Саҥа дьылы хайдах көрсөҕүн да...
2025 сылы хайдах сөпкө көрсөр, тугу таҥнар, ас-үөл, бэлэх туһунан күндү ааҕааччыларбытыгар анаан сүбэлэри хомуйдубут.
Саҥа дьылы ханнык өҥүнэн көрсөбүт?
Моҕой сылыгар ким хайдах өҥнөөх таҥаһы кэтэн көрсөрүн туһунан кэпсиэхпит (тылбаастаммат өҥнөрү бутуйбат туһуттан, бэйэтинэн ыыттыбыт).
Кэрэ аҥаардар өҥнөрө:
• саамай кэтэ сатыахтаах өҥнөргүт — от күөҕэ, дэгэтэ арааһынай: изумруднай, сэбирдэхтиҥи, оттуҥу, бадараан курдук, салаатнай, хаки;
• бороҥ;
• кумахтыҥы;
• сиэрэй;
• хара;
• виннай;
• үрүҥ көмүстүҥү;
• кыһыл көмүстүҥү;
• алтан өҥө.
Эр дьон өҥнөрө:
• от күөҕэ;
• бадараан өҥө;
• бороҥ (сорохтор хоҥор дииллэр – коричневай);
• сиэрэй;
• хараҥа халлаан күөҕэ.
Бобуллар өҥнөр:
• кыһыл уонна оранжевай — бу өҥнөр кыыллар истэригэр кутталы биллэрэллэр;
• кислотнай уонна неоновай — бу өҥнөрү моҕой төрүкү сөбүлээбэт.
Тугу кэтэн көрсөбүт
Кэрэ аҥаардарга да, эр дьоҥҥо да уопсай сүбэ! Моҕойдор, бары билэрбитинэн, тириилэрин ылан быраҕаллар, ол кэннэ кинилэргэ атын олох саҕаланар. Эһиги эмиэ кини суолунан барыахтааххыт уонна кини оҥорор сиэрин-туомун хатылыахтааххыт: ол эбэтэр кэтиллибити, уруккуну, эргэни кэтиэ суохтааххыт, онон саҥа дьылы көрсөргө саҥа таҥас атыыылаһаргыт наада.
Тугу астыыбыт?
Моҕой – сиэмэх, онон бэйэҕит уонна ыалдьыттаргыт ону тутуһаллара наада. Өссө биир уратылаах: кини – муударай кыыл, толкуйдааҕынан, бөлөһүөгүнэн аатырар, онон кинини кыыһырдымаҥ: саҥа дьыллааҕы остуолгут буоллун-хааллын диэн оҥоһуллуо суохтаах, менюгутун эрдэттэн кичэйэн, толкуйдаан оҥоруҥ, киэргэтиитигэр, ыалдьыттары ханна олордоргутугар тиийэ. Аскытын-үөлгүтүн эмиэ эрдэ атыылаһан кэбиһиҥ.
• Бэйэ оҥорон таһаарар олохтоох аһылыкка охтуҥ.
• Остуолга олус элбэх сибиэһэй оҕуруот аһа, күөх от, фрукта баар буолуохтаах – бу моҕойу үөрдүө, кэлэр сылга үбүнэн-харчынан уонна ситиһиинэн наҕараадалыа.
• Саамай сүрүн бүлүүдэ кыаллар буоллаҕына — куруолук, моҕой кинини олус сөбүлүүр – бускутан да буспутун, духуопкаҕа да угуллубутун астыныа.
• Оттон куруолуккутун олох хантан да булбатаххытына, куурусса этэ эбэтэр муора уонна өрүс балыга моҕой иннигэр буруйдаах курдук туттубаккытыгар төһүү буолуо. Оттон түөрт туйахтаахтары – сибиинньэ, ынах, бараан, убаһа да этэ буоллун – кэлэр сылга диэри хаһааныҥ, Моҕойу кыынньаамаҥ.
• Оттон дьиҥ-чахчы Моҕойу астыннарыаххытын баҕардаххытына, кини тугу сөбүлүүрүн учуоттуоххутун наада, кини – олус талымас. Онон төһө да сүбэлээччилэрбит бириигэбэрдэрэ кытаанах буоллар, кумааһынньыккыт толуйар ини диэн эрэнэллэр: балык уонна эт буолбакка, муора астара, чуолаан төһөнөн сыаналаах уонна деликатес да, соччонон үчүгэй.
• Моҕой – минньигэһимсэҕэ суох (ол иһин даҕаны көнө, дьылыгыр буоллаҕа), эһигиттэн эмиэ ону ирдиир. Десертар – бэйэ дойдутугар үүнэр сир аһыттан, биитэр дьэдьэни, сугуну, хаптаҕаһы эбэн эбэтэр киэргэтэн оҥоруохха сөп. Маны таһынан остуолга мүөт, эриэхэ, эриэхэлээх мүөт – уопсайынан фантазияҕыт тугу этэринэн. Фруктаны төһө баҕарар уруохха сөп.
Баайы-дуолу, доруобуйаны, ситиһиини тардар бүлүүдэлэр
Балык
• Ас-үөл дэлэйэрин, куруук баар буоларын бэлиэтиир.
• Ханнык да түгэҥҥэ балыгы бысталаамаҥ, хоһуоччуктарга араартаамаҥ – бүтүннүү бэлэмнээҥ уонна остуолга оннук биэриҥ.
• Остуолга уураргытыгар төбөтүнэн саамай бочуоттаах уонна убаастыыр ыалдьыттаргыт диэки хайыһыннарыҥ.
Пельмень
• Баайы-дуолу уонна ситиһиини бэлэхтиир.
• Төһө кыалларынан элбэҕи оҥоруҥ, бииригэр манньыат харчыны угуҥ: кимиэхэ түбэспит – кэлэр сылга ситиһиилээх буолуо.
Лапса
• Доруобуйаҕа уонна уһун үйэлэниигэ эппиэттиир.
• Манна бэрмисиэл, рожка, араас ракушка эҥин барсыбаттар – лапсаҕыт уһун да уһун буолуохтаах. Бу абыычай төрөөбүт дойдутугар балтараа миэтэрэҕэ тиийэ уһуннаах лапсаны оҥороллор эбит. Ону таһынан, баҕа санаалара туоларын туһугар айахтарыгар бүтүннүү угаллар, ханна да бысталанан түспэтин курдук ыстаабаттар, ытырбаттар үһү.
Туох ончу көҥүллэммэтий?
Быраабыла бөҕөтө эбит. Бука барыта сибиэһэй, сибиэһэй эрэ буолуохтаах – бу тыллары девиз оҥостуохтааххыт. Оттон остуолгутугар маҕаһыынтан ылыллыбыт бэлэм ас суох буолуохтаах. Ол эбэтэр, холобур, тиэстэни илиигитинэн охсуохтааххыт, ханнык да атыылаһыы тиэстэ барсыбат!
• Халбаһы, сибиинньэ этэ, ону тэҥэ ыыһаммыт, хопчуонай ас барыта, манна өссө шпрот эмиэ киирэр – Моҕой бу астар сыттарын-сымардарын олох сөбүлээбэт, ону биэрдэххэ, туох эрэ охсуһууга, кыыһырсыыга ыҥырбыт курдук саныаҕа.
• Сыалаах, үрдүк калорийдаах аһы Моҕой эмиэ сөбүлээбэт, кини үөһэ эппиппит курдук талымас, хаппырыыс, барыта деликатес, олус нарын астарга сүгүрүйэр.
• Фасоль, горох, онно дьүөрэлии астар уонна онтон бүлүүдэлэр, ону таһынан злактар – Моҕойго ыараханнык киирэллэр, куруубайдар.
• Сытыы соустар – эмиэ үөһэ суруйбуппут курдук биричиинэлэр.
• Газировка – саахарынан уонна гаһынан эбиллиилээх чэпчэки утахтары бэйэҕит иһиҥ диэн Моҕой сыыгыныыр. Оттон Саҥа дьылбыт биир маанылаах утаҕа шампанскай остуолга туруохтаах дуо диэҥҥэ сүбэлээччилэрбит саҥарбаттар, онон былыргы муударай быраабыланы тутуһуохха – саҥарбат буолуу – сөбүлэһии бэлиэтэ диэн.
Ханнык утах саҥа дьыллааҕы остуолга туруохтааҕый?
• Быаргытын хайаан да харыстыырга сүбэлииллэр – маныаха ыараханнык киирэр утахтары иһимэҥ: чэпчэки, кыра кыраадыстааҕы таларгыт ордук.
• Саамай бастыҥ утаҕынан этэллэр – чэпчэки коктейллары, састаабыгар элбэх да элбэх фруктаттан эбэтэр оҕуруот аһыттан соктаах буолара олус бэрт дииллэр.
Ханныгы уурбаппытый?
• Кытаанах уонна улахан кыраадыстаах аһыы утахтары;
• Пиибэни.
Остуолбутун хайдах киэргэтэбит
• Остуолу киэргэтэргэ биир сүрүн өҥү талыҥ, онно атын өҥү киллэрэн биэриҥ, холобур, хараҥа от күөҕэ, кыһыл көмүстүҥү, бордовай, хойуу халлаан күөҕэ, хара барсаллар.
• Киэргэтиигит төһөнөн эриэккэс, сиэдэрэй буолар да, Моҕой онтон дуоһуйуо, астыныа, ону тэҥэ саҥа сылга ситиһиинэн наҕараадалыа, онон чүмэчини харыстаабакка ууруҥ, салпыаккаҕытыгар иини кэтэрдиҥ. Мантыгыт барыта мааны, кэрэ буолуохтаах.
• Остуолгут киэргэлин натуральнай матырыйаалларынан оҥоро сатааҥ – мастан уонна таастан, ону таһынан горсуоктаах сибэккитэ ууруҥ, харыйа лабаата, олор суох буоллахтарына, көннөрү букеттар да барсыахтара.
• Бочуоттаах миэстэҕэ сыл бэлиэтин эбэтэр моҕой быһыылаах чүмэчини эбэһээт уураргыт саамай сөп буолуо.
Моҕой сылыгар тугу бэлэхтиибит?
Моҕой – сиринэн сылдьар кыыл, онон бэлэхтэр туһалаах, туттарга сөптөөх уонна күннээҕи олоххо наадалаах буолуохтаахтар.
Дьахтарга аналлаах бэлэх
• Ювелирнай киэргэл (моҕой быһыылаах буолуо суохтаах, кини ону сыаналыа суоҕа).
• Куукунаҕа эбэтэр дьиэҕэ наадалаах, уруккуттан баҕа санаа оҥостубут тиэхиньикэтэ.
• Дьиэни киэргэтэр, үүт-тураан оҥорор маллар: ваза, хартыына, сымнаҕас плед.
Эр киһиэхэ аналлаах бэлэх
• Күннээҕи туттарга гаджет: смартфон, планшет, наушник, моҕой ордук доруобуйаҕа наадалаах малларга сөпсөһөр, холобур, фитнес-браслеттар.
Моҕой сылын ханна, хайдах көрсөбүт?
• Моҕой сылын бэйэҥ бэйэҕин кытта көрсөрү, ону таһынан бырааһынньык кэмигэр соҕотох хаалары сөбүлээбэт.
• Ыалдьыттыы бараргыт ордук. Ол иһигэр саҥа дьыл түүнүн соһуччу хампаанньаҕа буолбакка, үчүгэй, үтүө дьон ортотугар доҕордуу быһыыга-майгыга, бэйэҕит сөбүлүүр чугас дьоҥҥутунуун көрсүҥ. Оччоҕо кэлэр 2025 сыл эмиэ оннук тыыннаах ааһыа.
• Бырааһынньык төһө кыалларынан бэһиэлэй, чаҕылхай, ол иһигэр дууһа ылынар буолуохтаах, ыалларгытын эмиэ өйдөөҥ, истиэнэ нөҥүө ким эрэ баарын, онон аһара айдаарымаҥ.