Саҥа босуобуйалар бигэргэннилэр
Соторутааҕыта хат дьахталларга уонна 8-тарыттан 17 саастарыгар диэри оҕолорун соҕотох иитэр төрөппүттэргэ саҥа босуобуйалар тустарынан сокуон бигэргэтилиннэ. Бу икки босуобуйа олох таһымын алын кээмэйигэр эппиэттээбэт дохуоттаах ыалларга, ол аата кыамматтарга эрэ ананар.
Саҥа сокуон Госдуумаҕа үһүс ааҕыыны ааста, Федерация Сэбиэтэ өйөөтө, Бэрэсидьиэн илии баттыыра хаалла.
Хат дьахталларга ый аайы төлөнөр босуобуйа
Босуобуйа олох таһымын алын кээмэйин хайа охсор аҥаарыгар тэҥнэһэр.
12 нэдиэлэлэригэр диэри учуокка турбут дьахталларга төлөнөр.
Дьиэ кэргэн уопсай дохуота олох таһымын алын кээмэйиттэн кыра буоллаҕына эрэ ананар.
Учуокка тураат, биир ый иһинэн сайабылыанньа суруйуохтааххыт, оччоҕо перерасчет ааҕыллар.
Биир ыйтан хойутаан сайабылыанньа биэрдэххитинэ, биэрбит күҥҥүтүттэн эрэ ааҕыллар.
Босуобуйаны анааһын бэрээдэгэ Бырабыыталыстыба туспа дьаһалынан олохтонуохтаах. Онон иһитиннэриилэри күүтэбит.
Аҥаардас төрөппүттэргэ көмө
Босуобуйа олох таһымын алын кээмэйин аҥаарын саҕа.
Дьиэ кэргэн дохуота олох таһымын алын кээмэйиттэн тахсыбат буоллаҕына эрэ ананар.
Соҕотох төрөппүт ылар.
8-тан 17-гэр диэри саастаах оҕоҕо хас биирдиилэригэр төлөнөр.
Оҕо 8 сааһын туолбута алта ый ааһа илигинэ сайабылыанньа биэриэхтээххит, барыта перерасчеттанар.
Оҕо 8 сааһын туолбута алта ый ааспытын кэннэ биэрдэххитинэ, сайабылыанньа биэрбит күҥҥүтүттэн ааҕыллар.
Босуобуйаны сылга биирдэ уһатан иһиэхтээххит.
МФЦ-га от ыйын 1 күнүттэн сайабылыанньа биэриэххэ сөп.
Соҕотох төрөппүт диэн:
Оҕо төрөөбүтүн туһунан туоһу суругар иккис төрөппүт туһунан информация суох буоллаҕына;
Аҕатын туһунан информация ийэтин тылыттан эрэ суруллубут буоллаҕына;
Иккис төрөппүт өлбүт буоллаҕына.
8 сааһыгар диэри оҕо больничнайа 100 % төлөнөр
Оҕо 8 сааһыгар диэри төлөнөр, ол аата 7 сааһа толору киирэр.
Үлэлии сылдьар төрөппүт 8 сааһын туола илик оҕото ыарыйдаҕына, больничнайга барар түгэнигэр, хамнаһын 100 бырыһыан төлүүллэр.
2021 сылга больничнайга олоруу муҥутуур улахан төлөбүрэ 2434 солк.
Балаҕан ыйыттан төлөнөн барыахтаах. Эмиэ Бырабыыталыстыба туспа дьаһалын күүтэбит.
Оскуола үөрэнээччитигэр 10 000 солк.
Биирдэ эрэ төлөнөр өҥө.
6 сааһыттан 18 сааһыгар диэри оҕоҕо төлөнүөҕэ.
Дьиэ кэргэн кыамматыттан, кыанарыттан тутулуга суох көмө оҥоһуллар.
Инбэлиит үөрэнээччилэргэ көмө төлөнүүтүгэр туспа бэрээдэк олохтонуохтаах (билиҥҥитэ туох да чуолкайдана илик).
Атырдьах ыйыттан көмө барыларыгар төлөнүөҕэ диэн официальнай уорганнар иһитиннэрэллэр.