Саҥа дьыл буолара чугаһаата!
Сатабыллаах хаһаайкалар Саҥа дьылга тугу астыылларын ый инниттэн толкуйдууллар, эрдэттэн бэлэмнэнэллэр. Сорохтор бырааһынньык бу кэлбитин кэннэ ууга-уокка түһэллэр. Онон бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр былааннана илик ааҕааччыларбытыгар саҥа дьыллааҕы сандалыны киэргэтэр судургу, ол эрээри олус минньигэс бүлүүдэлэр ырысыаптарын таһаарабыт.
Саҕынньахтаах тыл
Туох наадата:
ынах тыла – 500 г;
шампиньон тэллэй – 200 г;
сыыр – 200 г;
помидор – 2 уст.;
20%-наах чөчөгөй (сливки) – 50 мл;
эриэппэ луук – 1 уст.;
бурдук – 2 ост.нь.;
мас арыыта – 2 ост.нь.;
туус, биэрэс, күөх үүнээйи – бэйэ сөбүлүүрүнэн.
Астааһына:
Тэллэйи, луугу бытархай гына кырбыыбыт, мас арыытыгар ыһаарылыыбыт. Туспа иһиккэ чөчөгөйү, бурдугу холбуу кутан туустуубут, биэрэстиибит уонна булкуйабыт. Ыһаарыламмыт тэллэйбитигэр кутабыт уонна булкуйа-булкуйа хойдуор диэри тэптэрэн ылабыт. Сыыры, помидору чараас, тылы 1 см халыҥ гына бысталыыбыт. Духуопка киэбин арыынан сотобут уонна онно тылбытын тэлгиибит. Үрдүгэр тэллэйдээх маассабытын кутабыт уонна тэҥниибит. Салгыы помидору тарҕата уурабыт, туус, биэрэс табыгынатабыт уонна сыырбытын уурабыт.
190 кыраадыс итии духуопкаҕа 15-20 мүн. буһарабыт. Остуолга күөх үүнээйинэн киэргэтэн уурабыт.
Хортуоппуйтан бөкүнүктэр
Туох наадата:
муора балыгын этэ (филе) – 200 г;
хортуоппуй – 2 уст.;
сымыыт – 1 уст.;
ынах арыыта – 75 г;
бурдук – 1 ост.нь.;
кетчуп – 4 ост.нь.;
күөх үүнээйи, туус, биэрэс – бэйэ сөбүлүүрүнэн.
Астааһына:
Балыкпытын, хортуоппуйбутун туустаах ууга эрдэттэн буһарабыт, сойутабыт. Балыгы блендердиибит. Хортуоппуйу кыра гына түөркэлиибит. Укуруобу, петрушканы бытархай гына кырбыыбыт. Балыгы, хортуоппуйу холбуубут, туус, биэрэс, үрдүгэр сымыыт, күөх үүнээйи кутабыт уонна үчүгэйдик булкуйабыт. Тахсыбыт маассаттан грецкэй эриэхэ саҕа бөкүнүктэри оҥортуубут уонна бурдукка төкүнүтэн ылабыт. Духуопка киэбин ириэнэх ынах арыытынан сотобут уонна онно бөкүнүктэрбитин уурталыыбыт.
200 кыраадыс итии духуопкаҕа 15 мүн. саһарыар диэри буһарабыт. Бөкүнүктэрбитин хайаан да биирдэ эргитэн ылабыт. Буспуттарын кэннэ үрдүлэригэр кетчуп кутабыт.
«Саҥа дьыллааҕы түүн» салаат
Туох наадата:
туустаах сельдь балык – 200 г;
буспут хортуоппуй – 400 г;
буспут сүбүөкүлэ – 400-500 г;
буспут моркуоп – 300 г;
туустаах оҕурсу – 250 г;
дьаабылыка – 250 г;
клюква (эбэтэр отон) – 2-3 ост. нь.;
эриэппэ луук – 50 г;
укуруоп уонна петрушка – 1 тутум;
буспут сымыыт – 3 уст.;
кыра кээмэйдээх сымыыт (киэргэтиигэ) – 6 уст.;
сыыр – 100-150 г;
майонез – 300 г;
уксуус – 3 ост.нь.;
саахар – ½ ч.нь.;
туус, тума – бэйэ сөбүлүүрүнэн.
Астааһына:
Луугу аҥаардыыбыт, синньигэс гына тиэрбэстии быһабыт. Уксууска саахары эбэбит уонна ону луукка кутан, 5 мүн. туруора түһэбит, онтон луугу ыган ылабыт. Балыгы уҥуоҕуттан ыраастаан, кыра гына кырбыыбыт. Хортуоппуйу, сүбүөкүлэни уонна моркуобу (биири киэргэтиигэ хаалларан баран) бөдөҥ гына түөркэлиибит. Дьаабылыканы, сымыыты, сыыры эмиэ түөркэлиибит. Туустаах оҕурсуну кубиктыы быһабыт. Барытын бу курдук араҥанан уурталыыбыт: балык – луук – сүбүөкүлэ – майонез – оҕурсу – моркуоп – майонез – дьаабылыка – сыыр – хортуоппуй – майонез – сымыыт.
Укуруобу, петрушканы бытархай гына кырбыыбыт. Кыра кээмэйдээх сымыыттарбытын аҥаардыыбыт. Салааппыт үрдүн, хаартыскаҕа курдук, чаһы оҥорон күөх үүнээйинэн, сымыытынан, моркуобунан, клюкванан киэргэтэбит.
«Принц» салаат
Туох наадата:
куурусса куҥ этэ (филе) – 250 г;
моркуоп – 150 г;
туустаах оҕурсу – 150 г;
сымыыт – 4 уст.;
ыраастаммыт грецкэй эриэхэ – 70 г;
майонез – 100 мл;
туус, лавр сэбирдэҕэ – бэйэ сөбүлүүрүнэн.
Астааһына:
Куурусса куҥ этин туустаах ууга лавр сэбирдэҕин быраҕан буһарабыт. Онтон синньигэс гына бысталыыбыт. Буспут моркуобу, сымыыты түөркэлиибит. Оҕурсуну синньигэс гына бысталыыбыт. Эриэхэни илдьиритэбит.
Тэриэлкэҕэ анал тимир төгүрүккэ (кольцо) араҥанан уурабыт: куурусса – оҕурсу – моркуоп – сымыыт. Барытын майонеһынан сыбыыбыт. Салаат үрдүгэр эриэхэбитин табыгынатабыт.
Лаваштан кыһыл балыктаах рулет
Туох наадата:
лаваш – 2 уст.;
кыра туустаах кыһыл балык (форель) – 200 г;
творожнай сыыр – 300 г;
оҕурсу – 1 уст.;
укуруоп – 1 тутум.
Астааһына:
Лавашпытын тэлгэтэн, творожнай сыырынан сыбыыбыт. Кыһыл балыгы синньигэс гына бысталыыбыт, лавашка сааһылаан уурталыыбыт. Оҕурсуну аҥаардаан баран сип-синньигэс гына бысталыыбыт уонна балыктаах лавашка тарҕата уурабыт. Укуруобу бытархай гына кырбыыбыт уонна лавашпыт үрдүгэр табыгынатабыт. Онтон лавашпытын рулет курдук кытаанахтык эрийэбит. Холодильникка чаас кэриҥэ туруора түһэбит. Остуолга кырбаан, тэриэлкэҕэ кыраһыабайдык уурабыт, күөх үүнээйинэн киэргэтэбит.
Духуопкаҕа астанар моркуоптаах куурусса
Туох наадата:
куурусса – 1,5 кг;
моркуоп – 10-12 уст.;
лимон – 1 уст.;
чернослив – 12 уст.;
тума – бэйэ сөбүлүүрүнэн.
Астааһына:
Кууруссаны өлүүлэргэ араарабыт, анал туманан сотобут. Оннук чаас аҥаара сытыара түһэбит. Моркуобу уһун синньигэс гына, лимону төгүрүктүү быһабыт уонна черносливы кытта духуопка киэбигэр уурталыыбыт, үрдүгэр – кууруссаны.
180 кыраадыс итии духуопкаҕа 1 чаас буһарабыт. Онтон 40 мүнүүтэтин фольга анныгар сытыахтаах.
«Бырааһынньык» салаат
Туох наадата:
куурусса этэ – 300 г;
хортуоппуй – 300 г;
туустаах оҕурсу – 250 г;
чернослив – 150 г;
сымыыт – 5 уст.;
майонез – 150 мл.
Астааһына:
Куурусса этин туустаах ууга эрдэ буһарабыт, онтон кубиктыы быһабыт. Бүтэйдии буспут хортуоппуйу ыраастаан түөркэлиибит. Оҕурсуну кубиктыы быһабыт. Черносливы оргуйбут итии ууга 10 мүн. туруорабыт, онтон уутун тоҕон баран синньигэс сурааһыннарга бысталыыбыт. Бүтэйдии буспут сымыыты үрүҥүн уонна уоһаҕын араарабыт, тус-туспа түөркэлиибит.
Тэриэлкэҕэ анал тимир төгүрүккэ (кольцо) араҥанан уурабыт: хортуоппуй-оҕурсу-куурусса этэ-чернослив. Хас биирдии араҥаны майонеһынан сыбыыбыт. Чернослив үрдүгэр түөркэлэммит сымыыт үрүҥүн уурабыт уонна уоһаҕынан “бэргэһэлиибит”.
Фруктаттан харыйа
Туох наадата:
банаан – 350 г;
мандарин – 200 г;
киви – 350 г;
хойуу йогурт – 170 г;
мүөт – 10 г.
Бэлэмнээһинэ:
Мандарины ыраастаан, өлүүлэргэ араарабыт, оттон банааны төгүрүктүү быһабыт уонна иһиккэ харыйа быһыылаан уурабыт. Йогурту уонна мүөтү булкуйабыт уонна харыйаны бары өттүттэн сыбыыбыт. Ол кэннэ киви куһуоччуктарын лабаа быһыылаан уурталыыбыт. Харыйабытын бэйэ сөбүлүүрүнэн киэргэтэбит.