22.12.2022 | 17:00

Саҥа дьыллааҕы көрдөөх оонньуулар

Саҥа дьылы көрсүү бырааһынньыгар элбэх киһи мустан оонньуурун сатаан тэрийиэххэ наада. Эһиэхэ анаан сонун оонньуулары буллубут уонна саҥа дьыллааҕы викторинаны бэлэмнээтибит. Тускутугар туһаныҥ!
Саҥа дьыллааҕы көрдөөх оонньуулар
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Тымныы Оҕонньорго суруйабыт

Оонньууну ыытааччы дьон иннигэр тахсар уонна Тымныы Оҕонньорго сурук суруйа сатаабыта сатамматаҕын туһунан иһитиннэрэр, 15 ханнык баҕарар даҕааһын ааты толкуйдуурга ыҥырар.

 

Уонна ол тыллары туттан маннык суругу ааҕар:

«_____ Моруос Оҕонньор! Биһиги_______оҕолорбут Саҥа дьылы олус кэтэспиттэрэ, ону, хата,_______тиийэн кэллиҥ. Саҥа дьыл биһиги дьиэ кэргэҥҥэ саамай_______бырааһынньык. Биһиги эйиэхэ_______ырыалары,_______үҥкүүлэри толоруохпут! _______Саҥа дьылбыт дьэ үүннэ! Бүгүн_______үөрэх, _______үлэ туһунан санаамыахха. Үөрэхпитигэр_______сыаналары, үлэбитигэр_______хамнаһы ылыахпыт диэн эрэннэрэбит. Ол иһин_______кэһиилээх мөһөөччүккүн арыйа охсон,_______бэлэхтэргин туттар.

Ытыктабылы кытта,_______уолаттар уонна_______кыргыттар!»

 

Баҕа санаалаах телеграмма

Бу сырыыга ыытааччы кыһыны кытта сыһыаннаах даҕааһын ааттары кыттааччылар этэллэринэн сурунар уонна маннык телеграмманы ааҕан иһитиннэрэр:

 

Квчк Биир_______ дойдуга зпт биир ______ куоракка _______ кэрэ аҥаардар уонна _______ эр бэртэрэ олорбуттар тчк Олорбуттар-олорбуттар уонна биир _______  хампаанньанан _______  билсэр буолбуттар тчк Биир _______ күн маннык ______ сиргэ мустан зпт көрсөн зпт _______ саҥа дьылы бэлиэтииргэ санаммыттар тчк Бүгүн хайаан да _______ тостар этилинниннэр зпт бакааллар ______  утаҕынан туоллуннар зпт остуол _______  аһынан баай буоллун зпт бу мустубут дьон _______ мичээрэ үксүү турдун тчк Саҥа үүммүт сылгыт _______ буоллун зпт эһигини _______ дьон тулалаатын зпт _______ баҕа санааларгыт туолан истиннэр зпт үлэҕит-хамнаскыт _______ буоллун зпт чугас киһигит зпт тапталлааххыт _______ эрэ бэлэхтиир буоллун всклц

Эһиги _______ Тымныы Оҕонньоргут квчк

 

Шариктарынан

Шариктарынан элбэх оонньууну толкуйдуохха сөп. Холобура, үрүөх иннинэ иһигэр баҕа санаалаах кумааҕылары угаҕыт. Ону кыттааччылар шаригы тэһэ тутан баран доргуччу ааҕан иһитиннэрэллэр. Төһө баҕарар баҕа санааны, эҕэрдэни күлүүлээхтик суруйан угуохха сөп.

Гелийинэн үрүллүбүт шариктарга кумааҕыга суруллубуту баайыахха сөп, кыттааччылар олору кырыйан ылан ааҕаллар.

Баҕа санаалар оннуларыгар сорудахтары суруйар оонньууну ураты тыынныан сөп.

 

Сыыппараларынан

Ыытааччы 3 кыттааччыттан ханнык баҕарар 11 сыыппараны ыйытан сурунар.

Онтон интервью ылбыт курдук туттан-хаптан, хоруйдары маннык ыйытыыларга туруоран биэрэр:

Хас саастааххыный?

Күҥҥэ хаста тото аһыыргын сөбүлүүгүн?

Хаҥас атаххар хас тарбахтааххыный?

Ыйааһыныҥ төһөнүй?

Кылааскар хаста хаалбыккыный?

Хас чааска утуйаҕын?

Төһө лиитирэни биирдэ иһэҕин?

Мороженайы бастаан хас сааскар амсайбыккыный?

Эбиэккэ хас тэриэлкэ миини иһээччигиний?

Хас тиистээххиний?

Хас мүнүүтэнэн бу харыйа анныгар охто сытар буолуоххунуй?

 

Малынан уонна чүмэчинэн

Мөһөөччүккэ араас маллары муһаҕыт. Кыттааччы “Бу малынан тугу гынабын?” диэн ыйытыытыгар хоруйдуур уонна түбэһиэх малы хостоон бэйэтэ эппитин толоруохтаах.

Кыттааччылар уочаратынан умайа турар бенгальскай чүмэчини илииттэн илиигэ, бу киһиэхэ тугу гыннаралларын этэ-этэ, бэрсэллэр, кимиэхэ кэлэн умуллубут – ол сорудаҕы толорор.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...