Сүүрүүлэргэ, ыстаҥаҕа…
Дьаҥ мэһэйдээн, “спорт королеватыгар” күрэхтэһии ыытыллыбатаҕа сылтан орто. Уһун тохтобул кэннэ ким хайдах турукка сылдьарын тургутуу “Өрөгөй” дыбарыаһыгар буолла.
Манна кыһыҥҥы өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар 23 хамаандаттан 94 спортсмен 12 дьиссипилиинэҕэ көрөөччүтэ суох күрэхтэстилэр. Ол үрдүнэн тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар.
60 миэтэрэҕэ быһыйдар сырсыыларыгар барыллааһын сүүрүү түмүгүнэн аҕыстыы буолан финалга таҕыстылар. Онуоха Ленскэйтэн Ольга Белова, Дьокуускайтан Светлана Румянцева биэтэк быатын тэбис-тэҥҥэ таарыйдылар. Бириэмэлэрэ – 8,27. Онон иккиэн пьедестал оройугар кэккэлэһэ туран кыһыл көмүс мэтээли кэтэри ситистилэр. Светлана хамаандатыттан боруонсаҕа Анастасия Храмова тигистэ. Үһүөн куораттарыгар маҥнайгы нүөмэрдээх спорт оскуолаларын чиэһин көмүскээтилэр.
Абыйтан төрүттээх Чурапчы күтүөтэ, Кытаанах орто оскуолатын физкультураҕа учуутала Петр Бабиченко 7,21 сөк. инники таҕыста. Бу кылгас дистанцияҕа өрөспүүбүлүкэ урукку чемпионнарын Айаал Иванову (Бүлүү) уонна Валентин Иванову (Ленскэй) кэннигэр хаалларда. Өссө ырааҕы ойууга 6 м 81 см түһэн эбии үрүҥ көмүс мэтээли кэттэ.
Кини – ыстаҥаҕа СӨ спордун маастара. Ыарыы туруоҕуттан олорор бөһүөлэгиттэн ханна да барбакка, Чурапчытааҕы физкультурнай институт тренерэ Иннокентий Посельскай сорудаҕынан сүнньүнэн штанганан, ордук саҥа дьыл кэннэ күүскэ дьарыктаммыт. Уруккуттан ордук ситиһиилэммититтэн, дьарыга сөпкө баран иһэрин бэлиэтиир.
Орто уһуннаах сүүрүүлэргэ Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Михаил Руфов, сэрэйиллибитин курдук, 400 уонна 800 м дистанцияларга кими да тутуһуннарбата. Кини оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар Иван Иванович Чирковка эрчиллибитэ. Сахалыы атах оонньууларыгар маастар. Олимпийскай чемпионка Мария Пинигина сүбэтинэн сүүрүүгэ көһөн, чэпчэки атлетика РФ спордун маастарыгар кандидат нуорматын толорбута, Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын чемпиона буолбута. ЧГФКуоС институтун үһүс кууруһун устудьуона Михаил Руфов ааспыт сайын Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын түмсүүтүгэр эрчиллэ сырыттаҕына, дьаҥынан тарҕаспыттар. Уһук Илин күрэхтэһиитин оһоллонон көтүппүт. Ол кэннэ эрчиллиитин Дмитрий Васильевич Колесов сорудаҕынан алтынньыттан саҕалаабыт. Аны сайыҥҥы Арассыыйа Кубогар диэри формаҕа киириитин ситэрэргэ дьулуһаллар. Сотору устудьуоннар Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэригэр Ярославль куоракка барарга бэлэмнэнэр. Бу күрэхтэһиигэ харыстанан, оччо ыгыллыбакка сүүрэргэ оҥостубуттар. Ол үрдүнэн кыайыыга ордук суоттанар 400 м дистанциятыгар 50,23 сөкүүндэнэн кэлэн, оччо куһаҕана суох бэлэмнээх сылдьарын көрдөрдө.
Бу күрэхтэһиигэ кыттыбыттартан соҕотох РФ спордун маастара үрдүк ааттаах, СӨ норуоттарын спорка оонньууларын чемпиона Ленскэйтэн Максим Овчаренко 1500 м холкутук бастаата.
Урукку дзюдоист. Ханнык да көрүҥҥэ араас эрчиллиитэ суох эбиллибэккин. Кинини сүүрэрин көрөн, чэпчэки атлетика тренерэ Анатолий Семенович Юдин бэйэтин бөлөҕөр холонорго ыҥырбыт. Онтон ыла сүүрүүгэ сылдьар. Иккис тренеринэн Омскайга устудьуоннуур сылларыттан Андрей Андреевич Шмелев буолбут. Маастар нуорматын Уһук Илин чемпионатыгар Иркутскайга толорбут. Сүүрүүгэ итинник улахан ситиһиигэ киниэхэ туох көмөлөһөрүй? Маастар хоруйа: күүстээх эрчиллиигэ эбии чөл олоҕу кытаанахтык тутуһара, элбэхтик уу иһэрэ, оҕуруот, сад астарын сиирэ.
Үстэ төхтүрүйэн ойууга Кэбээйиттэн атах оонньуутун маастара Яков Дмитриев 14 м 43 см түһэн инники таҕыста. Мэҥэ ыстаҥаһыттара Игорь Скрябин уонна Сергей Захаров тэбис-тэҥ көрдөрүүлэннилэр – 14 м 29 см. Өрөспүүбүлүкэ элбэх төгүллээх чемпиона, кинилэр биир дойдулаахтара Александр Григорьев лоп-бааччы икки миэтэрэҕэ турар планканы үрдүнэн ойдо. Кини саҕа “көтөр” киһи көстүбэтэ.
Уһуну ойууга 7 миэтэрэттэн ыраах түһээччини өрөспүүбүлүкэбитигэр дэҥҥэ көрбүппүт. Бастаан 70-с сылларга Уус Алдан Дыгдаалыттан Владимир Готовцев бастаан ол чэрчини ааспыта. Эдэр сааһыгар былдьаммыт спортсмен ити рекорда балайда турбута. Дьааҥыттан дэгиттэр кыанар Иван Горохов уонна Бүлүүттэн аатырбыт Василий Николаев эмиэ “сэттэни” ааһа түһэ сылдьыбыттара. Бүгүҥҥү күҥҥэ “Дыгын оонньууларын” түөрт төгүллээх чемпиона Егор Филиппов рекорда (7 м 30 см) эдэрдэри умсугута эрчиллиилэргэ, күрэхтэһиилэргэ көөчүктүү ыҥырар.
Майатааҕы спорт оскуола тренерэ Игорь Скрябин финалга түһүүлэригэр “сэттэни” иккитэ ааһа “көттө”. Уонна 7 м 02 см дьоһун түмүгүнэн маастарга кандидат нуорматын толордо.
Мантан ким сөпкө, ким сыыһа эрчиллибитин билэн, Бэрдьигэстээххэ ыытыллыахтаах “Манчаары оонньууларыгар” бэлэмнэниигэ сорохтор уларытыылары киллэриилэрэ көрдөрүүлэрин тупсарыа.