«Сөрүүкэтэр» утаҕы көрдүү сүүрбэт туһугар...
Самаан сайыммыт сатыылаан кэллэ. Дьыл бу кэмигэр “утаппыт” дьон, “сөрүүкэтэр” утаҕы көрдөөн, алкомаркеттан арахпаттар, “разливайкаларга” ордууланаллара элбиир. Сымыйа буолбатах, олоххо баар көстүү.
Биирдэ сай ортото командировкаттан дьиэлээн испиппит. Бэстээххэ сорохторбут маҕаһыыҥҥа киирбиттэрэ, атыттар массыынаҕа хаалбыппыт. Ол олордохпутуна, уулуссаҕа итирик киһи тэйбэҥнии сылдьарын көрөн, оччолорго бииргэ үлэлиир кэллиэгэм: “Абытай да, бачча куйааска “кыраадыс” эбиммэтэх ордук ини”, – диэн кэлэйбиттии саҥа аллайбыта.
Аһыы утахха ылларбыт киһи умайар уот куйааһы да, мутук тостор будулҕан тымныытын да билиммэт быһыылаах.
Хойутуу иликкинэ, эрэй эрдэтинэ...
Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансер нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр бэсиэдэлэри, лекциялары, араас тэрээһиннэри, аахсыйалары тиһигин быспакка ыытар. Маны таһынан, балыыһа реабилитационнай салаата аһыы утахха ылларбыт дьон чөллөрүгэр түһэллэригэр тирэх буолар. Ыарыһахтарга медицинскэй, психологическай көмөнү оҥорор. Бу саас диспансер Ийэ сылынан дьахталлары, ийэлэри көнөр суолга сирдиир “Шанс для мамы” диэн социальнай суолталаах бырайыагы олоххо киллэрэн эрэрин кэпсээбиппит. Бүгүн быраастар туһалаах сүбэлэрин бэчээттиибит.
– Билигин биэнсийэҕэ олоробун, үлэлээбэппин. Кэнники сылларга соҕотохсуйабын, тэһийбэппин. Сүрэҕим, иһим ыалдьар, утуйбакка эрэйи көрөбүн, араас санаалар үүйэ-хаайа туталлар. Иһэр буолбутум сылтан орто, бастаан пиибэттэн саҕалаабытым... Наркологка тиийиэхпин кыбыстабын, куораппыт кырата бэрт. Хайдах буолабын?
М., 50 саастаах.
Андросова С.В., клиническэй психолог:
– Киһи үтүө уонна мөкү өрүттэрин билинэр буоллаҕына, бэйэтин кыаҕын сөпкө туһанар. Ол иһин чопчу сыал туруорунан, ону ситиһэр соруктаах буолуохтаах. Эн түгэҥҥэр – аһыы утахтан туттунуу.
Бастакы хардыы – кыһалҕа баарын билинии.
Иккис хардыы – эппиэтинэһи бэйэҕэр ылыныы.
Эппиэтинэһэ суох буолуу эбэтэр сиэри таһынан үрдүк эппиэтинэһи сүгэр наадата суох. Бэйэ кыаҕын уонна күүһүн билинэр ордук!
Үһүс хардыы – сүрүн соругу быһаарыныы. Бастаан тугу гыныахтааххыттан саҕалаа.
Төрдүс хардыы – ыарахаттартан чаҕыйыма. “Оҥорор кыахтааххын эрэ оҥор, онтон көстөн иһиэҕэ” диэн санаанан салайтар. Туох да табыллыбат да буоллаҕына, тохтоон хаалыма.
Бэһис хардыы – өйдөө, олох түһүүлээх-тахсыылаах буолар. Кризис хаһан баҕарар баар. Ол эрээри күүскүн түмэн, ону кыайарга дьулус!
Бэйэбитигэр туох эрэ саҥаны, сонуну киллэрдэхпитинэ, олохпут уларыйар кыахтаах. Санаа күүһүнэн кэлбит ситиһии ордук күндү буолар.
Өйдөөҥ! Куһаҕан дьаллыкка ылларыы – эти-хааны, өйү-санааны айгыратар, олоҕу огдолутар ыарыы. Онон идэтийбит исписэлиискэ төһөнөн эрдэ кэлэҕит да, оччонон кини көмөтүнэн уонна бэйэҕит кыаххытынан сөпкө туһаныаххыт.
Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансер быһа линиятыгар кимҥитин эппэккэ эрийиэххитин сөп. Төл.: 89245911020. Итэҕэл төлөпүөнэ: 84112324416.
Арыгы – сүрэх, быар кыр өстөөҕө!
Ростовщикова Ю.В., Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансер психиатр-нарколог бырааһа:
– Стационарга үлэлээбитим тухары кэтээн көрдөхпүнэ, ыарыһахтар саастара “эдэримсийэн” иһэр. Ол курдук, 21-тэн 40-гар диэри саастаах дьон эмтэнэ киирэллэр. Хомойуох иһин, аһыы утах сүрэх уонна тымыр сорох ыарыытыгар туһалыыр диэн өйдөбүл норуокка киэҥник тарҕаммыт. Ол эрээри бу хобдох өйдөбүл эрдэтээҥҥи атеросклерозка тиэрдэрин, гипертония, сүрэх ишемическэй ыарыытын (ИБС), өлүү төрдө буоларын сорохтор билбэттэр.
Аҥаардас атеросклероһу ылан көрүҥ. Дьиҥэр, бу ыарыынан үксүн сааһырбыт дьон ыалдьар. Оттон арыгы хааҥҥа холестерины үрдэтэр, ол тымырдарга сөҥөн хаалар. Түмүгэр ыарыы “эдэримсийэр”. Иһэр дьон 10-15 сыл эрдэ атеросклероһунан ыалдьаллар. Салгыы “ситэн-сайдан”, сүрэх ишемическэй ыарыытыгар кубулуйар. Стенокардия уонна инфаркт миокарда диэн истибит буолуохтааххыт. Ити бу ыарыы көрүҥнэрэ. Онон аһыы утахха убаммыт киһиэхэ ИБС өссө сытыытык уонна кырыктаахтык киирэр.
Хаан баттааһынын үрдээһинэ – олоххо үгүстүк көстөр арыгылааһын содула. Бу ыарыы иһэр дьону 3 төгүл ордук буулуур.
Арыгылыыр киһи хааныгар адреналин уонна норадреналин диэн дабылыанньаны таһаарар бэссэстибэлэр үөскүүллэр. Онтон ыарыы улам ылан, инсульт курдук уодаһыннаах түмүккэ тиэрдиэн сөп.
Арыгы содулуттан сорох күөгэйэр күннэригэр сылдьар эдэр дьон сүрэхтэрин тэтимэ ыһыллар. Ол сылдьан эмискэ сүрэхтэрэ тохтуон сөп.
Аһыы утаҕынан сүрэҕи эмтээбэттэр. Арыгы – сүрэх кыр өстөөҕө. Доруобуйаҕытын харыстаныҥ, куһаҕан дьаллыктан аккаастаныҥ, исписэлиискэ көрдөрүнүҥ.
Козлова И.В., ультразвуковой диагностика бырааһа:
– Арыгы сүрэх-тымыр систиэмэтин урусхаллыырын таһынан, ас буһарар систиэмэни кэбирэтэр: ноору, быары, үөһү, куртаҕы уо.д.а. уорганнары сиир. Быарга хайдах дьайарын сиһилии көрүөххэ. Аһыы утахтан гепатоциттар айгырыыллар уонна өлөллөр, ону сэргэ, аһытар, чөлүгэр түһэрэр бырассыас кэһиллэр, ацетальдегид мунньуллар, онтон сүһүрүү саҕаланар, салгыы быар килиэккэлэригэр уларыйыы тахсар. Быар улаатар, үлэтэ кэһиллиэн сөп. Фиброз буолар, онтон “ситэн-силигилээн”, циррозка кубулуйуон сөп.
Быар ыарыыларын УЗИ, КТ, МРТ көмөтүнэн быһаарыллар. Биһиги диспансербытыгар УЗИ чинчийиитин барыахха, быар туругун билиэххэ сөп.
«Утаппыт» санааны хайдах хам баттыахха сөбүй?
Скрыбыкина М.Р., диспансер консультант-психиатра, нарколог:
– Аһыы утахха убаммыт дьон үксүн “тамахпыт хатан, пиибэ иһиэхпитин баҕарабыт» диэн билинэллэр. Кырдьык, сороҕор киһи оннук күүскэ утатар, ол эрээри арыгыга ылларбыт организм ону тулуйбат, “күүгэннээх сөрүүн утаҕы ис” диэн дьаһайыан сөп. Ону хайдах утарылаһыахха сөбүй?
Итинник “сымыйа утатыыны” атын убаҕаһынан солбуйуохха сөп. Тамаххыт хатта, хараххытыгар бытыылкалаах пиибэ көһүннэ? Маннык ыксаллаах түгэҥҥэ иһэр баҕа санаа күөдьүйбэтин курдук, ханнык баҕарар гаастаах утаҕы (гаастаах минеральнай уу ордук) өрүү илдьэ сылдьар буолуҥ. Элбэҕи иһиҥ, биир сырыыга хас да ыстакааны да буоллун. Көрөөрүҥ да, истээриҥ да – пиибэ иһэр баҕаҕыт ханнан хаалыа эбэтэр арыый да чэпчиэххит.
Чинчийии көрдөрбүтүнэн, виски, ром, текила, водка курдук күүстээх аһыы утахтары күөх чэйинэн, «пуэр» диэн кытай чэйинэн, итии сакалаатынан солбуйуохха сөп.
Вино оннугар үүт утахтары, протеиннаах коктейль иһиҥ. Судургу ньыма – биир ыстакаан үүккэ биир ньуоска мүөтү куттуҥ эбэтэр сылаас үүккэ банааны эбэн, протеиннаах коктейль оҥостуҥ.
Кыайан туттунумаары гыннаххына:
- киэһэтин саалаҕа дьарыктан, бассейҥҥа сырыт. Эти-хааны эрчийии ол-бу санааларгын киэр кыйдыаҕа. Дьарык кэмигэр уугун укта сырыт. Утаттаххына, пиибэ иһэр санаа киириэ суоҕа;
- итирдибэт пиибэни тумун. Итинник суррогаттар иһиэх санааны эбии күөдьүтүөхтэрин сөп. Ол оннугар сок эбэтэр квас атыыласпыт ордук;
- кваһы эбэтэр гаастаах утаҕы бокалга куттума. Сокка эбэтэр лимонадка туспа иһити ылын, бокалы хараҕыҥ далыттан суох гын, ханна эрэ ыраах уур.