14.02.2024 | 18:11

Үс тылдьыт тэҥинэн сүрэхтэниитэ

Үс тылдьыт тэҥинэн сүрэхтэниитэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Маннык түгэн дэҥҥэ буолар. Олортон биирдэстэрэ сахалыы-нууччалыы тылы үөскэтии тылдьыта Саха сиригэр аан маҥнайгытын оҥоһулунна. 

Манна барыта 6 тыһыынча туохтууртан үөскээбит аат тыл киирбит. Ааптар Ирина Иванова тылы үөскэтии салаата төрүт тылбыт инники сайдыытыгар олус суолталааҕын ыйар, кини бу сыалтан тылдьыт оҥорорго санаммыт.

Ирина Иванова, Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтун саха тылын салаатын билим үлэһитэ: "Бу тылдьыт тылы үөскэтиини үөрэтиигэ уонна саха тылын сайдыытыгар туһалааҕа диэн биһиги туохтуурбут тылы үөскэтэр кыаҕын ис тутулун көрдөрүү буолар".

Ол курдук "көр" диэн тылтан 25 тыл үөскүүрүн ааптар дакаастаабыт. Итиэннэ күннээҕи туттар туохтуурдарбытыттан төһө баҕар тылы таһаарыахха сөп эбит диэн санааҕа кэлбит. Онтон тылдьыты сүрэхтээһиҥҥэ мустубуттар сахалыы тиэрмини олохтооһун тэтимнээхтик бара турар кэмигэр тылдьыт олус сөптөөхтүк тахсыбытын ыйдылар.

Аркадий Самсонов, тыл үөрэхтээҕэ: "Туохтууртан аат тылы үөскэтэр тылдьыты олус сэргээтим. Тоҕо диэтэххэ бу билигин сахабыт тылын харыстаан, төннөрөн, тилиннэрэн үйэтин уһатар кэммитигэр тиэрмин боппуруоһугар көстүөхтээх".

Онтон холуобунай быраап уонна бырассыас тиэрминнэрин, өйдөбүллэрин "Төрүт тыллары сайыннарыы уонна харыстааһын" тосхолун чэрчитинэн оҥоһуллубут. Манна 4300 тиэрмин киирбит, бу улахан үлэни биэс ааптар икки сыл устата таҥан, хомуйан таһаарбыттар. Кинилэр 2002 сыллаахха тахсыбыт холуобунай дьыала тылдьытыгар тирэҕирбиттэр.

Семен Гаврильев, Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтун саха тылын салаатын билим үлэһитэ: "Сокуон быһыытынан хас биирдии суукка, силиэстийэҕэ кыттар киһи бэйэтин төрөөбүт тылынан этинэр бырааптаах. Ону хааччыйар инниттэн туох баар докумуон, бу киһи саҥарбыта барыта нууччалыы тылбаастанан туттарыллыахтаах. Ону сөпкө тылбаастанарын хааччыйар туһуттан бу тылдьыт оҥоһулунна". 

Маны тэҥэ тылдьыкка киирбит тыллар таба суруйуу быраабылаларыгар сөп түбэһиннэриллибиттэр. Итиэннэ саҥардыллан тахсыбыт таһаарыыга үгүс саҥа тылбаастар баар буолбуттар.

Онтон үһүс тылдьыт бөлөҕүнэн наардыыр. Манна биир тэҥ суолталаах эбэтэр биир өйдөбүллээх тыллар бөлөхтөрүнэн наарданан киирбиттэр.

Федор Дьячковскай, Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын институтун саха салаатын сүрүннүүр билим үлэһитэ: "Тылдьыкка 17 сүрүн бөлөх баар. Балартан аат тыл 79, туохтуур 101 хос бөлөхтөрүнэн араарыллан киирдилэр. Тылдьыт саха тылын лиэксикэтин оскуола оҕолоругар уонна саха тылын сэҥээрээччилэргэ ананан оҥоһулунна". 

Онон гуманитарнай институт Ийэ тыл күнүн көрсө бэртээхэй бэлэҕи оҥордо, диэн иһитиннэрэр «Саха» ГТРК.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....