын эдьиийим Мария Петровналыын уочараттаан аҕай ылан, дойдубутугар таһаарбыппыт, дьоммут олус үөрбүттэрэ.Ол хомуот үрдүгэр турар сиэркилэҕэ оччотооҕу киһи өйдүүр открыткаларын кыбыппыттар, иннигэр урукку одьукулуон, духуу, пудра, помада бааллар.

Урукку сэниэ, мааны ыал олорбут утуйар хосторун, куукуналарын тэрийбиттэр. Таҥаһы-сабы, иһити-хомуоһу, малы-салы барытын хомуйан көрдөрүүгэ туруорбуттара аныгы ыччакка улахан иитэр- үөрэтэр суолталаах. Бастакы тэлэбиисэрдэр, патефон, чох өтүүгэ, таҥас кирин анньар этирик, хаҥкы, кэнсиэрбэлэр, чэйдэр бааллар, остуол сабыыларын, бүлүүс көбүөрдэри, сылабаардары уо.д.а. наһаа уруургуу көрдүбүт. "Биһиэхэ бу баара, ити ол ыалга баар этэ", – диэн өрө халаатыы түһэҕин. Аргыһым Екатерина Семёновна: "Сэбиэскэй былаас саҕанааҕы слоннаах чэй амтана олох атын буолара, сыта дьиэ иһин ылан кэбиһээччи», – диэбитигэр кыыс чэй кутан биэрээри гынна, тиэтэйэн аккаастанныбыт ээ.

Сальва Григорий Иванович дириэктэрдээх олус туһалаах, сонун, бу эргин ханан да суох үчүгэй мусуойу олус астына, дуоһуйа, биһирии, кэрэхсии, үөрэ-көтө көрдүбүт. Эдэр эрдэҕинээҕи олохпутугар төннөн, олорон кэлбит курдук буоллубут, дьоммутун да санатта. Гараастары киирэн көрдүбүт, массыыналар эстакада устун өрө сүүрэн тахсан, анал уйаларыгар дьылыс гыналлар, хаһаайыттар халыр гына хатаат, киинэҕэ көстөрүн курдук, тахсан баран хаалаллар. Дьэ, сайдыы балысханнык баран иһэр диэн сыаналаатыбыт.

Дьиэбэр кэлэн иккис кылааһы бүтэрбит кыра сиэммэр кэпсээбиппин, миигин тоҕо илдьибэтэххитий диэн олуйуста. Куорат ити мусуойга сылдьа илик олохтоохторо, ыалдьыттар, көрөргө тиэтэйиҥ диэн ыҥырабын. Эһигини олус аламаҕай үлэһиттэр үөрэ көрсүөхтэрэ.

     АННА  КОЗЛОВА,

           Дьокуускай.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...