30.12.2023 | 16:00

Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!

Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Саҥа дьыл тыына биллибитэ ыраатта. Ордук киин уулуссалар, болуоссаттар бырааһынньыктыы симэнэн, куорат дьонун, ыалдьыттары оҕо саас, ыра санаа ыраас, сырдык иэйиитинэн кууһаллар. Кэлиҥҥи кэмҥэ бөдөҥ тэрилтэлэр, атыы-эргиэн кииннэрэ, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр кытта уоттаах-күөстээх харыйа, оҥоһук туруорар буоллулар. 
Мантан аллараа киин куоракка үүнээри турар саҥа 2024 дьылы көрсүүнү үйэлэргэ хатыыр хаартыскаҕа түһэр сирдэри түмтүбүт.

Киин куорат харыйата

Орджоникидзе болуоссатыгар өссө сэтинньи ый ортотуттан харыйаны симээһин үлэтэ барбыта. Манна Саха сиригэр үгэс быһыытынан ыытыллар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үөрүүлээх аһыллыыта буолбута.

Сахалыы истиилинэн симэммит харыйа оҕолору да, улахан да дьону үөрдэр, хаартыскаҕа түһүөн баҕалаах элбэх.

Жатай бөһүөлэгин харыйата

Сыл аайы өрөспүүбүлүкэ куораттара, улуустара, нэһилиэктэр кытта саҥа дьыллааҕы Харыйаларынан «куоталаһар» суруллубатах үгэстээхтэр: кимиэнэ ордук үрдүгүй, кимиэнэ ордук көнөтүк турбутуй, элбэх оонньуурдааҕый, уоттааҕый-күөстээҕий? Быйыл ыаллыы турар «Жатай» куораттааҕы уокурукпут харыйатын элбэх киһи хайҕыыр. Онон саҥа дьыл уһун өрөбүллэригэр манна кэлэн хаартыскаҕа түһүөххүтүн сөп.

Ленин болуоссатыгар уот-күөс үгэннээн олорор

Төһө да өрөмүөн үлэтэ бардар, Ленин болуоссата саҥа дьыллааҕы тыынын тутан турар. Манна биир ураты композициянан болуоссаты бэйэтин, уулуссаны да киэргэтэр «2024» диэн бэлиэлээх уот-күөс буолар. Хаартыскаҕа түһэргэ бэртээхэй көстүү буолбут.

Доҕордоһуу болуоссатыгар өрөспүүбүлүкэ харыйата

Ленин болуоссатын саҥардыы үлэтэ ыытыллар буолан, быйыл өрөспүүбүлүкэ саҥа дьыллааҕы харыйата Доҕордоһуу болуоссатыгар туруорулунна. Харыйаны үрүҥ эһэлэринэн киэргэппиттэрэ хатыламмат кэрэ фотозона буолан тахсыбыт.

Санатан эттэххэ, Арассыыйа бары зоопаркаларыгар баар үрүҥ эһэлэр “Роснефть” хампаанньа эпиэкэтигэр бааллар эбит.

Оҕо дыбарыаһын иннинээҕи болуоссакка

Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһа сыл ахсын киэркэйэр. Быйыл даҕаны Хаарчааналаах Тымныы Оҕонньор, эгэлгэ хаар, муус  оҥоһуктар оҕо аймах үөрүүтүн үксэтэргэ бэлэмнэр.

«Алмаз» дьыалабыай киин

«Алмаз» дьыалабыай кииҥҥэ бэрт кыраһыабай хаартыскаҕа түһэргэ табыгастаах оҥоһуктары туруорбуттарын бэлиэтии көрдүбүт. Бу барыта, биллэн турар, саҥа дьыллааҕы настарыанньаны көтөҕөр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...