“Сүүрэр суолга – Владимир Слепцов!”
Спорт көрүҥнэриттэн биир бастыҥнара уһун сиргэ сүүрүү. Ырааҕы сүүрүүнэн ылбычча киһи дьарыктаммат. Бэйэтин кэмин аатырбыт сүүрүгэ-быһыйа, Саха АССР рекордсмена, стайер уонна марафонец Владимир Слепцову ааспыт үйэ 60-80 сылларын дьоно үчүгэйдик өйдүүр-билэр. Быйыл рекорд олохтообута лоп-курдук 50 сыла.
Аҕаларын, эһэлэрин кэриэстээннэр оҕолоро, сиэннэрэ, бииргэ төрөөбүт балта Людмила Пантелеймоновна, быраата Артем Пантелеймонович бэс ыйын 22-23 күннэригэр Бороҕоҥҥо буолар Саха Өрөспүүбүлүкэтин чэпчэки атлетикаҕа чемпионатыгар 10 000 м кыайыылааҕар 50 000 солк. уу харчынан бириис олохтоотулар.
Уус Алдан Бороҕонун Мүрүтүттэн төрүттээх-уустаах Владимир Пантелеймонович Слепцов 1946 с. тохсунньу 22 күнүгэр Булуҥ оройуонун Тумат нэһилиэгэр тоҕус оҕолоох учууталлар дьиэ кэргэннэригэр сэттис оҕонон төрөөбүтэ. Спорду таптыы улааппыта. Оскуолатааҕы маҥнайгы тренерэ Антон Константинович Дегтярев, үрдүкү кылаастарга Федор Никонович Готовцевка, Иван Христофорович Кондратьевка сүүрүүнэн дьарыктаммыта. Эдэр-оҕо саастарыттан боччумнаах, бэрээдэктээх, сытыы-хотуу уолу, Курбуһах орто интернат-оскуолатын бүтэрээтин кытта, физкултуура учууталынан, онтон Мүрү аҕыс кылаастаах оскуолатыгар физругунан анаабыттара. Сүрүн үлэтин кэнниттэн киэһэтин секциялары ыытара, сарсыарда сэрээккэлиирэ, дьарыктанара. Судьуйалаһара. Эрчимнээх үлэтин быыһыгар сүүрүүлэргэ күрэхтэһэн, хамаандатыгар кыайыы очколарын аҕалара, оройуон спартакиадаларыгар бастыыра.
1966-1969 сс. аармыйаҕа сулууспалыыр кэмигэр спордунан дьарыктанарын тохтоппотоҕо. Сүүрүк-быһый армеец быһыытынан биллибитэ. Аармыйаттан эргиллэн кэлээтин кытта спорт салайааччылара илиилэригэр түһэрэн, үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Бороҕон оҕо спорт оскуолатыгар сүүрүүгэ тренердээбитэ, Мүрү оскуолатыгар физруктаабыта. 1969-1972 сылларга Дьокуускайга пединститут физкултуурунай отделениетыгар үөрэнэр кэмигэр өрөспүүбүлүкэ күүстээх быһыйа уонна салайааччыта Афанасий Егорович Алексеевка, 1972 сылтан тренер Иван Алексеевич Бурляевка эрчиллибитэ, спортсмен быһыытынан күүһүрбүтэ-уоҕурбута. Салайааччы быһыытынан уопутурбута. 1978-1991 сс. Уус Алдан оройуонун “Урожайын” уонна оройуонун спорка кэмитиэтин көдьүүстээхтик, таһаарыылаахтык салайбыта. Өр сылларга оройуон хайыһарга уонна чэпчэки атлетикаҕа сүүмэрдэммит хамаандаларын сүрүн тренеринэн сылдьыбыта. Оройуонун уонна өрөспүүбүлүкэ спортивнай чиэһин араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ сүүрбэ сыл ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Хайыһар уонна сүүрүү хастыы да күннэрдээх пробегтарын көҕүлээбитэ, кыттыбыта. Дьону, ыччаты кытта үлэлиир ытыктанар салайааччы уонна киһи быһыытынан үтүө хаачыстыбалардаах буолан, Мүрү, Мындааба нэһилиэктэрин дьокутаатынан, баһылык солбуйааччытынан талыллыбыта, хамсатыылаах дьаһаллары ыыппыта.
Владимир Слепцов 17 сааһыттан сүүрүүнэн утумнаахтык дьарыктанан, Сахатын сиригэр Уус Алдан оройуонун, бэйэтин аатын дорҕоонноохтук ааттаппыта. Хайыһарга уонна чэпчэки атлетикаҕа ССРС спордун маастарыгар хандьыдаат, Саха АССР спордун маастарын нуормаларын толортообута. Саха АССР 15 төгүллээх чөмпүйүөнэ, өрөспүүбүлүкэ элбэх турнирын кыайыылааҕа. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ” аат, “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физическэй култуураны уонна спорду сайыннарыыга үтүөлэрин иһин” Бочуоттаах бэлиэ уонна “РСФСР спордун бэтэрээнэ” курлук сүрүн наҕараадалар хаһаайыннара. “РСФСР бочуоттаах донора” бэлиэлээх күн айыы оҕото.
Владимир Слепцов өрөспүүбүлүкэтин сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киллэриллэн, 1963, 1964 сс. Нальчик куоракка РСФСР тыатын сирин спортсменнарыгар бастаабыта, миэстэлэспитэ. Ити кэмтэн ыла уонтан тахса сыл Саха АССР хамаандатын хапытаанынан сылдьыбыта. 1973 с. Ессентукига “Спартак” устудьуоннарыгар 5000 м иккис көрдөрүүлэммитэ, 1972 с. Саха сирэ – Магадан матчевай көрсүһүүлэригэр бастаабыта.
Элбэх кыайыыларыттан улаханнарын санаттахха, ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин чемпионата (Феодосия к., 1967), ССРС Кубога (Хабаровскай к., 1972), РСФСР чемпионата (1963, 1973, 1974), “Правда” хаһыат кроһун финала (Москва к., 1970, 1971), Сибиир уонна Уһук Илин чемпионата (1971, 1972, 1973, 1974), Саха сирэ – Магадан матчевай көрсүһүүлэрэ (1962, 1972), Саха АССР норуоттарын сайыҥҥы спартакиадалара (1966, 1970, 1974, 1978, 1982), үтүө үгэс быһыытынан сыллата ыытыллар “Кыым” хаһыат эстафеталарын бастакы этааптарын хас да төгүллээх, “Манчаары” спартакиадаларын элбэх төгүллээх, Федор Попов кроһун аҕыс төгүллээх кыайыылааҕа.
1979 с. өрөспүүбүлүкэ бастакы улахан марафонугар – 42 км 195 м үһүс миэстэлэммитэ, 1971 с. Жатай – Дьокуускай 20 км бастакы пробег кыайыылааҕа. 1977 с. БАМ – Дьокуускай маршрутунан 1050 км хайыһарынан сырыыга кыттыбыта.
1974 с. Саха сирин норуоттарын VII-с Сайыҥҥы спартакиадатыгар 10 000 м сири 31 мүн. 34,6 сөк. кэлэн, Саха АССР рекордун олохтообута. Ити чаҕылхай көрдөрүүтэ уон сыл турбута. Саха АССР чулуу спортсменнарын кэккэлэригэр киллэриллибитэ.
Тэҥҥэ эрчиллибит, күрэхтэспит биир дойдулааҕа, “XX-с үйэ спорка лауреата” Иван Жирков ахтарынан, Владимир Слепцов дистанцияҕа сүүрэр тэтимин кэмиттэн-кэмигэр күүһүрдэн, эбэн, дэлби уларытан, утарсааччыларын илиһиннэрэн кыайталыыр ньымалааҕа. Ол, биллэн турар, кыахтаах, сэниэлээх эрэ киһиэхэ кыаллара. Олимпийскай чөмпүйүөннэр Владимир Куц, Петр Болотников тактикаларын сөбүлээн туттара үһү. Сүүрүүгэ оннук бэриниилээҕэ. Күһүҥҥү ыас хараҥаларга фонаригынан тыктарынан эрчиллэрэ номох буолан сылдьар. Сааһыран баран сүүрүк-быһый доҕотторо Анатолий Заболоцкай, Леонид Сакварц, Иван Бурнашев буолан бэйэтин бирииһигэр сүүрүүнү таптааччыларга күрэхтэһии тэрийбиттэрэ. Оннук умсулҕаннааҕа. Чөл олоҕу тутуһара, “моржеваниенан” – тымныы ууну куттуунан дьарыктанара.
Владимир Пантелеймонович удьуор педагогтар Слепцовтары утумнаан, учууталлар династияларын салҕаабыта. Эһэтэ Николай Николаевич Слепцов - Тоот Ньукулай Бээрийэ церковнай-приходской оскуолатын учуутала, үчүгэй үлэтин иһин 1893 с. Саха уобалаһын Епархиальнай Сэбиэтин грамотатынан наҕараадаламмыт. Кини уолаттара Пантелеймон, Алексей уонна Иннокентий олохторун эдэр көлүөнэни үөрэтиигэ-иитиигэ анаабыттар, учууталлар. Пантелеймон Николаевич хоту Аллайыахаҕа бастакы сэбиэскэй оскуоланы астаран үлэлэппит, Аллайыаха оройуонун бочуоттаах олохтооҕо. Оҕолоро учууталлар. Клара Пантелеймоновна Чурапчы орто оскуолатыгар биэнсийэҕэ тахсыар диэри нуучча тылын учууталынан үлэлээбит “Учууталлар учууталлара”.
Аныгы кэм Слепцов аймах киэн туттар аҕалара, эһэлэрэ Владимир Пантелеймонович тапталлаах кэргэниниин, норуот маастара Елена Гаврильевнатыныын икки уол, биир кыыс оҕолоохтор, туһа дьоно сиэннэр, хос сиэннэр улааталлар. Инженер-механик идэлээх улахан уол Юрий Владимирович оҕо сылдьан 1986 с. Саха сирин үөрэнээччилэрин 1-кы “Эрэл оонньууларын” 5000 м сүүрүүгэ үһүс призера, икки уоллаах, үс сиэннээх; экономист идэлээх Алевтина Владимировна алта оҕо, үс сиэн тапталлаах ийэтэ, эбэтэ; Саха университетын инженернэй-техническэй салаатын, онтон Арассыыйа госсулууспатын академиятын бүтэртээбит кыра уол Владимир Владимирович “Дирекция по эксплуатации” ХЭТ салайааччыта, оҕо саастарыгар сүүрүүгэ оройуон, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, икки оҕо амарах аҕата.
Утум салҕанар.
Сүүрбэччэ сыл көмүс көлөһүнү тоҕон тохтоло суох сүүрүү – дьаныардаах үлэ, сүрэхтээх, үлэһит киһи мэктиэтэ. Владимир Пантелеймонович биир киһи холугар киһи ааҕан сиппэт элбэх ситиһиилэрдэммитэ туруоруммут сыалын-соругун толорорго дьулуурун, сиэрдээх олоҕу тутуһарын, бэрээдэктээҕин, эҥкилэ суох ыраас олоҕу олорбутун, ыччаттарга, бар дьонугар холобурга сылдьыбытын, төрөөбүт сирин-уотун, Сахатын сирин таптыырын, бэриниилээҕин арылхай туоһулара.
Үтүө аат умнуллубат!