САҤА ДЬЫЛГА ТУГУ КЭТЭБИТ?
Сиэрэй кутуйах эбэтэр Кырыыса сылыгар зодиактарга ханнык таҥас-сап барсыан сөбүн астрологтар быһаарбыттар. Кэлэр сылы Сулустар сүбэлэринэн таҥнан-симэнэн көрүстэхпитинэ, ситиһиилээх, өрө тахсыылаах сыл күүтэр.
Бараан
Барааннар өрүү үчүгэй көстүүлээх буоларга кыһаллаллар, ол иһин саҥа дьылга кылабачыгас таҥаһы кэтиэхтэрин сөп. Тимир өҥнөөх былаачыйа эбэтэр көстүүм, үрүҥ көмүс киэргэллэр, баттаххытыгар – күлүмүрдэс заколка.
Оҕусчаан
Киһи хараҕар быраҕаллыбат өҥнөөх, классика истииллээх таҥас. Комбинезон, былаачыйа, натуральнай матырыйаалтан көстүүм. Судургу моһуоннаах, бороҥ өҥнөөх таҥас барсыаҕа.
Игирэлэр
Айылҕа кыыллара ойуулаах таҥастар барсыахтара. Кылаабынайа, моҕой уонна леопард буолуо суоҕун наада.
Араак
Араактарга бэйэлэрин айылҕаларын күүһүн өҥө – уу өҥө барсыаҕа. Халлаан күөх, бирюза өҥнөөх чэпчэки матырыйааллартан тигиллибит уһун былаачыйалар. Аксессуардара бытархай, көстөр-көстүбэт буолуохтаах.
Хахай
Хахайдар дьон болҕомтотун тардар өҥнөөх таҥаһы кэтиэхтээхтэр – сырдык араҕаһы уонна кыһыл көмүс курдук күлүмүрдүүрү. Маҥан таастаах бөдөҥ киэргэллэри кэтэҕит.
Кыыс Куо
Сыаналаах эрээри, боростуой, элегантнай моһуоннаах таҥас-сап буолуохтаах. Дойдуну салайан олорор королевалар уонна хоруоллар дьиэ кэргэттэрэ таҥнар истииллэрин үтүктэ сатааҥ.
Ыйааһыннар
Ыйааһына, көстүүтэ чэпчэки таҥас барсар – кэлэр сылга олоххут эмиэ чэпчкитик салаллан истин диэн. Солко, шифон, сибэкки ойуулаах чэпчэки матырыйааллар. Синньигэс биилгитин көрдөрөр моһуоннары талыҥ.
Ооҕуй
Сырдык өҥнөөх таҥастары кэтиҥ диэн астрологтар сүбэлииллэр. Сымнаҕас уонна сырдык уобараскытын чаҕылхай түүппүлэнэн толорон биэриэххитин сөп. Ураты дизнайннаах хары чаһыта, брошка, бижутерия барсыаҕа.
Охчут
Харахха быраҕыллар аксессуардар – охчуттар дьон болҕомтотун тардар ньымалара. Боростуой таҥаһы даҕаны киэргэл тупсарыан сөп. Күлүмүрдэс бөдөҥ ытарҕа, клатч, бөҕөх.
Хой
Сайыҥҥы сылаас өҥнөөх таҥаһы кэтэн саҥа сылы көрүстэххитинэ, сыл устата табыллыы эрэ кэтэһэр. Лаампа уотугар өҥүн-дьүһүнүн уларытар киэргэллэр барсыахтара.
Күрүлгэн
Ретро истиил барсар. Дьону сөхтөрүөхтээххит, соһутуохтааххыт. Саҥа сылы көрсөр түүн бэйэҕит күннэтэ кэтэр таҥаскытыттан чыҥха атыны кэттэххитинэ – кэлэр сылга үтүө уларыйыылар буолуохтара.