19.05.2023 | 16:00

Үөс тааһын үөрэппит эдэр чинчийээччи

Үөс тааһын үөрэппит эдэр чинчийээччи
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Физико-техническэй институтун магистрана Светлана Шарина сыл аҥаарын устата киһи үөһүн тааһын үөрэтэр бэрт интэриэһинэй чинчийиилэри ыыппыт. Кини этэринэн, үөс таастаныыта билигин киэҥник тарҕанна, ким баҕарар, хаһан баҕарар, дьахтарыттан уонна эр киһититтэн, сааһыттан, аһылыгыттан тутулуга суох бу ыарыыга ылларыан сөп буолла.

“Үөс тааһын састаабын үөрэтэр чинчийиим саамай сүрүн ньыматынан ИК-спектроскопия буолла, выпускной үлэбин онно анаатым. Бу чинчийиим салайааччым научнай үлэтин салҕааһын курдук барда, эбэн-сабан уонна баар баазаны байытан биэрдибит. Үөс тааһын ИК-спектрдарын чинчийдибит, “пики характеристических частот” диэн өйдөбүл баар, олору кэмнээн, таас састаабын уонна ханнык көрүҥҥэ киирсэрин үөрэттибит. Таастарбытын, сигнала үчүгэйдик кэллин диэн, калий бромидыгар (1/100) суурайан үлэлээтибит”, - диэн кэпсээтэ магистратураҕа бастакы сылын үөрэнэр Светлана Шарина. Научнай салайааччытынан «Радиационнай технологиялар» лабораторияларын үлэһитэ доцент Федор Протопопов буолбут.

«ИК-спектроскопия киһи этигэр-сиинигэр алдьатыыта суох эмтэнэргэ көмө буолар кыахтаах. Үөстэригэр таас үөскээн эрэйдэммит дьону билигин эпэрээссийэлииллэр, үөстэрин ылан быраҕан кэбиһэллэр. Ыарыһах ол кэннэ өр кэм устата реабилитацияланар, чөлүгэр түһэр. Ол да кэннэ үйэтин тухары диета тутуһарга күһэллиэхтээх. Биһиги чинчийиибитинэн,  үөс хойдон эрэр эттигин (“билиарный сладж” диэн тиэрмининэн ааттанар, мантан таас үөскүүр)  ИК-спектроскопия ньыматынан эрдэ быһаарыахха сөп, ол аата эминэн суох оҥорор кыах баар буолар”, – диэн быһаарар эдэр чинчийээччи.

Светлана Шарина кэпсииринэн, ХИФУ-га ИК-спектрометрга оҥоһуллар чинчийиилэр киэҥник туһаныллаллар – Саха сирин эмтээх отторуттан саҕалаан, муоҕу, сили, онтон да атын убаҕас уонна кытаанах эттиктэри чинчийэллэр: “Бу спектрдар уратылар, хас биирдии эттиккэ пик нобуора баар буолар. ИК-спектрометрга судургутук уонна түргэнник чинчийиллэр эттик спектрдарын быһаарар кыахтаахпыт. Кэлин бу ньыманы араас эттик састаабын быһаарарга эбии көдьүүстээх ньыма быһыытынан туттар табыгастаах буолуоҕа”..

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...